Куйааска үлэ чааһа кылгыахтаах
Билигин өҥүрүк куйаас сатыылаан турар кэмигэр үлэһиттэр үлэлиир усулуобуйаларын тэрийиигэ ураты бэрээдэк олохтонуон сөп диэн Роспотребнадзор Саха сиринээҕи салаата иһитиннэрэр.
Ол курдук, тэрилтэ дьиэтигэр 28,5 кыраадыс сылаас турар эбит буоллаҕына, үлэ күнэ 1 чаас кылгаан биэриэхтээх. 29 кыраадыска – үлэ күнэ икки чаас кылгыыр, 30,5 кыраадыс итиигэ – 3 чаас.
Таһырдьа үлэлээччилэргэ, 32,5 кыраадыстан үөһээ куйаас буоллаҕына, үлэ 15-20-лии эрэ мүнүүтэ барыахтаах, 10-12 мүнүүтэ сөрүүн дьиэҕэ киирэн сөрүүкүөхтээхпит. Таһырдьа үлэлиир дьон маннык куйаас күннэргэ, анал таҥастаах-саптаах буоллахтарына, күҥҥэ 4-5 чаастан уһуннук үлэлиэ суохтаахтар. Күнтэн харыстыыр анал таҥаһа суох дьон 1,5-2 чаас үлэлииллэр.
Кондиционер үлэлиир тэрилтэ дьиэтигэр 24-25 кыраадыс сылаас туруохтаах, оччоҕуна организм сыыстарбат, тымныйбат.
Роспотребназор сүбэтигэр этиллэринэн, 32,5 үөһээ кыраадыска таһырдьа үлэлиир табыгаһа суох, 35-40 кыраадыс сылаас киһи доруобуйатыгар сэрэхтээҕинэн, кутталлааҕынан ааҕыллар.
Онон тэрилтэ салайааччылара үлэлиир усулуобуйаны халлаан туругуттан көрөн сааһылыыллара ирдэнэр. Маныаха таһырдьа үлэлээччилэр эбээһинэстэрин халлаан сөрүүдүйбүт кэмигэр көһөрөн биэриэхтэрин сөп. Маны таһынан өҥүрүк куйааска таһырдьааҥы үлэлэргэ 25-40 эрэ саастаахтары таһаарар ордук.
Маны тэҥэ, куйаас күҥҥэ ууну сөпкө иһии, үлэһиттэри иһэр уунан хааччыйыы тэриллиэхтээх.
Үлэ чааһын кыччаппатах тэрилтэлэр административнай ыстараапка тардыллыахтарын сөп. Манна икки буруйу оҥоруу бэлиэтэнэр:
Санитарнай быраабылалары кэһии, салгын температурата ирдэбиллэргэ эппиэттээбэт буоллаҕына:
Ыстараап 500-1000 солк. – дуоһунастаах сирэйдэртэн;
500-1000 солк. ыстараап эбэтэр 90 сууккаҕа үлэлэрин тохтоторго модьуйуу – предпринимателлэргэ;
10000-20000 солк. эбэтэр 90 сууккаҕа үлэлэрин тохтоторго модьуйуу – тэрилтэлэргэ.
Үлэ харыстабылын сокуонун кэһии (КоАП РФ 1 ч. 5.27.1 ыст.):
2000-5000 солк. – дуоһунастаах сирэйдэртэн;
2000-5000 – предпринимателлэргэ;
50000-80000 солк. – тэрилтэлэртэн.