«Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар» национальнай бырайыак чэрчитинэн быйылгы үлэ түмүктэнэн эрэр
Киин куорат уокуругар «Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар» национальнай бырайыак чэрчитинэн 2021 сылга былааннаммыт үлэлэр – өрөмүөн, саҥардан оҥоруу, хапытаалынай өрөмүөн уонна 48,2 км уһуннаах суолу тутуу түмүктэнэн эрэллэр. Бу туһунан Уокуруктааҕы дьаһалта пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Бары 36 эбийиэккэ аспааллааһын сүрүн үлэтэ түмүктэммит. Билиҥҥи туругунан Окружной шоссеҕа сырдатыы ситимин таҥаллар. Ити эбийиэги хамыыһыйа сэтинньи 15 күнүгэр тутара былааннанар, атын 35 эбийиэктэр түмүк аакталара оҥоһуллар.
«Главстрой» МХТ иһитиннэрбитинэн, сэтинньи 12 күнүнээҕи туругунан 44 км. тахса уһуннаах 35 эбийиэк үлэҕэ киирбит, олортон 29-һа 33,5 км. уһуннаах аспаал-бетон бүрүөһүннээх. Булкаас типтээх 10,6 км. уһуннаах 6 эбийиэккэ (буор суоллар) үлэ 100% түмүктэммит.
Муниципальнай хантыраакка олоҕуран, бары эбийиэктэргэ суол үлэтин түмүктэнэр болдьоҕо – сэтинньи 30 күнүгэр диэри.
Дьокуускай куорат «Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар» национальнай бырайыакка 2019 сылтан кыттар. Үс сыл тухары куорат суолун 100 км. нуормаҕа эппиэттиир турукка тиийбит. Биэс сыл иһигэр (2024 сылга диэри) суол 85 %-на нуормаҕа эппиэттиир гына оҥоһуллуохтаах.