«Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар» национальнай бырайыак чэрчитинэн 14 эбийиэккэ үлэ түмүктэннэ
Бүгүҥҥү күннээҕи туругунан, киин куоракка 48,25 км суолтан 20,55 км ууруллубут. Ити быйылгы өрөмүөн үлэтин 42 %-на. Ол туһунан сакаасчык «Главстрой» МКТ иһитиннэрэр.
Быйыл үлэҕэ киириэхтээх 36 эбийиэктэн сүрүн үлэ 14 эбийиэккэ түмүктэммит. Аспаал Эргэ Покровскайдыыр суолга, Луговой, Шевченко, Широких-Полянскай, Студенческай, Нагорнай уонна 26 партсъезд уулуссаларыгар, Кангалааска Молодежнай, Маҥан сэлиэнньэтигэр Кыайыы 40 сыла, Хатаска Каландаришвили, Пригороднай сэлиэнньэтигэр Пляжнай, Набережнай уонна Совхознай уулуссаларга ууруллубут. Щебень-кумах-гравий булкааһынан Тулагы сэлиэнньэтин элбэх оҕолоох ыалларын кыбартаалыгар тиийэр суол оҥоһуллубут. Ити этиллибит уулуссаларга суол ситэри тупсарыыта салҕанар.
«Главстрой» МКТ дириэктэрэ Афанасий Александров иһитиннэрбитинэн, аспаал ууруута Олег Кошевой, Иван Кульбертинов, Халтурин, Христофор Максимов уулуссаларыгар, Эргийэр шоссеҕа, Тулагыга Николаев уулуссатыгар ыытыллар. Быстах суоллары аспааллааһын үлэтэ Хатаска Ойуунускай уулуссатыгар уонна Табаҕаҕа элбэх оҕолоох ыаллар кыбартаалларыгар барар.
Бэдэрээччиктэр бэлэмнэнии үлэтин 9 эбийиэккэ – Авиатордар, Жуковскай, Покрышкин, Тэкки Одулок, Кутузов, Рыдзинскай уулуссаларыгар, Хатаска Сидор Алексеев, Мархаҕа Советскай, Тускул дьоҕус оройуоҥҥа Иосиф Николаев уулуссаларыгар ыыталлар. Клара Цеткин уонна Кангалааска Эргийэр суолга сири кытта үлэ бара турар. Рыдзинскай уулуссатыгар канализация уонна уу ситимнэрэ уларытыллар.
Үлэ графигынан, бэдэрээччик «РИК Автодор» АУо атырдьах ыйын күнүттэн Пилоттар уулуссаларын өрөмүөнүн саҕалыа, оттон Марха дьоҕус оройуонун Заводской уонна Интернациональнай уулуссаларыгар суол үлэтин балаҕан ыйыттан ыытыллыа.
Мэктиэлэммит эбэһээтэлистибэлэри толоруу хонтуруоллааһынын чэрчитинэн, «Главстрой» МКТ испэсэлиистэрэ 2019-2020 сыллардааҕы 45 эбийиэги бэрэбиэркэлээбиттэр, 604 итэҕэһи бэлиэтээбиттэр. Итинтэн билиҥҥи туругунан 552 итэҕэс туоратыллыбыт. «Дорисс» ПАУо СУ-5 Жорницкай уонна Петр Алексеев уулуссаларыгар сакаасчыт ыйбыт итэҕэстэрин туората сылдьар. Ол курдук, тротуар билиитэлэрин саҥаттан уурдарар.
Суол ситимин холбоһугун биир кэлим сайыннарар бырагыраама тэрээһиннэрин былаанын чэрчитинэн, Ленин проспега уулуссаттан – Хабаров уул., Краснояров уул. диэри, Пирогов уул., – Петр Алексеев, Жорницкай уул. диэри, Ильменскай – Чайковскай уул., Билибин уул. диэри, Тимирязев – Дежнев уул., оптуобус түмүк тохтобулугар диэри, Каландаришвили – Ленин проспегыттан Лермонтов уул. диэри, Поярков – Дзержинскэй уул. Октябрьскай уул. диэри, Федор Попов уонна Энергетиктар уул. быһа охсуһуута – Богдан Чижик уул. Кальвица уул. диэри, итини сэргэ речевой оскуолаҕа чугаһыыр суол оҥоһуутугар куонкурус биллэриллибит.
Санатан этэр буоллахха, тутуу, саҥардан тутуу, капитальнай өрөмүөн уонна суол өрөмүөнүн былааныгар быйыл, 2021 сылга, 59 км тахса усталаах 44 эбийиэк, итиэннэ 11 км тахса усталаах 8 быстах эбийиэк киирбиттэр. «Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар» национальнай бырайыак чэрчитинэн быйыл Дьокуускай куорат уулусса-суол ситимигэр бүддьүөттэн 2,2 млрд. солк. көрүллүбүт.
«Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар» национальнай бырайыак чэрчитинэн 5 сыл иһигэр Дьокуускай куоракка 2019-2024 сылларга суол 85 %-на тутуллан нуормаҕа эппиэттиир буолуохтаах.