Кустук өҥнөөх фонтан тула
От ыйын бүтэһик күннэрэ сырылатан куйаас да куйаас турдулар. Куорат олохтоохторугар уос номоҕор сылдьар «Прометей» түөлбэтигэр баар фонтан тула киэһэ аайы дьон бөҕө тоҕуоруһар. Оҕо дьоллоох күлүүтэ, сүүрүү-көтүү, кэлии-барыы манна баар. Оҕолорун, сиэннэрин арыаллаан, көннөрү сынньана кэлбит даҕаны дьон быыһа суох.
Массыынаттан түһээккин кытта, иэйэр-куойар муусука, ону кытта уу тыаһа кулгааххар кутулла түһэр. Чэбдик салгын, намыын тыал сирэйгин биллэр-биллибэттик ил гынан ааһар.
Фонтаҥҥа чугаһаан истэх аайы дьоллоох оҕо саас дьикти кэрэ эйгэтэ кууһар! Үөрбүт-көппүт кыргыттар, уолаттар чаҕаара күлэр саҥалара, ойор-тэбэр долгуннара кими баҕар тэҥҥэ үөрдэр-көтүтэр. Сотору-сотору аттыгынан бэлисипиэт мииммит, самокаты айааһаабыт оҕолор «сыр» гынан ааһаллар. Көлөһүн аллар күнүскү куйаас кэнниттэн ыраас, чэбдик салгынынан, оҕо аймах эйгэтинэн тулалана түһэриҥ кэрэтин!
Манна бэрт улахан балаһааккаҕа турар фонтан үс араас көрүҥүнэн уларыйан тыгар эбит. Ону кытта араас өҥнөөх уоттарынан оонньоон, уунан ыһыахтанан, «көрүҥ бу, мин кэрэбин» диэбиттии, үөһэ ыраахха диэри төлө көтөн тахсан, араастаан эриллэн-мускуллан, эргичийэн-урбачыйан, бэйэтин тула тыал үрэринэн уутун дэлэйдик ыһар-тоҕор. Ол аайы кыра дьон өссө үөрэр-көтөр, дьоллонор. Халыйа сытар уу ортотунан төттөрү-таары сүүрэр, ыстаҥалаан тэйиэккэлиир уолчаан атаҕыттан баһыгар диэри илийбитин кыһалҕа гыммакка, үөрэртэн-көтөртөн соло булбат. Кини аттыгар үстээх-түөртээх куудара баттахтаах кыргыттар фонтан ыһар уутугар айахтарын тоһуйа-тоһуйа, хас биирдии таммахтан күлэн бычыгыраһаллар, үөрүүлэрин үллэстэ, аҕаларыгар сүүрэкэлэһэллэр. Кырабын диэбэт иккилээх киһи самокатынан сүүрдэр, чуут охтуохча буоларын ийэлээх аҕата күөйэ тутан ылаллар. Фонтан ол аайы, «өссө бу баарбын» диэбиттии, муусукатын тыаһын тэтимирдэн ыларга дылы, ол барыта күн уотуттан «сэрээттэммит» сулус таммахтарынан доҕуһуолланар, үөһии-үөһэ, үрдүккэ өрүтэ үллэҥниир. Оҕолор барахсаттар үөрбүт-көппүт сирэйдэрин көрө олорон, ис-искиттэн бэйэҥ оҕолуу сырдыыгын, кинилэрдиин тэҥҥэ мэниктэһиэххин баҕараҕын.
Фонтан тула туспа ыраас, сырдык эйгэ. Киһини оннук турукка киллэрэр да буолан, дьон-сэргэ киэһэ сөбүлээн мустан эрдэҕэ. Оҕолору арыаллааччы ийэ, аҕа, эбээ, эһээ дьон элбэх. Аттыбар аҕамсыйбыт киһи олорор.
Баһылай, биэнсийэлээх:
– Баһылай диэммин. Куоракка, көрдөрүнэ, Бүлүүттэн кэлэ сылдьабын. Оҕолорбор бу дьиэлэргэ баарбын. Киэһэтин сөрүүкүүргэ, сынньанан олоро түһэргэ дьоһун миэстэ эбит.
Лера, Саша:
– Кырачаан киһибитин бу фонтаҥҥа анаан-минээн аҕалабыт. Мантан олох барыан баҕарбат. Бэйэбит ДСК оройуонугар олоробут.
Мария Ивановна, биэнсийэлээх:
– Таас дьиэ итиититтэн, киэһэ буолла даҕаны, сиэммин илдьэ манна тахсабыт. Киһини сөрүүкэтэрэ дьоһуннаах. Оҕолор котокулар, сүүрэн-көтөн, күннэрэ тахсар сирдэрэ.
Оксана, эдэр ийэ:
– Олорор олбуорбутугар маннык сынньанар сирдээхпититтэн олус астынабыт. Оҕону күүлэйдэтэргэ наһаа табыгастаах. Улахаттарым онно балаһааккаҕа оонньуу сылдьаллар, – диэт, ийэ фонтан биир өттүгэр баар оҕо оонньуур балаһааккатын диэки көрөр. – Оттон кырам мантан арахпат. Онон икки өттүгэр сүүрэ сылдьан, киэһэбит маннык бүтэр.
«Прометей» түөлбэ кэпсээҥҥэ сылдьар фонтана, чахчы даҕаны, киһи дууһалыын сынньанар, сөрүүкүүр сирэ эбит! Тулата сибэккинэн симэммит, сиэдэрэй оҥоһуулаах сибэкки олордор анал сирдэрдээх. Оҕо аймахха туһуламмыт остуоруйа, ойуулук дьоруойдарын дьоҕус скульптуралара киһи хараҕын үөрдэр. Бэлисипиэт тэбэр анал суол кыйа тимир эрэһээҥкэнэн оҥоһуллубута, төрөппүт оҕотун куттала суох ыытар кыахтаах.
Фонтан территориятын тула олордуллубут мастар аҕыйах сылынан саадка кубулуйууһуктар.
Тапталлаах Дьокуускайбыт киинигэр билигин Орджоникидзе болуоссатыгар баар фонтан эмиэ сайын устата оҕо аймах сөбүлээн мустар сирэ. Сотору аны Ленин болуоссатыгар Дьокуускай куоракка эрэ буолуо дуо, бүтүн Саха сиригэр суох фонтан баар буолуоҕа.
«Саҥа тутуллар «Звезднай» уонна «Спортивнай» түөлбэлэр ситтэхтэринэ-хоттохторуна, эмиэ маннык кыраһыабай, нэһилиэнньэҕэ табыгастаах, дьон-сэргэ сөбүлээн олорор, дуоһуйа сынньанар оройуоннара буолуохтара» диэн сырдык санаалары саҕар «Прометей» фонтана.
Хаартыскалар: ааптар түһэриилэрэ.