13.12.2021 | 15:00

«Кус» рамен, «Дьөһөгөй» сашими, «Сугун» моти...

«Кус» рамен, «Дьөһөгөй» сашими, «Сугун» моти...
Ааптар: Айыына Ксенофонтова
Бөлөххө киир

«Киин куорат» хаһыат икки күн тус-туспа суоллаах-иистээх, ураты истииллээх рестораннарга ыалдьыттаата, ас амтаннааҕын амсайда, астына-дуоһуйа сынньанна.

Иллээх-эйэлээх хамаанда — ситиһии төрдө

“Мацури” – дьоппуон тылыттан “бырааһынньык” диэн тылбаастанар. Бу киэһэ ресторан ыҥырыылаах ыалдьыттарын аан айаҕыттан ытыс үрдүгэр түһэрдэ, итии чэйинэн, кофенан күндүлүү көрүстэ.

Ыалдьыттар ресторан төрүт аһы уонна японскай истиили дьүөрэлиир гастрономическай сетын биһирээтилэр.

Ол курдук, сашимиларын “Дьөһөгөй”, гедзаларын “Якутяночка”, мотиларын (десерт) “Сугун”, раменнарын “Кус” диэн ааттаабыттар. Кус сиэбэтэхпит ыраатта, хата, амсайдыбыт диэн үөрбүт дьон үгүс буолла. Аны туран, бүлүүдэлэригэр олохтоох бородууксуйаны хото туһаммыттар. Куонкурус бу сүрүн ирдэбилэ этэ. Холобур, “Саюри” тэпилииссэ оҕуруотун аһа, Өлүөхүмэ кедр эриэхэтэ, Эдьигээн сугуна, убаһа этэ, быара, отон, хаптаҕас сиэдэрэй бүлүүдэлэри тупсарбыттар.

Кэрэхсэбиллээх киэһэни Вера Аюми мантранан уонна нарын-намчы кыргыттар үҥкүүлэринэн киэргэттилэр.

Ханнык баҕарар хамаанда ситиһиитэ салайааччыттан тутулуктаах. “Мацури” үлэтин-хамнаһын управляющай Кира Ефремова сатабыллаахтык дьаһайарын бэлиэтии көрдүбүт. Остуолга ас-үөл, утах кэмигэр кэлэр, иһит-хомуос уларыйа турар. Үлэһиттэр бары биир ыал оҕолорун курдук көмөлөсүһэллэр.

Сунтаартан төрүттээх эдэр шеф-повар Никита Парфёнов ийэтэ асчыт буолан, кыра эрдэҕиттэн элбэххэ үөрэммит.

– “Мацурига” иккис сылбын үлэлиибин, бу сэтинньи ыйга шеф-поварынан анаммытым. Былырыын “Саха сирин амтана” бэстибээлгэ бастакыбын кыттыбытым.

Уоппускам кэмигэр Сунтаарга кустаан кэлбитим. Ол иһин кустаах рамены астыыр эбиппит диэн толкуйдаабыппыт.   

Бүгүҥҥү менюттан технологиятынан уустук бүлүүдэнэн гёдзаны ааттыыбын. Оҕуруот аһа таба этин амтанын баһыйбатын диэн сыалбытын ситистибит. Соуһа – отон. Онон хатыламмат амтаны биэрэр.

Номнуо ахсыс сылын үлэлиир ресторан куорат олохтоохторо уонна ыалдьыттара сөбүлээн мустар, сынньанар сирдэригэр кубулуйда.

 

Остуоруйа минньигэс киэһэтэ

Кулааһай этиттэн соустаах “Тар тары” амсайбыккыт дуо? Чыыр балыктан цитрус амтаннаах “Севиче” астыахха сөп эбит. Ону “Леман” ресто-барга сылдьан биллибит-көрдүбүт.

Кэрэхсэбиллээх киэһэбит чэйи иһии сиэриттэн-туомуттан саҕаланна. “Леман” хамаандата күрэххэ ох курдук оҥостубут, дьүүллүүр сүбэҕэ, ыалдьыттарга бииртэн биир соһуччу түгэннэри бэлэмнээбит. Ол курдук, тэриэлкэлэригэр “Зима начинается с Якутии” диэн сурук түһэртэрбиттэр. Бүлүүдэлэрин саха, эбээн, эбэҥки, юкагир, чукча остуоруйаларыгар олоҕуран астаабыттар. Биэс  бүлүүдэ – биэс остуоруйа. Ыытааччы кэпсиир кэмигэр экраҥҥа ойуу тахса турда. Ол кэннэ ыалдьыттарга дьэрэкээн аккырыыккалары бэлэх ууннулар.

Ресторан асчыттара бүлүүдэлэригэр Амма сыырын, Саха сирин отоннорун хото туһаммыттар. Кинилэр соус хайдах курдук аһы тупсарарын, амтанын ураты оҥорорун бэркэ билэллэрин биһирээтибит. “Леман” хамаандата бүлүүдэни остуолга тупсаҕайдык уурарын таһынан, ону шоуга кубулутарын сэргээтибит. Ол курдук, десерт кэлиитэ умнуллубат түгэҥҥэ кубулуйда. Тэрээһини модельер-дизайнер Лидия Будищева коллекцията киэргэттэ.

Шеф-повар Анжела Стрельцова Мэҥэ Хаҥаластан төрүттээх.

Мин юрист идэлээхпин. Ол эрээри асчыт буолар аналлаах эбиппин. Үлэбин олус таптыыбын. Кыра эрдэхпиттэн астыырбын сөбүлүүбүн. Бастаан пицца, суши астыыр уонна дьоҥҥо тиэрдэр өҥөнү оҥорор тэрилтэҕэ үлэлээбитим. Онтон ыла умсулҕаннаах айаным саҕаламмыта. Бу рестораҥҥа балтараа сыл шеф-повардыыбын. Кэлээт даҕаны, тута менюну уларыппытым. Саҥаттан саҥа бүлүүдэ элбиирин туһугар кыһаллабын. Дьоллоох сирэйдэри, үөрбүт-көппүт дьону көрөн кынаттанабын.  “Леман” дьон-сэргэ сөбүлээн сылдьар сирэ буолуон баҕарабын, – диэн кэпсээтэ. 

Дьүүллүүр сүбэ бэрэссэдээтэлэ Николай Габышев: “Бэлэмнэммиккитин бэлиэтии көрдүм. Бүлүүдэ барыта интэриэһинэй. Убаһа ойоҕоһун олус сөбүлээтим”, – диэтэ. Ол эрээри инникитин тэриэлкэлэргитин уларытыҥ, хас биирдии бүлүүдэ анал тэриэлкэҕэ ууруллуохтаах диэн сүбэлээтэ. Дьүүллүүр сүбэ бүлүүдэ барыта остуоруйаҕа олоҕурбутун, остуолга ууруу сиэрэ-туома уратытын биһирээтэ. Ол эрээри олус өр күүттэриилээх эбит диэн санаатын аһаҕастык эттэ.

 

Гастрономическай туризм сайдар кыахтаах

Ахсынньы 5 күнүгэр “Саха сирин амтана” гастрономическай бэстибээл түмүктэннэ, кыайыылаахтары биллэрдэ. Быйыл күрэххэ 11 тэрилтэ кытынна.

Татьяна Тымырова, Саха сирин ресторатордарын, отельердарын уонна туризмын Национальнай ассоциациятын бэрэссэдээтэлэ:

Саха сирин гастрономическай историятын оҥоро сылдьарбытыттан олус үөрэбин. Бэстибээлбит ыытылларыгар хас биирдии кыттааччы, тэрийээччи бэйэтин дьоһун кылаатын киллэрдэ. Бу барыта – хамаанда үлэтин түмүгэ.

Билиҥҥи үгүс хааччахтаах уустук кэмҥэ кыттыбыт тэрилтэлэри геройдар диэхпин баҕарабын. Быйыл үгүс    ресторатордар Арассыыйа биллэр-көстөр шеф-повардарын ыҥырбыттарын бэлиэтии көрдүм.

Гастрономическай култуурабыт таһыма сыл аайы үрдүү турар. Бэстибээлгэ кыттар шеф-повардар саҥаттан саҥаны арыйаллар. Олохтоох аспыт-үөлбүт сырыы аайы сонуннук, уратытык көстөр.

Биһиги Саха сиригэр гастрономическай туризм сайдар кыахтаах диэн киэн тутта этиэхпитин сөп.

Татьяна Александровна бары тэрийээччилэргэ, кыттааччыларга махтанна. 

***

“Саха сирин амтана” бэстибээл төрүт аспыт киэн туттуубут буоларын бигэргэттэ, аар тайҕа, айгыр-силик айылҕа бэлэхтэрин ханнык баҕарар омук куукунатыгар таба туһаныахха сөбүн туоһулаата. Ону таһынан кыыдааннаах кырыа кыһыммыт кэрэ көстүүлэрин көрдөрдө: дьүкээбил суһумнуур уотун, хаар үллүктээх хоту дойду ураты тымныытын, тыалын, чысхаанын.

“Саха сирин амтана” бэстибээл биир ураты тэрээһининэн Ю.А. Готовцев аатынан Дьокуускайдааҕы сервис технологическай техникумугар ыытыллыбыт устудьуоннарга аналлаах күрэҕин ааттыыбыт. Манна Намтан, Сунтаартан, Дьокуускайтан барыта түөрт хамаанда кытынна. Эдэр асчыттар бэйэлэрин билиилэрин, сатабылларын, талааннарын көрдөрдүлэр. Тэрээһин туһунан сиһилии кэлэр нүөмэргэ ааҕыҥ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ылланарга айыллыбыт олох
Дьон | 11.10.2024 | 12:00
Ылланарга айыллыбыт олох
Хаһааҥҥытааҕар даҕаны ардахтаах күһүн буолла. Уһун ардахтарга өйбөр куруутун “Тохтообокко ардах түһэр, Түннүкпэр таммаҕы ыһар...” ырыа тыллара ытыллар.   Биһиги көлүөнэ оҕолор үрдүкү кылаастартан саҕалаан “Ардахха санаа” ырыаны истэ улааппыппыт. Оччолорго, биллэн турар, ким тыла, ким матыыба буоларын улаханнык билэ да сатаабат этибит. Ырыа баар да баар. Киһи олоҕун кэрдиис кэмнэринэн...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины”  нойосуус билиим»
Дьон | 10.10.2024 | 10:00
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины” нойосуус билиим»
Саха киһитэ тыйаатыры, артыыстары олус ытыгылаан  ылынар ураты көрөөччү. Ол оруоллары ураннык толорор артыыстартан сүдү тутулуктааҕын саарбахтаабаппын. Оннук биир үтүө киһи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище “көмүс выпускнига” Борис Иванович Борисовы кытта өрөгөйдөөх 75 сааһынан сэһэргэстибит.   – Артыыс буолар баҕа санаа оҕо эрдэххиттэн баара дуу? –...