“Кус көҥүлэ”: олох уонна абсурд дьүөрэлэһиитэ
«Кус көҥүлэ» испэктээги куйаас күҥҥэ кыынньа турар кымыстаах чорооҥҥо холуохха сөп. Эбэтэр оргуйа турар, субу куотаары, таһынан бараары ыксатар күөскэ. Көрөөччү дьоруойдары кытта ууга-уокка түһэн, эмиэ да чуумпуран, уоскуйан ылар. Сергей Потапов киһи иһин-таһын оннук өрө сахсыйар, өйүн күөрчэхтии ытыйар, уйулҕатын ыаҕастаах уулуу дьалкыҥнатар. Сыанаҕа эмиэ да абсурд, эмиэ да олоххо баар кырдьык. Ол туһунан бүгүҥҥү нүөмэргэ саас-сааһынан.
Биир кыһыҥҥы үтүө күн, тохсунньу томороон тымныытыгар “Кус көҥүлүгэр” ыҥырылынным. Саха театрыгар Александр Вампилов “Утиная охота” пьесатынан Сергей Потапов туруорбут испэктээгэ. Ааттыын да умсугутар, угуйар.
Аҕыйах тылынан билиһиннэрдэххэ
Пьесаҕа оонньуур дьон ааттара уларыйбытын, дьоруойдар кэриэй омукка кубулуйбуттарын бастаан атыҥырыы, онтон сонургуу саныыгын. Потаповтан оннугу күүтүөххэ сөп. Ол курдук, Зилов – Чхон Виен Пак, Галина – Чхон Мэй Пак, Вера – Хуан Хи, Ирина – Ён Со, Кушак – тойон Ли, Саяпин – Сай Пын, Валерия – хотун Сай Пын, Кузаков – Лао, о.д.а. буолбуттар.
Жанра – кэриэй дорамата. Дьэ, бу дьикти. “Туохпутуй ол?”– диэн соһуйбуттар бааллар. Манна даҕатан эттэххэ, Сергей Потапов “Кус көҥүлүн” аар-саарга аатырбыт режиссер Ким Ки Дук сырдык кэриэһигэр анаабыт.
Ким Ки Дук – Соҕуруу Корея аатырбыт режиссера. “Золотой лев” Венециятааҕы киинэ бэстибээлин кыайыылааҕа. Киинэ сайдыытыгар үтүөтүн-өҥөтүн, наҕараадатын, ситиһиитин ааҕан сиппэккин. Ким Ки Дук ааспыт сыл ахсынньытыгар коронавирус дьаҥыттан өрүттүбэккэ, биһиги кэккэбититтэн туораабыта.
Тот киһиэхэ сыа да сымсах
Омос көрдөххө, сүрүн дьоруойга, ол эбэтэр Виеҥҥэ (Зиловка) туга барыта баар: кэргэннээх, үлэлээх, доҕоттордоох. Саҥа дьиэҕэ киирэр үөрүүтүн-көтүүтүн доҕотторун кытта үллэстэр. Этэргэ дылы, ньир-бааччы олор ээ диэх курдук.
Арай олоҕун аргыһын кытта олорбуттара ырааппыт эрээри, баччааҥҥа диэри оҕоломмотохтор. Биир үтүө күн кэргэнэ: “Оҕолонорбут уолдьаста”, – диэн көрөр даҕаны, суох, киһитэ истэ да барбат, кэпсэтиини улахаҥҥа уурбат.
Кини урукку көссүүтүн быраҕар, саҥа дьахтары булунар. Виен Ён Со кэллэҕинэ сирэйдиин-харахтыын сырдыырын көрөн, көрөөччү кинилэр тапталларыгар итэҕэйэн иһэн, бу эмиэ быстах сыһыан буоларын билэн кэлэйэр.
Тот киһиэхэ сыа да сымсах. Киһи туга барыта баар буоллаҕына, ону сыаналаабат. Чхон Виен Пак (Зилов) оннук. Саатар, аҕата ыалдьан суруйбутун итэҕэйбэт, улахаҥҥа уурбат. Чугас киһитэ суох буолбутун кэннэ биирдэ кэмсинэр.
Көрүнньүк олох
Виен кэргэнин кытта бастаан утаа бэрт иллээх-эйэлээх курдуктар. Баҕа санаалара туолан, саҥа дьиэҕэ киирэн, биир кэм дьоллоохтор. Ол эрээри кинилэр тэйсибиттэрэ ырааппыт. “Дьиэ кэргэҥҥэ итэҕэйсии баар буолуохтаах”, – диир Виен. Ханна баарый? Эр киһи уора-көстө көссүүлэһэр. Ойоҕо оҕо сааһын доҕорун кытта кистии-саба суруйсар.
“Доҕоттор” диэн ааттаах дьон кинини абааһы көрөллөр. Тугу туһаналларын эрэ толкуйдууллар. Сүбэ-ама, күүс-көмө буолар киһи суох.
Зилов үлэтигэр эмиэ буоллун-хааллын, ээл-дээл сыһыаннаһар. Хонтуораҕа хаҕа эрэ олорор.
Виен олоҕо – харах баайыыта. Туос сымыйа.
Көр-күлүү уонна курус санаа
Испэктээк настарыанньата көрүөх бэтэрээ өттүгэр уларыйа охсор. Дьоруойдар малааһыннара көр-күлүү курдук ааһар. Солуута суохтан саһыгыраһаллар, кыраттан үөрэн көтүөккэлииллэр, ойон туран үҥкүүлүүллэр.
Онтон көрөөччүнү сыыйа-баайа курус санаа хам кууһар. Ол испэктээк бүтүөр диэри дириҥээн иһэр.
Уруккуну төнүннэрбэккин
Виен уонна Мэй хайдах билсибиттэрин саныыллар, тапталга куустарбыт дьоллоох кэмнэрин эргитэ сатыыллар. Суох. Сыл-хонук ааһар. Олох устар. Киһи уларыйар. Кинилэр истиҥ сыһыаннара хайыы-үйэ симэлийбит, тапталларын уота умуллубут, сүрэхтэрэ мууһурбут. “Биһиги иэдээммит – аһаҕастык кэпсэппэппит”, – дииллэр дьоруойдар. Кырдьык, билиҥҥи үйэҕэ ирэ-хоро, иэйэ-куойа сэһэргэһии, тыыннаах кэпсэтии барыбытыгар да тиийбэт.
Киһи барахсан сатаабатаҕа, кыайбатаҕа суох. Ол эрээри, хомойуох иһин, хайдах да уруккуну төнүннэрэр кыаҕа суох. Баҕар, ытаатын, баҕар, ыллаатын. Арай ааспыты ахтыан, сылаастык саныан эрэ сөп. Бүттэ. Бу – олох кырдьыга.
Таҥнары түһүү
Испэктээккэ иннинэн сирэйдээх сиэр-майгы өттүнэн сатарыйыыта көстөр. Сыанаҕа урукку, билиҥҥи олох мөкү өрүттэрэ, куһаҕан кэмэлдьилэрэ биир-биир күөрэйэн иһэллэр. Арыгылааһын, көссүүлэһии, таҥнарыы... Режиссер иэгэйэр икки атахтаахха баар түктэри быһыылары хостоон таһаарар: албын-көлдьүн, иҥсэ-обот буолуу, ордугурҕааһын, күнүү... Кырдьык, бу диэн эттэххэ, былыр да, билигин да сирэй көрбөхтөр, ньылаҥсалар, тойоҥҥо-хотуҥҥа бэрт буола сатааччылар ханна барыахтарай?
Сүрүн дьоруой бу олох хобдох көстүүлэрин көрө үөрэнэн хаалан, сирэйин тириитэ улам халыҥыыр, туохтан да сааппат-кыбыстыбат буолар, суобаһын сүтэрэр.
Уопсайынан, сыанаҕа кэрээнэ суох кэбилэнии, киһи олоҕо таҥнары түһүүтэ, нууччалыы эттэххэ, деградацията көстөр. Бу уобараһынан суруйааччы уонна режиссер тугу этэ сатаабыттара буолуой? Ону хас биирдии ааҕааччы (көрөөччү) хайдах өйдүүрүнэн ылынар, түмүгү бэйэтэ оҥорон таһаарар.
Утарсыылаах уобарас
Сүрүн дьоруой көрөөччүнү бэйэтиттэн тэйитэр, эмиэ да аһыннарар. Кини маннык дьылҕаламмытыгар ким буруйдааҕый?
Олоҕо тыаллаах күҥҥэ күөл ортотугар киирбит оҥочолуу түөрэҥнээн баран түҥнэстэр, хас биирдии хардыыта, хамсаныыта бүтэр уһуга биллибэт албыҥҥа кубулуйар. Сиигинэн хайа барбыт таҥаһы абырахтаан абыраммаккын. Син биир өр барбат. Ол тэҥэ, Виен олоҕун уларыта, көнөр суолу көрдүү сатыыр да, туһата суох. Илиитин уунар, бу оборчоттон ороон таһаарар, быыһыыр кимэ да суох.
Дьоруой сирэйэ-хараҕа уларыйан истэҕин аайы сыанаҕа ииримтийии саҕаланар. Кинини хайыы-үйэ сымыйа, көрүнньүк олох ытарчалыы ылбыт. Ханна да куотар кыаҕа суох буолбутуттан ыксыыр. Үүт-хайаҕас көстүбэт, аан барыта сабыллар. Виен (Зилов) сыанаҕа төттөрү-таары хаамыталыыра кини ыгылыйыытын туоһулуур. Хаайтарыы, хааччах кинини хабарҕалыыр, муҥур уһукка тиэрдэр. Бу уустук оруолу Альберт Алексеев итэҕэтиилээхтик толорор.
Бэйэттэн куотунуу
Виен (Зилов) кус көҥүлүн көһүтэр, бултуу барар күнүн-дьылын ааҕар. Дьиҥэр, кини оннук айылаах сорсуннаах сонордьут, байанайдаах булчут буолбатах. Ойоҕо: “Сымыйанан бэлэмнэммитэ, тэриммитэ буолар”, – диэн күлүү-элэк гынар.
Булт – бэйэттэн куотунуу, көрүнньүк олохтон быыһаныы бэлиэтэ. Ону испэктээк бүтүүтэ өйдүүгүн.
Сергей Потапов соһутарын сатыыр. Биир бэйэм ураты суоллаах-иистээх, туһунан буочардаах режиссертан өрүү сонуну, атыны кэтэһэбин. Кини биир эмэ туруоруутугар чуҥкуйбуппун, чаһы хас буолбутун кэтээбиппин, антракт саҕаланарын, испэктээк бүтэрин күүппүппүн-көһүппүппүн бу диэн өйдөөбөт эбиппин. Бу сырыыга эмиэ оннук.
“Кус көҥүлүн” сүрүн уратыта – дьүөрэлэспэти холбуу тутуу. Александр Вампилов пьесата, Сергей Потапов туруоруута, кэриэй дорамата, Кирилл Семенов сахалыы тылбааһа. Санаатахха эрэ, хааһы да саламаат. Ол эрээри барыта орун-оннугар.
Сыанаҕа ордук хос туох да суох. Кэриэйдии уйаҕас ырыалар, таҥас-сап. Артыыстар бэйэлэрэ да кэриэй курдуктар. Сирэйдиин-харахтыын, туттардыын-хаптардыын.
Түмүк оннугар
Билигин, пандемия сатыылаан турар кэмигэр, иннибит-кэннибит биллибэт. Иннин тымтыктанан көрбүт суох эрээри, сарсыҥҥы күҥҥэ эрэлбит суох. Хоруоналаах вирус аан дойду олоҕун атыйахтыы аймаата, бары эйгэни түөрэҥнэттэ. Киһи аймах кэбирэҕин көрдөрдө. Муммут-тэммит элбээтэ, байааттаҥнаабыт баһаам буолла. Олох очурдарыгар оҕустарбыт, санаата самныбыт дьон үгүс. Ол аата биһиги ортобутугар Зиловтар элбэхтэр. Кинилэргэ сөптөөх суолу ким сирдиэй?
Эмиэ да күннээҕи олоххо баар, эмиэ да омуннаах-төлөннөөх, дарбатыылаах. Ыһыллыы-тоҕуллуу, булкуллуу-тэккиллии, хараҥаҕа харбыалаһыы, им-балайга балайданыы...
Сүүс киһи санаата биир буолбат
Мария Андреева, “Библиотека тиһигин киинэ” муниципальнай бүддьүөт тэрилтэтин дириэктэрэ:
–Саха театрыгар нуучча пьесатынан кэриэй дорамата? Абсурд дии саныыгыт? Суох, оннук буолбатах!
Мааската суох соҕотох дьоруой хас биирдии киһи дууһатын таарыйар. Потапов олох мөкү өрүттэрин хостоон таһаарарын сатыыр.
Биир ыйытыы – дьоппуон Нарутота кэриэй дораматыгар тугу гына сылдьарый? Кини сурук аҕалан биэрэригэр эрэ кэпсэтэр, үксүн саҥата суох дьоруойдар өйө суох быһыыланалларын туораттан көрөөччү оруолун толорор.
Киһи бэйэтиттэн кыайан куоппат. Ол иһин режиссер испэктээги итинник түмүктээбитэ өйдөнөр.
Ираида Попова, “Полярная звезда” сурунаал эппиэттиир сэкирэтээрэ, Арассыыйа Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ:
– Вампилов пьесата үс оонньуулаах. Оттон Сергей Потапов көрүүтүнэн икки оонньуулаах испэктээк буолан тахсыбыт. Зилов сарсыарда уһуктар, киниэхэ ким эрэ эрийэр, онтон венок ыыталлар. Алта ретроспекция санаа киирэн биэрэр.
Испэктээк дьон бэйэ икки ардыгар ыарахан сыһыанын, албын киһи олоҕун алдьатарын көрдөрөр. Зилов бэйэмсэх быһыыта, атын түктэри кэмэлдьилэрэ киниэхэ угаайы буолаллар, тиһэҕэр тиэрдэллэр.
Потапов айымньы бүтүүтүн уларыппыт, Зилов бэйэтигэр тиийинэринэн түмүктээбит. Маны дьоҥҥо сэрэтии курдук өйдүөххэ сөп. Кырдьык, билигин олохпут ыараан, киһи аймах кэбирээн иһэр.
Аатын эппэтэх көрөөччү:
– Мин олох сөбүлээбэтим. Бырастыы гыныҥ, маннык испэктээктэри Саха театрыгар көрүөхпүн баҕарбаппын. Кэлбиппин кэмсинним. Саха классикатын сүгүрүйээччитэбин. Онон итинник омугумсуйуунан үлүһүйэри сэҥээрбэппин. Чэ, олоххо баар көстүү. Ол эрээри биир бэйэм испэр киллэрбэтим.