26.11.2023 | 10:00

Кураан

Кураан
Ааптар: Сюзанна КОНДАКОВА
Бөлөххө киир

Куйааһыан! Сайыммыт эмиэ курааннаары, күн сытыытык даҕаны тыгар.

– Эбээ, үчүгэй дии, сайын куруук маннык күннээх буолара.

– Ээ, оҕом сыыһа эн тугу билээхтиэххиний?! Күн кыһалҕата суох оонньуургун бил, тоҕойум,– диэт, эбээ сиэнин кэтэҕиттэн “сык” гына сыллаан ылла.

– Эбээ, эн тоҕо куйаас күн наар сытан тахсаҕыный? Туохтан санаарҕыыгын? Кэпсээриий, эбээ.

– Ол истиэҥ дуо, тулуйан?

– Истиэм, эбээ, истиэм.

– Чэ, оччоҕо болҕойон иһит уонна, улааттаххына, оҕолоргор кэпсээр.

***

Былыр, мин кыра кыыс эрдэхпинэ, аҕабыт сэрии бастакы хомууругар барбыта. Ийэм барахсан икки уу кырбас оҕолорунуун, онно эбии хат  хаалаахтаабыта. Мин оччолорго алта-сэттэ саастаах этим. Дьонум саҥа балаҕан туттан, бэрт үчүгэйдик олохторун саҕалаабыттарын кэлин билбитим. Аҕам барбытын утаа ийэм барахсан сарсыарда тыҥ хатыыта үлэлии барара уонна киэһэ күн киирбитин кэннэ кэлэрэ. Инники кини үксүн дьиэ таһыгар сылдьарыгар үөрэммит оҕолорго итинник барара-кэлэрэ олус ыарахан буолара. Кыра оҕолоохпун диэн ким даҕаны үлэттэн маппат кэмнэрэ үүммүттэрэ.

Өскөтүн улахан оҕолору үлэҕэ эмиэ соруйар буоллахтарына, кыралары  баайталаан хаалларар этилэр, олох кыралары, охтубатыннар диэн, өрбөҕүнэн ороҥҥо кэлгийэллэрэ. Ийэбит миигин, улахан киһини, үксүн оҕо көрдөрө хаалларара.

Олус ыарахан кэмнэр этэ.

От, бурдук үүммэккэ, дьоҥҥо-сэргэҕэ улахан аймалҕаннаах сыллар турбуттара. Дүөдэлэр, күөллэр оҥоһо уолбуттара. Сороҕор оҕолорго аһыҥа хомуйтараллара, ол да хомуйтаран, тугу даҕаны туһамматахтара. Инники икки кыстыгы сорунан туораабыт буоллахпытына, олох ыарахан дьыл кэлиэҕин дьон салла саныы сылдьыбыта.

Ол кэмҥэ куораттан тойоттор тахсаннар, дьону мунньан, көһүү бирикээһин аахпыттара. Биһиги ыалы Кэбээйи курдук ыраах сиргэ барарга модьуйбуттара. Барбатаххытына хаайыыга утаарыллаҕыт диэн кытаанах этиилээх этилэр. Кырдьык да, бу диэки кэлбэтэхпит буоллар, антах сутаан, элбэх киһи, сүөһү охтуохтаах этэ. Инньэ гынан, бэйэм өйдүүрбүнэн, бэрт кыра таһаҕастаах, лимиит бурдуктаах, ийэм барахсан харах уулаах икки оҕотун сиэтэн, биир оҕотун көтөҕөн, айаҥҥа туруммуппут.

Айаммыт олус сылаалаах этэ. Баарса кэлиэхтээх сирэ чугаһа суох эбит этэ. Өр да өр айаннаабыппыт. Дойдубутуттан тэйэн истэхпит ахсын, бырдах аһылыга буолан, хаһыҥныы турар кэмҥэ хас даҕаны сиргэ аһаҕас халлаан анныгар хонон туран тиийбиппит. Онно да тиийэн бу кэлэн турар диэбит баарсалара хас да күн кэтэһиннэрбитэ. Аҕыйах таҥас сыыстаах дьон аны ардахха баттатан, олус тоҥмуппун өйдүүбүн. Аһылык олох суоҕун кэриэтэ этэ. Хас даҕаны күн кэтэһиннэрэн баарсабыт кэлбитэ эрээри, олус илистибит буоланнар, аны кинилэри кытта биир хонон турбуппут. Кыра кыыспыт сэбиргэхтэтэн, ытабыла-соҥобула аһары күүстээҕэ, дьон айманан, уйадыйан, тэҥҥэ ытаһаллара. Уунан айаммыт үһүс дуу, төрдүс дуу күнүгэр оҕобут барахсан сииккэ, тымныыга сыыстаран бараахтаабыта. Кырата да бэрт этэ. Оҕобут эрэйдээҕи, өссө даҕаны айаммыт уһун диэннэр, ууга ыыппыттара. Ийэм аҕатын курдук киһилии хараллыбата диэн ытаабыта. Мин онно саҥа билбитим, аҕабытыттан сураҕа суох сүттэ диэн хара сурук кэлбитин. Ийэм олус даҕаны тулуурдаах дьахтар эбит этэ, бу санаатахха.

Уонтан тахса күн айаннаан Кэбээйи сиригэр үктэммиппит. Барыта бэлэм диэн ыыппыт сирдэригэр эмиэ уонча күн хоммуппут. Дойдубугар айаҥҥа турунарбытыгар ардах түһэ турар эбит буоллаҕына, манна кэлэрбитигэр номнуо хаар түһэн эрэр этэ. Өрүс кыдьымахтанан, тымныы хаҕыс тыаллааҕа, кытыытыгар аһаҕас халлаан анныгар хас даҕаны киһи тыына быстыбыта. Ону суолтатыгар дьаама хаһан бииргэ кистэтэлээбиппит.

Биир хараҥа киэһэ икки аттаах дьон кэлбиттэрэ. Олус соһуйа көрсүбүттэрэ, тоҕо, туохха сылдьар дьоммутун ыйыталаһан баран олус муодарҕаабыттара. Кинилэр аһынан да буолуо, аҕыйах оҕону илдьэ барбыттара уонна көһөрүллүбүт дьон аһаҕас халлааҥҥа сыталларын илдьиттии тэбиммиттэрэ. Тыллабыр оҥорбуттарын хаһыс эрэ күнүгэр дьон кэлбиттэрэ уонна  биһигини ханна олохтуулларын толкуйдаабыттара.

Үксүн Кэбээйи дьонугар дьукаахтаһан олорор буолбуппут эрээри, үгүстэр сир икки, халлаан икки ардыгар хаалар кутталлаахтарынан хотоннору сөргүтэргэ соруйсан, онно олохтообуттара. Онтон биһигини, оҕолоох дьону, биир ыалы дьукаах таһаартаан, кинилэр балаҕаннарыгар олохтообуттара. Икки балаҕан турар улахан тиэргэн этэ. Онон сылыктаатахха, манна баай дьон олоро сылдьыбыт быһыылааҕа. Кыратыгар хамначчыттара олорбуттара буолуо, онно биһиги икки ыал буолан олорбуппут.

Оо, манна даҕаны туох аанньа олох буолуой?! Дьон бэркэ эрэйдэнэн олороро. Туруу үлэһиттэр бары сэриигэ барбыт буоланнар, үксэ дьахтар аймаҕы кытта оҕолор, кырдьаҕастар этэ. Били баһылла сытар балыктаах дойдубут биһигини хаҕыстык көрсүбүтэ. Туох даҕаны сэбэ-сэбиргэлэ суох кэлбит дьон хайдах муҥхалаан балыктыахпытый. Сорох сорохторбут муҥха диэн тылы саҥа истибиппит. Бүтүн нэһилиэккэ биир муҥха баар этэ. Онтукабыт даҕаны хайыта бара сылдьар буолан, балык көрдөрбүтүнэн баран хаалара.

Биһиэхэ үксэ куйуур диэнинэн туттар эбит буоллахтарына, бу дойду мууһа халыҥа да бэрт этэ. Ону анньыынан тэһэн, ойбон алларыахха диэтэххэ, кытаанах үлэлээҕэ, сыра-сылба бүтэрэ. Муҥха таҥан балыктыахпытын ким даҕаны хайдах оҥоһулларын билбэтэ уонна хас эмэ сылы быһа сылгы сиэлин мунньан, хатан оҥоһуллар буолар эбит этэ. Санаабытыгар, бу дойду тыала, тымныыта аһары күүстээҕэ. Дьэ итинник биһиги манна олохпут саҕаламмыта. Маҥнайгы сылга дьон хоргуйан өлүүтэ үгүһэ. Арай биир сарсыарда ийэм барахсан үлэлии барбытын кэннэ бырааппын туруора сатаабытым турбатаҕа. Сирэйэ-хараҕа дэлби иһэн хаалбыт этэ. Ону таһынааҕы ыалбытыгар сүүрэн тахсан эппиппэр, миигиттэн эрэ обургу кыыстара ыаҕас түгэҕэр баар үүтү кытары, собо бэрсибитин бырааппар сиэппитим уонна үүтү иһэрдибитим. Онтон эмискэ ол кыыс эбээтэ сүүрэн кэлэн номнуо сиэтэн бүтэрэн эрэрбин көрөн “иэдээни оҥорбуккун” диэхтээбитэ. Ону мин сиэнэ колхуос үүтүн биэрбитигэр сууттаныахтарын эттэ дуу дии санаабытым, сыыспыт этим. Быраатым барахсан ол күнү туораабатаҕа, эрэй бөҕөнү көрөн бараахтаабыта. Онно туох хара соро имнэммитэ буолла, хаһан даҕаны кимтэн да умналыы ойбот бэйэм ыалга тахсан ытаммытым эбээт. Ол дьону туох диэммин буруйдуомуй, бэйэлэрин оҕолорун нэһиилэ атахтарыгар туруора сатыы сылдьар астарыттан бэрсиһиннэрдэҕим.

Ол сарсыҥҥы күнүгэр ийэм барахсан муҥхалыы сылдьан охтон тиэллэн кэлбитэ. Нэһиилэ тыын быһаҕаһынан тыына сытаахтыыр этэ. Олус даҕаны муҥатыйан хараҕыттан уу тахса сыппыта. Сиэбин сыыһыгар бурдук туораахтааҕын миэхэ куду анньыбыта уонна бу курдук эппитэ: “Тукаам, эн ийэҥ уонна аҕаҥ тулаайах кэриэтэ оҕолор буоламмыт дьоно-сэргэтэ суохпут. Оҕобун наһаа даҕаны эрэйгэ тэбэн хаалларан эрэбин. Сатаатар төрөөбүт сиргэр-уоккар баарыҥ буоллар, син быыс-хайаҕас булан тыыннаах хаалыаҥ эбитэ буолуо. Биһигиттэн тыыннаах эн эрэ хаалан эрэҕин, утуму салҕааччы. Оҕом сыыһа өйдөөн иһит, мин өлүөм, оччоҕо эн миигин көмөөйөҕүн, тоҥорон кэбиһээр. Өскөтүн аччыктаан оҕуннаххына, миигин сиэр…”–диэбитэ. Ону истээт, мин наһаа даҕаны дьулайбытым, куттаммытым. Оҕо этим буоллаҕа дии. “Ийээ, миигин быраҕан барыма, көрдөһөбүн, аны эн оннугар мин үлэлии барыам”,– дии-диибин уйа-хайа суох ытаан барбытым. “Ытаама, чыычаах. Хайаан даҕаны тыыннаах хаалыам диэҥҥин миэхэ мэктиэ тылгын биэр”,– диэбитин, нэһиилэ, сыҥсырыйа-сыҥсырыйа: «Сөп, ийэкээ, мин хайаан даҕаны тыыннаах хаалыам»,– диэбитим. Ийэм ону кэтэһэ сыппыттыы, ааттаспыт хараҕынан көрбүтүнэн бу күн сириттэн бараахтаабыта.

Мин чороҥ соҕотох хаалаахтаабытым. Ыалларбыт көмөлөрүнэн сорунан бырааппын уонна ийэбин харайбыппыт. Ол кэннэ ыалбыт аах сатаан бииргэ олорор кыахтара суох буолан, тус-туһунан ыалынан барбыттара. Миигин ылан бара сатаабыттара даҕаны, мин кэтэҕэмэйдээн хаалбытым. Тугу аһаан-сиэн сылдьаары батан кэбиспитим буолла. Инньэ гынан соҕотох хаалан эрэйдээх-сордоох олоҕу оҕо киһи көрсүбүтүм.

Муҥхаҕа тиийэр этим даҕаны, муҥхабыт балыга көрдөрбүтүнэн баран хаалара. Биирдэ эмэ биир эмэ нычаа диэн бэрт минньигэс балык түбэстэҕинэ, дьон, аһынан, кистээн миэхэ сонум иһигэр уган кэбиһэллэрэ. Ону мииннээн истэххэ, олус даҕаны минньигэс буолар эбит этэ. Күөлтэн күөлгэ көһө сылдьан балыктыыр буоланнар, мин кинилэри сүтэртээн кэбиспитим. Онон ол балыкпыттан даҕаны мэлийээхтээбитим. Оннук сылдьан аччыктаан охтубутум, оһохпун да сатаан оттуммат киһи буолан өйбүн сүтэрэн сыттахпына миигин биир булчут уол алҕас булбут этэ.

Арай өйдөнөн кэлбитим, балаҕаным иһэ сып-сылаас буолбут, ким эрэ төттөрү-таара хаама сылдьар. Өлөллөрө диэн маннык эбит дуу дии сыттахпына арай уолум кэлэн төбөбүн өндөтөн тугу эрэ иһэрдэ сатыыр. Мин буоллаҕына иһэн баран өссө көрдөөбүппүн: “Бээ, тохтоо, элбэҕи аһыыр куһаҕан эбээт”,– диэбитигэр быраатым барахсаны элбэҕи аһатан олохтон мэлиппиппин санаан, харахпыттан уу-хаар баспыппар, «аһаппаккабын ытыыр» дии санаата быһыылаах. Кэлэн төбөбүттэн имэрийдэ уонна: «Ити бочугурас миинин буһардым эйиэхэ, ону бэттэх кэллэххинэ барытын бэйэҥ иһээр, сөп дуо?»– диэхтээбитигэр төбөбүнэн «ээх» диэн көрдөрдүм. Оннук икки күн сытан баран син бэттэх кэллим, уолум миигин оҕолоон сылдьар. Тахсан атын аһатар игин быһыылаах.

Ол сытан уолбун өйдөөн көрбүтүм, бэрт номоҕон дьүһүннээх, уҥуоҕунан наһаа улахана суох, хара соҕус киһи эбит этэ. Эн-мин дэһэн уолбунуун Бүөтүрү кытта арааһы кэпсэтэбит, ийэм, бииргэ төрөөбүттэрим өлбүттэрин туһунан истэн, олус соһуйан, соҥуоран олороохтообута. Кини кыылы эккирэтэн суолга быстаран иһэн манна ыал олорор этэ диэн кэлбитэ, балаҕана кураанах турар үһү. Онтон бу балаҕан аттыгар баҕар от баара буолаарай диэн кэлбитэ, таһырдьа мин сытар үһүбүн. Оннук мин тыыннаах хаалбытым. Арай онно тыал, тибии түспүтэ буоллар, миигин кини булуо суохтаах этэ. Ол мин тыыннаах таҥарам билигин эһиги эһэҕит.

Миигин дьиэтигэр илдьибитэ, ол эрээри сэрии толоонугар ыҥырыллан барбыта. Онон мин кини төрөппүттэрин кытта олорбутум. Кэлин кураан бүтэн, дьонум-сэргэм айаннаары түбүгүрбүттэрэ, онтон мин быыһаабыт убайбар наһаа ыллараммын, кэтэһэ хаалбытым. Онно биир дойдулаахтарбын сайыһан харах уулаах аат эрэ харата далбаатыы хаалбытым.

Биир түгэни наһаа өйдөөн хаалбыппын. Сайын улахан дьоҥҥо көмөҕө диэн биһигини от мустара ыыппыттара. Бу дойду наһаа элбэх күөллээх, сииктээх  буолан, бырдах наһаа элбэх этэ. Оттуур сирдэрэ олус ыраах. Аны оттуу сылдьан дулҕаттан иҥнэн охто сылдьарбыт, отторо уһуна бэрт буолан, киһи кыайбат. Оо, онно холоотоххо биһиги дойдубут алааһа көнөтө, ырааһа, бырдаҕа суоҕа. Бу диэки тулуурдаах да дьон түөлбэлээн олорор эбиттэр этэ.

Онно дойдубун, дьоммун, оонньообут оҕолорбун санааммын от харбыы сылдьар кыраабылбын киэр хаһыйан баран, олоро түһээт, уйа-хайа суох ытаан барбытым. Дьоннор барахсаттар сүүрэн кэлэн уоскута сатаан баран, тэбис-тэҥҥэ ытаспыттара. Онтон ходуһаҕа сылдьан дьон бары, олоро биэрээт, харахтарыттан уу тахсан ытаабыппыт. Ол сылы быһа сүтэрбит дьоммутун харыһыйан, дойдубут ахтылҕана мунньуллан тахсыбыта мээнэҕэ буолбатах этэ. Бу түгэнтэн ылата биһиги син киһилии олох олорон барбыппыт ээ.

Онтон мин бу дойдуну, дьонун аһары сөбүлээн, манна хаалбытым. Антах миигин ким даҕаны кэтэспэт этэ. Дойдубар биирдэ эмэ баран кэлэбин. Кэлин миигин булбут убайбыныын атын иэйиигэ ылларан, доҕордуубут тапталга кубулуйан, кэргэн тахсыбытым, оҕолонон-урууланан, ийэм кэриэһин толордум ээ.

***

– Эбээ, мин эһээм герой эбит дии.

– Кырдьык, тоҕойум, кини дьиҥнээх герой. Элбэх киһи тыынын өрөһүйбүт булчут удьуордаах оҕо киһи этэ.

– Эбээ, этиҥ этэр ээ. Арааһата ардах түһээри гынна дуу?

– Оннук быһыылаах, ол иһин даҕаны былыт ыган итийбит эбит.

– Эбээ, оччотугар биһиэхэ кураан буолбат буоллаҕа дии.

– Суох, һыччы, биһиэхэ хаһан даҕаны кураан буолуо суоҕа. Чэ, киирэн эһэбитигэр аһын бэлэмниэххэ, отун баттаһан кэбистэ ини…

 

Кэбээйи, 2018 сыл

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Куорат таһыгар айылҕаҕа сынньанарга икки миэстэ быһаарылынна
Сонуннар | 18.04.2024 | 11:59
Куорат таһыгар айылҕаҕа сынньанарга икки миэстэ быһаарылынна
Олохтоох дьаһалта Гражданскай оборонаҕа, ыксаллаах быһыыга-майгыга управлениета иһитиннэрэринэн, Дьокуускай куорат территориятыгар айылҕаҕа сынньанар миэстэлэр чопчуланнылар. Ол курдук, баһаартан сэрэхтээх буолууну хааччыйар сыалтан куорат олохтоохторо быйыл икки сиргэ сынньанар кыахтаахтар: 1. Кангалаас бөһүөлэгэ, чох тиэйэр причал таһынан; 2. Хатас бөһүөлэгэ, Покровскайдыыр суол 20 км уҥа өттө. Бэлиэтээн эттэххэ, урукку сылларга Дьокуускай...
Урукку халыыбы уларытарбыт уолдьаспата дуо?
Сонуннар | 18.04.2024 | 14:00
Урукку халыыбы уларытарбыт уолдьаспата дуо?
Тыа хаһаайыстыбатыгар үлэһит илии тиийбэт кыһалҕата улам сытыырхайан иһэр. Ыччат куоракка, киин сиргэ талаһар. Балысхан сайдыы баараҕай баалыгар баһыйтаран, аныгы олох долгунугар оҕустаран, төрүт дьарыкпыт умнуллар, тыа хаһаайыстыбата эстэр кутталлаах. Инньэ диэн аймаммыппыт быданнаата да, этэргэ дылы, сыарҕабыт сыҥааҕа бытааннык хоҥнор, «сыҕарыйарын» туһугар төрдүттэн тирэх, үөһэттэн өйөбүл наада курдук.      Бу...
Cааскы бултан сонун бүлүүдэлэр
Тускар туһан | 20.04.2024 | 16:00
Cааскы бултан сонун бүлүүдэлэр
Кус этиттэн тушенка Кус этэ – 1 кг; Лавровай илиис – 2 уст.; Гвоздика – 2 уст.; Душистай биэрэс – 2 уст.; Туус, биэрэс.   Кус этин сууйан, тириитин ылан, ыраастаан, кырбастаан баран кумааҕы салфеткаҕа ууран куурдабыт, ордук уутун сүүрдэбит. Тушенка оҥорорго уҥуоҕа суох этэ эрэ барар. Кус этин кураанах миискэҕэ...
Дьол уйата – дьиэ кэргэн
Сонуннар | 23.04.2024 | 11:08
Дьол уйата – дьиэ кэргэн
Бу сыл муус устар 28 күнүгэр Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр 16.00 чаастан “Дьол уйата – дьиэ кэргэн” музыка-үҥкүү шоута ыытыллар. Бырайыакка кыттар оҕо кэлэктииптэрэ: “Бриллианты Якутии” үҥкүүтүн ансаамбыла, “Домисольки” ырыа устуудьуйата (“Колокольчиктар”, “Уолан”, “Калейдоскоп”, “Айыы кыһата”, “Сулусчаана” бөлөхтөр), 2 №-дээх оскуола, Саха Политехническэй лицей уонна “Алгыстаах доҕордоһуу” дьахтар...