19.11.2020 | 14:24

Куоскаҕын, ыккын регистрациялаатыҥ дуо?

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Куорат баһылыга Сардана Авксентьева дьаһалынан 2020 сыл алтынньы 19 күнүттэн сэтинньи 20 күнүгэр диэри куорат уокуругун сиригэр-уотугар дьиэ кыылларын регистрациялааһын биллэриллибитэ.

Ол курдук, бу кэмҥэ 224 ыт уонна 45 куоска регистрацияланна. Сэтинньи 17 күнүнээҕи туругунан, чуолаан Гагаринскай, Автодорожнай, Сайсары, Строительнай уокуруктарыгар, Кангалаас уонна Марха микрооройуоннарыгар, Пригороднайга, Тулагыга уонна Хатаска ордук элбэх  кыыл хабылынна.

Маны таһынан уокурук уонна куорат таһынааҕы нэһилиэктэр үлэһиттэрэ бэйэлэрин сирдэригэр-уоттарыгар сыһыарыллыбыт учаастактары рейдэлииллэр, профилактическай бэсиэдэ ыыталлар, дьиэ кыылларын тутууга аналлаах быраабылалары түҥэтэллэр. Дьокуускай куорат Административнай хамыыһыйата иһитиннэрбитинэн, алтынньы 19 күнүттэн сэтинньи 13 күнүгэр диэри 55 рейдэ ыытылынна, ол түмүгэр 16 боротокуол толорулунна.

Өскөтүн  дьон кыылларын регистрациялыыртан куотунар түбэлтэлэригэр, кинилэргэ административнай кэһии туһунан боротокуол толоруллар. Ыстараап кээмэйэ: гражданнарга – 1000-1500 солк.; дуоһунастаах дьоҥҥо – 3000-4000 солк.; юридическай сирэйдэргэ – 5000-10 000 солк.

Дьокуускай куоракка дьиэ кыылларын тутууга бигэргэммит Быраабыланан хаһаайыттар ыттарын, куоскаларын булгуччу регистрациялыахтаахтар. Дьиэ кыылларын учуокка туруоруу СӨ Дьокуускай куорат ветеринарияҕа управлениетыгар оҥоһуллар.

Күндү куорат олохтоохторо! Ыккытын, куоскаҕытын регистрациялыы илик буоллаххытына, кытаатыҥ, тиэтэйиҥ. Мантан аллара судаарыстыбаннай бэтэринээринэй сулууспа аадырыстарын таһаарабыт:

1. Дьокуускай куорат, Чехов уул., 66, төл. 35-32-78

2. Mapxa бөһүөлэгэ, Сэбиэскэй уул., 38, төл. 204-627

3. Хатас сэлиэнньэтэ, Ойуунускай уул., 4/1, төл. 409-003

4. Тулагы сэл., Совхознай уул., 2/1, төл. 207-277

6. Маҕан бөһ., Антеннай уул., 1/3.

Бу ыйыллыбыт бэтэринээрнэй сулууспаларга регистрацияны ааһаҕыт, пааспар ылаҕыт, бэйэ баҕатынан чип туруортарыаххытын сөп, бары быһыылары туруораллар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....