27.07.2022 | 18:00

Куораты киртитээччилэри ыстарааптыыллар

Куорат Административнай хамыыһыйата сыл аҥаарыгар СӨ Административнай буруйу оҥоруу иһин кодексатын 6.25 ыст. 176 дьыаланы көрдө.
Куораты киртитээччилэри ыстарааптыыллар
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Ыстатыйа муниципальнай тэриллии сиригэр-уотугар үлэлиир тупсаҕайдык олоруу быраабылаларын кэһиигэ сыһыаннаах. Тиһиктээх үлэ түмүгүнэн 69 сэрэтии уонна 1 419 000 солк. кээмэйдээх ыстараап олохтонно.

«Буруйу оҥоруу баһыйар өттө олорор дьиэлэр тиэргэннэрин кирдээхтик тутууга сыһыаннаах. Ол курдук, Салайар хампаанньалар, сири бас билээччилэр даҕаны өттүлэриттэн олорор дьиэлэр тиэргэннэрин бөҕүн-сыыһын ыраастаабат, кэмигэр тиэйтэрбэт түбэлтэлэрэ элбэх», - диэн бэлиэтиир Дьокуускай куорат Административнай хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлэ Феликс Антонов.

Ордук элбэх боротокуол Центральнай уокурукка оҥоһуллубут – 24, ол кэнниттэн Сайсары – 22, Автодорожнай уокурук – 20.

«Бу хартыына чуолаан ааттаммыт уокуруктар ордук кирдээхтэр, территорияларын хомумматтар диэн буолбатах, төттөрүтүн, бу уокуруктарга хонтуруол күүстээҕин, нэһилиэнньэни эппиэтискэ тардыыга тиһиктээх үлэ ыытылларын көрдөрөр. Атыттарга хонтуруол үлэтэ мөлтөх», - диэн ситэрэн биэрэр Феликс Антонов. Бэлиэтээн эттэххэ, СӨ Административнай буруйу оҥоруу иһин кодексатын 6.25 ыстатыйатынан боротокуоллары толорор боломуочуйа территориальнай управлениеларга сүктэриллэр.

Оттон олорор территорияны сыыһырдыы, ыраастаабат буолуу иһин ыстараап көрүллэр. Чуолаан:

— гражданнарга – 1 000 солкуобайтан 3 000 солкуобайга диэри, буруйу оҥоруу хатыланар түбэлтэтигэр – 3 000  солкуобайтан 5 000 солкуобайга диэри;

— дуоһунастаах сирэйгэ – 10 000 солкуобайтан 30 000 солкуобайга диэри, буруйу оҥоруу хатыланар түбэлтэтигэр – 30 000 солкуобайтан 50 000 солкуобайга диэри;

— юридическай сирэйгэ – 50 000 солкуобайтан 500 000 солкуобайга диэри, хатыланар түбэлтэтигэр 500 000 солкуобайтан 1 000 000 солкуобайга диэри.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....