16.05.2020 | 13:20

Куораты дезинфекциялааһын саҕаланна

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Бүгүн, ыам ыйын 16 күнүгэр, Дьокуускайга уулуссалары, болуоссаттары уонна да атын уопсастыбаннай сирдэри дезинфекциялааһын саҕаланна.

Тротуардары, оҕо балаһааккаларын уонна оптуобус остонуопкаларын дезинфекциялааһын үлэтин “Жилкомсервис” МУТ толорор. Үлэһиттэр сүгэ сылдьар “Посейдон” үрдүк баттааһыннаах аппарааттарынан дезинфекция суурадаһынын ыстараллар. Уопсайа 6 биригээдэ үлэлиир. Үлэ барыта ыам ыйын 24 күнүгэр диэри, графигынан ыытыллыахтаах.

Ыам ыйын 15 күнүттэн “Якутдорстрой” АУо үлэһиттэрэ ДМК-70 ууну ыстарар массыыналарынан Орджоникидзе, Кыайыы, Норуоттар доҕордоһууларын болуоссаттарын, өрүс вокзалын, Гимеин, Ийэ скверин, түүн киин уулуссалары обработкалаатылар.

Уопсастыбаннай  сирдэри ыраастааһыҥҥа, Роспотребнадзор сөбүлэҥинэн, кыылга-сүөлгэ уонна дьоҥҥо туох да буортута суох суурадаһын туттуллар.

Инникитин ыам ыйын 19, 22, 26, 29 күннэригэр хаттаан дезинфекциялааһын ыытыллыаҕа. Биллэрин  курдук, аһаҕас сирдэри обработкалааһын халлаан температурата +5 кыраадыстан үөһээ буоллаҕына эрэ туһалыыр.

Дезинфекциялааһын барыта муниципальнай бүддьүөттэн үбүлэнэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....