Куораттааҕы полигон бэс ыйыттан бөҕү босхо тутар
Бүлүүлүүр тракка баар куораттааҕы кытаанах хомунаалынай бөх полигона, бэс ыйын 1 күнүттэн атырдьах ыйын 31 күнүгэр диэри, ыйга биирдэ 1,5 кубометрга диэри бөҕү босхо тутар буолла. Бу туһунан Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспатыгар «Жилкомсервис» МУТ иһитиннэрдэ.
Куорат баһылыга Евгений Григорьев бэйэтин телеграм-ханаалыгар информациятынан, куорат олохтоохторо полигоҥҥа кэлэн диспетчергэ биллэрдилэр даҕаны, салгыы полигон үлэһитэ аҕалыллыбыт бөх кээмэйин сыаналыыр, умайар матырыйаал баарын бэрэбиэркэлиир, онтон территорияҕа киллэрэр.
«Ити миэрэ, бастатан туран, куорат территориятыгар уонна ойуурга көҥүлэ суох сыбаалкалар ахсааннарын аҕыйатыаҕа. Кистэл буолбатах, сорох ардыгар тиэргэннэртэн, даачалартан, эбэтэр кыбартыыра өрөмүөнүн кэнниттэн тиэйиллибит бөх сыбаалкаҕа тиийбэт, бөх контейнердарын таһыгар кыстанан сытар. Ити тупсаран оҥоруу быраабылаларын кэһии буолар, саамай куһаҕана, сорохтор бөхтөрүн быраҕыллыбыт учаастактарга уонна ойуурга тиэйэллэр», - диэн бэлиэтээтэ куорат баһылыга.
Полигоҥҥа туттарыллар бөх испииһэгэр, «бытовойу» сэргэ, тимир, ртутьтаах тэриллэр (лаампа, термометр, реле), хортуон уонна кумааҕы, эрэһиинэ шиналар, өстүөкүлэ, полистирол, полиэтилен, полипропилен бааллар.
Испииһэккэ этиллибит бөх полигоҥҥа РФ Бырабыыталыстыбатын 2017 сыл от ыйын 25 күнүнээҕи 1589-р №-дээх дьаһалынан, Федеральнай сокуон 1998 сыллааҕы 89-ФЗ №-дээх «Об отходах производства и потребления» 12-с ыстатыйатыгар олоҕуран тутуллар.