Куораттааҕы архыып быыстапкаҕа ыҥырар
Куорат Күнүн көрсө куораттааҕы архыып балаҕан ыйын 10 күнүгэр 16.00 чааска быыстапкаҕа ыҥырар (Строителлэр уул., 18).
Быыстапкаҕа аан бастакы төгүлүн сэдэх, 1939 сылтан саҕалаан, урут кистэлэҥҥэ сылдьыбыт куорат историятын докумуоннара тахсыахтара. Ити сыл сэбиэскэй кэмнээҕи Дьокуускай куорат бастакы Генеральнай бырайыага оҥоһуллубут. Бырайыагы оччотооҕу «Гипрогор» диэн тутууну бырайыактааһыҥҥа уонна куораттары былааннааһыҥҥа, устууга Судаарыстыбаннай институт оҥорон таһаарбыт. Ити институт дойду үрдүнэн аатырбыт, киэҥ далааһыннаах гражданскай тутуу бырайыагын тэрилтэтэ этэ. Историческай суолталаах киин куорат бастакы Генеральнай бырайыага быыстапкаҕа киэҥ араҥаҕа тахсыаҕа.
Дьон болҕомтотун Дьокуускай Генеральнай былааныгар баар куорат киинин бырайыага тардыаҕа. Быыстапкаҕа «Гипрогор» Ленинградтааҕы салаата 1959, 1977 сылларга оҥорбут куорат киин уонна кытыы сирдэрин былаанын, тутууларын бырайыактарын көрүөххэ сөп.
Итини сэргэ куорат тырааныспарын схемата болҕомтону тардар – манна троллейбус сылдьарыгар анаан тутуу баран 1985 сылга олоххо киириэхтээх эбит.
Быыстапкаҕа Дьокуускай куораппыт 1957 сыллаах хаартыскалара билигин номнуо суох дьиэлэри, уулуссалары санатан көрдөрүөхтэрэ.
Архыып сотрудниктарын сыралаах үлэлэрин көмөтүнэн историческай суолталаах докумуоннары, хаартыскалары көрөр, урукку кэмҥэ төннөн ыалдьыыттаан ааһар кыахтанныбыт.