19.03.2021 | 05:54

Куорат уһуйааннарыгар "Баҕарах" үүтүн иһэллэр

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

«Хатас» сопхуос уруккута куораты аһатан олорбут, өрөспүүбүлүкэҕэ биир бастыҥ үлэлээх хаһаайыстыба этэ. Ол баазатыгар билигин Хатаска “Баҕарах” хааччахтаммыт эппиэтинэстээх тэрилтэ үлэлии олорор. Былырыын атырдьах ыйыгар саҥа салайааччы ананан тэрилтэ иккис тыын ылан, сэргэхсийэн, үлэтэ өссө тэтимирдэ.

Иван Сивцев – “Баҕарах” ХЭТ салайааччыта:

– Кыстык этэҥҥэ ааһан эрэр. Улахан кыһалҕаны көрсүбэтибит. Билигин 161 ынах төрөөн турар. Былырыын кэлбит 100 холмогор ынахтан 88-һа төрөөтө.

Ынах аһылыгын бэлэмниир хампаанньаҕа  бэлэмнэнэбит. Быйыл 160 гектарга ыһыахтаахпыт. Сиэмэ атыылаһаары кэпсэтиилэри ыыта сылдьабыт.

Уопсайа 800 төбө тутан турабыт, онтон ыанар ынаҕын ахсаана – 400. Былырыын 881 туоннаны ыабыппыт, быйыл 1000 туоннаны былааннаатыбыт. Билиҥҥитэ былааммытын ситэн иһэбит. Быйылгы үүппүт номнуо 115 туонна буолла, биир күҥҥэ 1,5 туонна курдук ыанар.

Быйыл “Горснаб”, Дьокуускайдааҕы үүт собуота уонна “Баҕарах” буолан молокоматтары үлэлэтэр баҕа санаалаахпыт. Холобур, Үүт собуота биһиги үүппүтүн бэлэмниир, бэрэбиэркэлиир, онтон үүт кутар автоматтарга тарҕатар.

Уопсайа 60 үлэһиттээхпит. 50-тан тахса киһи –  Хатас олохтоохторо. Бүгүҥҥү күҥҥэ хамнаска иэспит суох. 3 зоотехниктаахпыт – Арассыыйа киин куораттарыгар үөрэммит эдэр специалистар.

Хотоммут аҥаарыгар кормоцех оҥорбуппут. Кэлии сүөһүлэрбитин туспа рационунан аһата олоробут. Комбикорм, патока, от, сенаж, балык сыата, Кэппэндээйи тууһа – барытын хааһылаан баран сүрүн аһылыктарыгар эбии биэрэбит. Маннык аһаппыппыт ый аҥаара буолла, ол түмүгэр үүппүт көрдөрүүтэ сыыйа-баайа тахсан эрэр. Биир ыйынан бу ньыма үчүгэйин көрдөхпүтүнэ, атын сүөһүлэрбитигэр эмиэ киллэриэхпит.

8 ыанньыксыттаахпыт. Биир ыанньыксыкка 50 ынахтаах. Дайаарка хамнаһа ортотунан кыһыҥҥы өттүгэр 30 тыһыынчаттан тахса, сайын төһө үүтү ыылларынан 50-ҥа тиийиэн сөп. Билигин үүт саамай түһэр кэмэ, ыана турар ынах ахсаана – 197 эрэ, ол иһин хамнастара кыччыыр.

Үүппүт аҥаара молокопроводынан ыанар, аҥаара киһи тута сылдьар аппараатынан. Быйыл аукцион биллэрбиппит, Санкт-Петербургтааҕы “Гринлайн” ХЭТ кыайбыта, кулун тутар бүтэһигэр кэлэн оборудованиебытын туруоруохтара.

Сүөһү ахсаанын элбэтии саҥа хотон тутулуннаҕына эрэ олоххо киирэр кыахтаах.

Георгий ГАВРИЛЬЕВ – Дьокуускай куорат баһылыгын экономикаҕа уонна үп-харчы боппуруостарыгар солбуйааччы:

– “Баҕарах” хааччахтаммыт эппиэтинэстээх тэрилтэ уруккута “Хатас” сопхуос баазатыгар тэриллибитэ. 2015 сыллаахха куорат бу сүөһү иитэр комплексы атыылаһан ылбыта. 6 сыл устата үлэлээн тэрилтэ атаҕар турда.

Былаан – 1000 туонна үүтү ыахтаахпыт. Кыстык этэҥҥэ ааһан эрэр, ынах ото уонна атын аһылыга барыта баар. Тэрилтэҕэ дьиссипилиинэ, үлэ тэрээһинэ үчүгэй таһымҥа таҕыста.

Сүөһү аһылыгын бэлэмнээһин былаанын оҥорорго сорук туруордум. Сотору үөрэх кыһаларын кытта мунньахтары ыытыахпыт. Тыа хаһаайыстыбатын техникумун уонна Арктикатааҕы агротехнологическай университеты кытта оттооһуҥҥа бииргэ үлэлиир үгэстээхпит.

5 сыллааҕы сайдыы былаанын бэлэмниибит. Саҥа хотоннор тутуллуохтаахтар. “Баҕарах” билиҥҥи хотонноро Сэбиэскэй кэмтэн хаалбыт тутуулар, өрөмүөннүүр туһата да суох буолла. Быйыл бырайыактыыр-сметалыыр докумуоннары бэлэмниэхпит. Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин судаарыстыбаннай бырагыраамаларыгар киирсиэхпит.

Үлэһиттэрбит квалификацияларын үрдэтэр, атын регионнарга уопут атастаһар усулуобуйаларын тэрийэр сыаллаахпыт.

Олох бу эйгэтин салайар үлэһит буоларым быһыытынан, өрөбүллэргэ тутаах тэрилтэлэрбитигэр бэйэм сылдьан, үлэһиттэри кытта сирэй-харах көрсөн, үлэни-хамнаһы миэстэтигэр билсэрбин ордоробун. “Баҕарахха” өссө икки нэдиэлэнэн кэлиэм, кэлэр нэдиэлэҕэ “Саюри” тэпилииссэлэрин үлэтин көрүөхпүт-истиэхпит. 

***

Хотоҥҥо киирэбит. Ынах сытын-сымарын кытта хоп-хойуу чыычаах ырыата чоргуйан олорор. Чыычаахтар барахсаттар сүөһү аһылыгар тиксиһээри көтөн киирэр, олохсуйар идэлээхтэр эбит.

Кулун тутар-муус устар ыйдарга маассабай төрүөҕү күүтэллэр. Онно эмиэ барыта былаанынан барар. Бу ый бүтэһигэр былааннара туолар чинчилээх.

Сааскы ыһыы үлэтигэр бэлэмнэнэн эрэллэр. Хаары тутан хаалыахтаахтар. Ыһыыга 1300000 тахса үбү туттар былааннаахтар. Маны таһынан 1300 туонна от, 600 туонна от бэлэмниир былааннаахтар. Окко 1 мөл. тахса, сенажка 1800000 солк.  туттуохтара.

Саҥа ынах ыыр оборудованиены Санкт-Петербургтан специалистар кэлэн туруоруохтаахтар. Турбалары сыбааркалаан бэлэмнээһини бэйэлэрин үлэһиттэрэ ылсар санаалаахтар.

“Сүөһү иитиитэ наһаа ыарахан үлэ. Халлаан туругуттан саҕалаан, дайаарка илиитин сылааһыттан кытта элбэх тутулуктаах. Бэтэринээрдэр, осеменатордар үчүгэйдик үлэлиэхтэрин наада. Оттон оту бэлэмнээһиҥҥэ чааһынайдары, үөрэх кыһаларын кытта үлэлээтэхпитинэ эрэ кыайабыт”, – диэн санаатын үллэстэр куорат экономикатын сүрүннүүр Георгий Гаврильев. Былырыын Татарстантан кэлбит холмогордары көрдүбүт-иһиттибит. Саҥа оҥоһуллан боруобаланан эрэр иҥэмтиэлээх эбии аһылыктарын Георгий Игоревич ытыһан ыла-ыла сытырҕалаан көрөр, хайҕыыр.

Тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар каадырдар кыһалҕалара хаһан баҕарар баар – ыччат соччо таласпат эйгэтэ. Дайаарка күҥҥэ үстэ ынаҕын ыыр, үлэ күнэ сарсыарда 6 чаастан саҕаланар. “Баҕарах” хотонноругар биир эрээккэ турар ынахтар үрдүлэригэр ааттара суруллан турар. Ааттарын ыанньыксыт аатын бастакы буукубатыттан таһаараллар эбит, ол курдук, Лена ыыр ынахтара бары “Л” буукубаттан тахсар ааттаахтар, Муоча киэннэрэ бары “М”-нар. Тарбыйахтарын туспа хотоҥҥо туталлар, адьас саҥа төрөөбүттэр эрэ ийэлэрин таһыгар сыта түһэллэр. Хаартыскаҕа түһэрээри чугаһаабыппытыгар ийэлэр көҥөнөн айманаллар.

“Баҕарахха” бэйэлэрэ осеменатордаахтар эбит. “Сарсыарда 5 чааска, ынах саамай холкутуйан, чуумпуран сытар кэмин таба тайана сатыыллар, сороҕор 4 чааска да кэлэн үлэлиэхтэрин сөп. Сыл түмүгэр төрүөх көрдөрүүтэ үрдээтэҕинэ бириэмийэлиэхпит диэн кынаттаан биэрэбит”, – диир Иван Константинович. Кини урут “Баҕарахха” зоотехниктаан үлэтин саҕалаабыт бэйэлэрин уоллара. Онон кэлэктиип кинини сөбүлүүр, салайааччы буолан кэлбитигэр үөрэр.

 Хатаска, уопсайынан, Туймаада туонатыгар барытыгар, мэччирэҥ сирэ кыччаабытын туһунан бу көрсүһүүгэ эмиэ ахтылынна. Сайын “Баҕарахтар” Владимировка диэки тахсан сайылыыллар, быйыл саҥа сайылык тутуута саҕаланыахтаах.

Кэлиҥҥи икки сыл саамай сүрүн ситиһиитэ - “Баҕарахтан” күҥҥэ 1,5 туонна үүт Дьокуускайдааҕы үүт собуотугар туттарыллар буолла. Собуоттан натуральнай үүт киин куорат бары уһуйааннарыгар тарҕанар. Санатан эттэххэ, Дьокуускайга оҕо саадтарын аһылыктарыгар натуральнай үүт киирбитэ быйыл иккис сылыгар барда.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
Биэнсийэ туһунан тугу билиэххэ?
Тускар туһан | 17.10.2024 | 12:00
Биэнсийэ туһунан тугу билиэххэ?
Судаарыстыба социальнай өттүнэн көмүскэлэ суох нэһилиэнньэҕэ араас суол чэпчэтиилэри көрөр. Оттон ону бары билэбит, бырааппытын толору туһанабыт дуо?  Мантан аллара биэнсийэ уонна онно сыһыаннаах уларыйыылар, чэпчэтиилэр тустарынан санатыһан, быһаарсан ааһыаҕыҥ.   Үлэлиир уонна үлэлээбэт киһи биэнсийэтэ Биэнсийэ күннээҕи наадыйыыны толуйбатын быһыытынан, сынньалаҥҥа тахсан да баран салгыы үлэлии хаалааччы үгүс. Оччотугар кинилэр,...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
Дьадаҥыгын дуу, баайгын дуу?
Сонуннар | 18.10.2024 | 14:00
Дьадаҥыгын дуу, баайгын дуу?
Арассыыйа олохтоохторо киһи ыйы холкутук туорууругар төһө харчы наада буолар сууматын ыйбыттар. Онуоха анаан ыйытык ыытан чинчийии оҥорбуттарын бу соторутааҕыта социальнай ситимнэргэ бэчээттээтилэр. Оттон биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр ыйбытын  төһө хамнастаах, харчылаах киһи аччыктаабакка туоруон сөбүн, дьоллоохтук олорорго төһө суума наадатын аҕыйах киһиттэн ыйыталастыбыт.   Киэҥ Арассыыйа олохтоохторо, үлэһит киһи ыйга 43 тыһыынчаттан...