30.10.2021 | 16:00

Куорат тыатын хаһаайыстыбата өйөбүлгэ наадыйар

Куорат тыатын хаһаайыстыбата өйөбүлгэ наадыйар
Ааптар: Айыына ДОНСКАЯ
Бөлөххө киир

Кэнники кэмҥэ куорат нэһилиэнньэтэ олохтоох бородууксуйаны хамаҕатык атыылаһар. Ол эрээри өрүс уҥуоргу фермердэр оҥорон таһаарар бородууксуйаларын сыаната тиэйиллэн кэлии суотугар лаппа үрдүүр. Онон, сыанатыттан чаҕыйан, ылыан баҕалаах эрэ дэбигис атыыласпат. Ордук кыра хамнастаах, элбэх оҕолоох дьон уонна биэнсийэлээхтэр.

Сыананы тэҥнээн көрдөххө, Аллараа Бэстээххэ ынах арыытын биир киилэтэ 500 солкуобай буоллаҕына, эбэни туораан Дьокуускайга кэллэҕинэ, ол арыыбыт киилэтэ 800 солкуобайы үктүү охсор. Уҥуоргу өттүгэр сүөгэй сыаната 150 солкуобай буоллаҕына, биһиэхэ 250 солкуобайга тэҥнэһэр.

Ол иһин Дьокуускай куорат эти, үүтү оҥорон таһаарааччыларыгар, оҕуруот аһын үүннэрээччилэригэр өйөбүл ирдэнэр.

Быйылгы хомуур түмүгэ

Алтынньы 14 күнүгэр Дьокуускай куорат Дууматын Парасковья Козлова бэрэссэдээтэллээх куорат кытыытынааҕы территориялары уонна агропромышленнай комплексаны сайыннарыы сис хамыыһыйатын мунньаҕар быйылгы хомуур түмүгүн көрдүлэр. Итини таһынан, «Дьокуускай куорат агропояһын 2020-2024 сылларга сайыннарыы» муниципальнай бырагыраама 2021 сыл тоҕус ыйынааҕы туолуутун дьүүллэстилэр.

Сүөһү аһылыгын бэлэмниир уонна хомуур хампаанньатын түмүктэрин кытта Уокуруктааҕы дьаһалта тыа хаһаайыстыбатыгар Управлениетын салайааччыта Николай Степанов билиһиннэрдэ:

Быйыл уопсайа 10 777,9 туонна от бэлэмнэннэ, төһө да кураан дьыл буоллар, былааммытын 100,3 % толордубут, ол эрэн син-биир эбии 423 туоннаны өрөспүүбүлүкэ тас өттүттэн атыылаһыахпыт. Кураан дьыл биһиэхэ ынахпыт ахсаана элбиир түбэлтэтигэр сөптөөх отунан хааччынары атахтыырын көрдөрдө. Ону сэргэ сыл ахсын мэччирэҥ сирэ кыччаан иһэр. Холобур, Хатас, Тулагы өттүгэр дьиэ бөҕө тутулунна. Ынах аһыыр, мэччийэр сирэ суох буолан эрэр. Ол иһин итиннэ наука өттүттэн көрүү наада. Ынах ахсаанын наһаа элбэтэр ороскуоттаах буолар диэн. Сылгыбыт ахсаана быһа холоон 3400 курдук. Сылгылаах дьон куоракка көһөн кэлэллэригэр, дьиэ малын курдук, сылгыларын тиэйэн кэлэн, куорат таһыгар ыытан кэбиһэллэр. Онтулара куоракка киирэн ускул-тэскил сылдьаллар. Итини эмиэ научнайдык көрөн, сылгы ахсаанын аһара элбэтэ сатыа суохха наада. Билигин бэйдиэ сылдьар сылгылары тутар штрафстоянканы оҥорор туһунан боппуруос турар. Сылгы иитиитин өттүгэр үбүлээһини тохтотон эрэри эмиэ толкуйдуохха сөп дии саныыбын. Ол оннугар харчыны үүнээйинэн, оҕуруот аһынан дьарыктаныыга, переработкаҕа угуохха баара. Онон ити эппит хайысхаларбар научнай бырагыраама ирдэнэр.

Бурдук үүннэриитин этэр буоллахха, 2021 сылга ыһыы былаана 276 га этэ, ону былааны таһынан 420 га сиргэ ыһан, түмүккэ 152 % толордубут. Туораахтаах култууралары валовай хомуйуу 161,4 туоннаҕа тэҥнэстэ, ол эбэтэр былаантан 51% буолла.

Оҕуруот аһын ыллахха, бүгүҥҥү күҥҥэ 11 712 туонна хортуоппуйу хомуйдубут, былаан 98% туолла. Орто хомуур биир га сиртэн 96,1 центнергэ тэҥнэһэр. Хаһаайыстыбалартан саамай өлгөм үүнүүнү «Котрус», «Ким» бааһынай хаһаайыстыбалар, Скупченко, Ким ИП-лар ыллылар. Хаһаайыстыбалар аһаҕас грунтан 5 486 туонна оҕуруот аһын хомуйдулар, ол иһигэр 3 181  туонна хаппыыста,  718 туонна моркуоп, 715 туонна сүбүөкүлэ уонна 872 туонна онтон да атын оҕуруот аһа. Аһаҕас груҥҥа үүнэр оҕуруот аһын хомууругар үчүгэй көрдөрүүлэри «Олимп» СХПК, «Куочай» ХЭТ, ИП Наталья Зотова бааһынай хаһаайыстыбата уонна да атыттар ситистилэр.

Сабыылаах грунт оҕуруот астара  3 323 туонна хомулунна, ол иһигэр оҕурсу, томат уонна да атын оҕуруот астара, ол иһигэр 2410 туонна оҕурсу, 816 туонна томат, 97 туонна о.д.а оҕуруот аһын ыллылар.

Николай Николаевич эппитинэн, хортуоппуй, моркуоп, хаппыыста үүннэрэр аһаҕас грунун иэнинэн Дьокуускай куорат өрөспүүбүлүкэҕэ бастакы миэстэҕэ сылдьар эбит. Ол эрэн быйыл кураан буолан, хортуоппуй хойут сиппит уонна бытархайа элбээбит. Олохтоох хаһаайыстыбалар быһа холоон нэһилиэнньэни хортуоппуйунан 70% хааччыйаллар, уоннааҕыта кэлии хортуоппуй.

Хаһаайыстыбалар үүтү туттарыы иэнэ улаатарыгар наадыйаллар

Ити туһунан Дьокуускай куорат Дууматын куорат кытыытынааҕы территориялары уонна агропромышленнай комплексы сайыннарыы сис хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлэ Парасковья Козлова эттэ. Кини үүт бородууксуйатын соҕотуопкалааччылар сүрүн кыһалҕаларын – туттарар үүт иэнин улаатыннарыыны тоһоҕолоон бэлиэтээтэ. Кинилэр ортолоругар куорат уокуругар баар бөдөҥ соҕотуопкалааччылар – "Туймаада" Экоферма, "Баҕарах" хааччахтаммыт эппиэтинэстээх тэрилтэлэр ааттаннылар. Парасковья Козлова бүгүҥҥү күҥҥэ туттарыллар үүт кээмэйэ тиийбэтин ыйда.

Уокуруктааҕы дьаһалта тыа хаһаайыстыбатыгар Управлениетын салайааччыта Николай Степановтан ити хайысханан балаһыанньаны билиһиннэрэригэр көрдөстүм. Кини билиҥҥи кэмҥэ нэһилиэнньэ ордук биэнсийэлээх араҥата үүт туттарбыт харчынан дохуоттанан олорорун эттэ. 

Николай Степанов, Уокуруктааҕы дьаһалта тыа хаһаайыстыбатыгар Управлениетын салайааччыта:

— Билигин эбии 1340 туонна үүккэ наадыйыы баар. Уокуруктааҕы дьаһалта былааны толорбот улуустартан ордубут субсидияны хомуйан, ордук наадыйааччыларга түҥэтиэххэ диэн этии киллэрдэ. Куоракка 330 туоннаны суоттууллара олох кыра, итинтэн сылтаан улахан хаһаайыстыбалар мөлүйүөнүнэн суумалаах ороскуокка барыахтарын сөп. Гордуума мунньаҕар ити кыһалҕаны өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатын уонна тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин таһымыгар дьүүллэһэргэ сүбэлээбиттэрэ. Бэйэбит өттүбүтүттэн тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр сайаапка суруйбуппут, үүтү субсидиялааһын кээмэйин үрдэтэри туруорсан. Хаһаайыстыбаларга үүт туттарарга 50 солкуобайдаах субсидия баар. Холобур, куораттааҕы үүт собуота бэйэтин сыанатыгар тутар, онно судаарыстыба субсидията эбиллиэхтээх. Оччоҕо үүт туттарааччылар ботуччу хамнастаныахтаахтар. Ити идиэйэ наһаа үчүгэй. Ол эрэн өрөспүүбүлүкэ үүт туттарааччытын ахсаана наһаа элбэх, судаарыстыба төлүүр харчыта тиийбэт буолла. Быйыл биһиэхэ тыһыынчаттан тахса эрэ туоннаҕа квота биэрбиттэрэ өссө сайын туолан, 1300-тэн тахса туоннаны эбии көрдөөбүппүт. Итини Ил Түмэн сессията ыгар киллэрэн, ааспыт нэдиэлэҕэ көрдө, сокуоҥҥа уларытыы киириэхтээх. Онон билиҥҥитэ биһиэхэ төһө харчы кэлэрэ биллибэт, күүтэбит.  Үүт туттарааччылар бары долгуйаллар, субсидия кэлэрин күүтэллэр.

Куорат Дууматын мунньаҕар Уокуруктааҕы дьаһалта баһылыгын экономикаҕа уонна үпкэ солбуйааччыта Георгий Гаврильев эппитинэн, куорат хайдах да Хатас сэлиэнньэтин олохтоохторун – үүт бородууксуйатын соҕотуопкалааччылары быраҕар кыаҕа суох.

Дьокутаат Ольга Саргыдаева үүтү туттарыыны үбүлээһини үрдэтэр туһунан сокуону көҕүлээһини Куорат Дууматыгар киллэрэр туһунан этиитин хамыыһыйа чилиэннэрэ бары биир киһи курдук өйөөтүлэр.

Уокуруктааҕы дьаһалта тыа хаһаайыстыбатыгар Управлениетын салайааччыта Николай Николаевич Степановтыын кэпсэтиибэр ити кыһалҕаны быһаарарга санаатын маннык үллэһиннэ:

— Дьокуускай куорат субъект, өрөспүүбүлүкэ киин куората буоларын быһыытынан, куорат уокуругар баар бааһынай-фермерскэй, тыа хаһаайыстыбалара биир даҕаны судаарыстыба үбүлээһинигэр, субсидияларыгар түбэспэттэр. Федеральнай таһымҥа итинник хааччахтааһын баар. Холобур, «Молодой фермер», «Семейный фермер», «Агростартап» диэннэргэ хапсыбаттар. «Агростартап» бырагырааманан 15-тии мөлүйүөннээх субсидияларга тиксэллэр дии хаһаайыстыбалар.   Эппитим курдук, киин куорат буоламмыт, уокурукка баар хаһаайыстыбалар итинникэ кыттар кыахтара суох. Дьокуускай куорат сайдар, кэҥиир, хаһаайыстыбалара сайдалларыгар өйөбүлгэ наадыйар. Киин куоракка өрөспүүбүлүкэ нэһилиэнньэтин үс гыммыт биирэ олорор. Чугаһынааҕы улуустар – Хаҥалас, Нам, Уус Алдан, Мэҥэ Хаҥалас, Горнай бэйэлэрин эрэ хааччыйбакка, бородууксуйаларын куоракка киллэрэллэр. Улуустар биһиэхэ, куорат хаһаайыстыбаларыгар кыттыһыахтарын наада. Ол иһин билигин биһиги, тыа хаһаайыстыбатын управлениета, куораты тулалаан олорор улуустары кытта холбоон «Агропояс города Якутска» диэни тэрийиэххэ диэн этиилээхпит. Итинник өрөспүүбүлүкэ таһымнаах бырагыраама оҥоһулуннаҕына, онно харчы угулуннаҕына, куоракка атыыга тахсар бородууксуйа  сыаната наһаа мээнэ үрдүө суох этэ дии саныыбын. Онон уопсай бырагыраама уонна ботуччу харчыланыы наада. Ити этиини өрөспүүбүлүкэ салалтата быһаарарын күүтэбит. Оччоҕо эрэ биһиги инники өттүгэр сайдар кыахтаахпыт.

Тыа хаһаайыстыбатын Управлениетын аатыттан салайааччы Николай Степанов эппит толкуйдара олоххо киирдэхтэринэ, уокуруктааҕы хаһаайыстыбалар оҥорон таһаарааччылара ордук таһаарыылаахтык үлэлиир-хамсыыр кыахтаныахтара. Билигин үүт туттарааччылар субсидия боппуруоһа быһаарылларын эрэнэ күүтэллэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ылланарга айыллыбыт олох
Дьон | 11.10.2024 | 12:00
Ылланарга айыллыбыт олох
Хаһааҥҥытааҕар даҕаны ардахтаах күһүн буолла. Уһун ардахтарга өйбөр куруутун “Тохтообокко ардах түһэр, Түннүкпэр таммаҕы ыһар...” ырыа тыллара ытыллар.   Биһиги көлүөнэ оҕолор үрдүкү кылаастартан саҕалаан “Ардахха санаа” ырыаны истэ улааппыппыт. Оччолорго, биллэн турар, ким тыла, ким матыыба буоларын улаханнык билэ да сатаабат этибит. Ырыа баар да баар. Киһи олоҕун кэрдиис кэмнэринэн...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины”  нойосуус билиим»
Дьон | 10.10.2024 | 10:00
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины” нойосуус билиим»
Саха киһитэ тыйаатыры, артыыстары олус ытыгылаан  ылынар ураты көрөөччү. Ол оруоллары ураннык толорор артыыстартан сүдү тутулуктааҕын саарбахтаабаппын. Оннук биир үтүө киһи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище “көмүс выпускнига” Борис Иванович Борисовы кытта өрөгөйдөөх 75 сааһынан сэһэргэстибит.   – Артыыс буолар баҕа санаа оҕо эрдэххиттэн баара дуу? –...