Куорат таһынааҕы оҕо сынньалаҥ лааҕырдарыгар сурутуу салҕанар
Бэс ыйын 4 күнүттэн са5аламмыт Дьокуускай уокуругун оҕолоругар куорат таһынааҕы сынньалаҥ лааҕырдарыгар «Е-услуги» портаал нөҥүө сурутуу салҕанар. Бэс ыйын 11 күнүнээҕи туругунан бастакы сменаҕа номнуо 363 оҕо суруйтарбыт.
Дьокуускай куораттааҕы үөрэҕирии управлениета куорат олохтоохторуттан электроннай былааҥканы толорууга ыйытыктар киирэллэрин бэлиэтиир. Онуоха төрөппүттэргэ уонна сокуоннай бэрэстэбиитэллэргэ оскуола оператордара сайабылыанньа статуһун биэрбит кэннэ биир күн иһинэн уларыталларын этэллэр. Иһитиннэрии төлөпүөҥҥэ субуоннаан, смс нөҥүө эбэтэр электроннай почтаҕа оскуола5а хаһан кэлиэхтээх күннэрин ыйан туран кэлэр. Итини сэргэ сайабылыанньалаах дьон хаһан кэлиэхтээхтэрин туһунан информация оскуола официальнай саайтыгар тахсар. Хааччахтааһын миэрэлэрин кэмигэр хас биирдии оскуола сайабылыанньалаах дьону график быһыытынан ыҥырар.
Төрөппүттэр уонна сокуоннай бэрэстэбиитэллэр истиилэригэр!
Оҕо сайыҥҥы сынньалаҥар уонна чэбдигирдиитигэр көрүллүбүт өрөспүүбүлүкэтээҕи субсидия суотугар, бары муниципальнай төгүрүк суукканы быһа үлэлиир лааҕырдар путевкаларыттан, 13713 солкуобай компенсация көрүллэр. Ол курдук төрөппүттэр (сокуоннай бэрэстэбиитэллэр) лааҕыр путевкатын сыанатын хас биирдии лааҕырга (сыаната араастаах буолан) туспа төлүүллэр. Үөһээ этиллибит 13713 сууммалаах компенсация лааҕырга быһа төлөнөр буолар. Төрөппүт ол ордугун төлүүр. Холобур, "Бинго" оҕо сайыҥҥы лааҕырын путевкатын сыаната - 34 478 солкуобай, итинтэн төрөппүт 20 765 солкуобайы төлүүр. "Мир" хаартанан төлөөбүт буоллаҕына суумматыттан 50% (10 382,5 солкуобай) кешбэк быһыытынан төннөр. Ол аата путевка сыаната 10 382,5 солкуобай буолан тахсар.