Куорат суолларыгар үс араас хайысхалаах үлэ ыытыллар
Ыам ыйын 27 күнүгэр киин куорат баһылыга Евгений Григорьев «Россия 24» ханаал «Прямой эфир с городом» биэриитигэр ыалдьыттаата. Куорат баһылыга быһа эпииргэ тугу кэпсээбитин сиһилии ааҕыҥ.
Халаан уута этэҥҥэ ааста
Евгений Николаевич иһитиннэрбитинэн, быйыл киин куорат аннынан Өлүөнэ эбэ мууһа хаһааҥҥытааҕар да эрдэ, үс күн иннинэ барда. Ону элбэх сыллаах кэтээн көрүү бэлиэтиир.
– Халаан уута этэҥҥэ ааста. Кангалаас сиригэр-уотугар кутталлаах кирбиини кыратык куоһара сырытта. Дьокуускайга биэс мас дьиэ, Кангалааска биир дьиэ ууга бардылар, бэлиэтээн эттэххэ, уруккуттан сааскы халаан ылар сирдэрэ. Билигин дьон хоромньута ааҕыллар.
Суһал ыстаап эрдэттэн бэлэмнэммитэ, нэһилиэнньэҕэ сэрэтэр үлэ ыытыллыбыта, быстах кэмҥэ анал пууннар аһыллыбыттара, сүөһү күрэтиллибитэ. Итиэннэ нэһилиэнньэҕэ куттал суох буолуутун хааччыйар үлэ кэмигэр ыытыллыбыт буолан, барыта этэҥҥэ ааста, – диэн кэпсээтэ баһылык.
Кыһыны улахан саахала суох туораатыбыт
Евгений Григорьев нэһилиэнньэттэн «итииргиибит, оттон бүтүҥ» диэн этии элбэхтик киирэрин кэпсээтэ. Ол эрээри сокуонунан бигэргэтиллибит нуорма, ирдэбил диэн баар: сууккаҕа орто температура 8 кыраадыстан сылаас буолуохтаах эбэтэр ититиини ыам ыйын 23 күнүттэн эрдэ араарыллыа суохтаах.
Бастатан туран, элбэх кыбартыыралаах таас дьиэлэргэ оттук сезона түмүктэннэ. Иккиһинэн, мас дьиэлэр уонна социальнай эбийиэктэр бэс ыйын 1 күнүгэр диэри сылааһынан хааччыллыахтара. Оттук сезона букатыннаахтык түмүктэнэрэ субу кэллэ.
«Быйыл кыһыны улахан саахала суох этэҥҥэ туораатыбыт. Биллэн турар, биирдиилээн быһылаан тахса сылдьыбыта», – диэтэ куорат баһылыга.
Евгений Николаевич дьиэлэри сылааһынан хааччыйар тэрилтэлэр, Биир кэлим диспетчерскэй сулууспа (төл. 44-45-64), ОДьКХ үлэлэрэ үтүө түмүктээҕин бэлиэтээтэ.
Тиэргэннэри тупсарыыга – 300 мөл.солк.
Евгений Николаевич тиэргэннэри тупсарыы үлэтэ 2030 сылга диэри салҕанарын, бу киэҥ хабааннаах бырайыак куорат маастар-былааныгар киирбитин кэпсээтэ.
Быйыл 15 тиэргэн территорията өрөмүөннэнэр, бу сыалга 300 мөл. солк. кэриҥэ үп көрүллүбүт. Сотору көҕүлүүр бөлөхтөрү кытта көрсүһүүлэр саҕаланыахтара. Манна даҕатан эттэххэ, бырайыак ситэригэр-хоторугар олохтоохтор санаалара хайаан да учуоттанар, ол иһин баһылык (куорат салалтата) бэдэрээтчиттэри кытта бырагыраамаҕа хапсыбыт тиэргэҥҥэ хайаан да сылдьар.
Салгыы кэпсээтэххэ, быһа эпиир кэмигэр манна сыһыаннаах Кальвица уул., 9/1, дьиэ олохтооҕуттан «Биһиэхэ хаһан оҕо балаһаакката оҥоһуллуой?» диэн ыйытыы киирдэ.
«Бу иннинэ ити эргин саҕаламмыт өрөмүөн үлэтэ быйыл салҕаныахтаах. Кальвица, 9/1 уонна Кальвица, 7/1 дьиэлэр тиэргэннэригэр киириэхпит», – диэн хоруйдаата баһылык.
Быйылгы былаан туһунан кылгастык
Баһылык быһа эпиир кэмигэр быйыл Дьокуускай куоракка «Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар» национальнай бырайыакка киирбит эбийиэктэри сэргэ, «дьаама өрөмүөнэ» уонна суол болотунатын эргэ аспаалын чөлүгэр түһэрии – үс араас хайысхалаах үлэ ыытылларын сиһилии кэпсээтэ.
Санатан эттэххэ, «Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар» национальнай бырайыак олоххо киирбитэ быйыл алтыс сыла. Евгений Николаевич иһитиннэрбитинэн, ааспыт биэс сылга 134 эбийиэк, быһа холоон 160 км суол өрөмүөннэммит.
– 2024 сылга тэтимнээх үлэбит салҕанар. Быйылгы былаан – 19 эбийиэккэ 31 км 350 м усталаах суол. Бэдэрээтчиттэр куонкурус түмүгүнэн бары быһаарыллыбыттара. 13 эбийиэккэ үлэ хайыы үйэ ыытыллар, хаалбыт 6 эбийиэккэ былаан быһыытынан сыыйа-баайа тахсыахпыт. Ыам ыйын 27 күнүнээҕи туругунан уопсай үлэттэн 15 %-на туолла.
Ити этиллибит 19 эбийиэги таһынан, 5 хаһаас эбийиэккэ (8 км кэриҥэ усталаах суол) үлэ ыытыллар. Маннык сылтан сыл аайы элбэх эбийиэги хаба сатыыбыт. Үлэ барыта бигэргэтиллибит графигынан ыытыллар. Этиллибит болдьоххо суол барыта хаачыстыбалаахтык оҥоһуллан бүтүөхтээх.
Иккиһинэн, бу иннинэ өрөмүөннэммит эбийиэктэргэ мэктиэлээх эбэһээтилистибэнэн итэҕэстэри туоратыы үлэтэ ыытыллар. Санатан эттэххэ, аспаал үөһээҥҥи дьапталҕатыгар гарантия болдьоҕо – 4 сыл. Бүгүҥҥү туругунан ол испииһэккэ киирбит эбийиэктэргэ – 105 уулуссаҕа үлэ ыытыллар.
Муус устар 22 күнүттэн саҕалаан эбийиэктэри кэрийэ сылдьан көрөбүт, быйылгыттан онно Бүтүн Арассыыйатааҕы норуот фрона кыттар. Бу эмиэ былаанынан ыытыллар улахан үлэ. Оҥоһуллубут аакталар бэдэрээтчиттэргэ тиэрдиллэллэр, ол итэҕэстэри кинилэр бэйэлэрин суоттарыгар туораталлар, – диэн кэпсээтэ куорат баһылыга.
Быйыл киин куоракка киэҥ далааһыннаах «дьаама өрөмүөнэ» ыытыллар. Былаан – 20 тыһ. кв. м. Ыам ыйын 27 күнүнээҕи туругунан үлэ уопсай кээмэйиттэн үс гыммыттан биирэ туолбут. Үксэ «Азия оҕолоро» оонньуулар саҕаланыахтарын иннинэ, бэс ыйын 25 күнүгэр диэри түмүктэниэхтээх. Баһылык 9 биригээдэ тэҥҥэ тахсан үлэлии сылдьар, онон, урукку сылларга тэҥнээтэххэ, үлэ быдан тэтимнээхтик ыытыллар диэтэ.
«Ити 20 тыһ.кв. миэтэрэнэн тохтуохпут суоҕа, сыл бүтүөр диэри хастыы эмэ тыһыынча кв.миэтэрэ иэннээх суолга абырахтыыр үлэ салҕаныаҕа», – диэтэ Евгений Николаевич.
Маны сэргэ, алдьанан бүппүт аспаал дьапталҕатын чөлүгэр түһэрэр үлэ ыытыллар. Итиннэ суол улахан кэрчиктэрэ хабыллаллар, холобур, бу иннинэ – Бүлүүлүүр суолга, ГИБДД управлениетын иннинээҕи учаастакка, Кулаковскай уулуссатыгар, билигин Дзержинскэй уулуссатыгар маннык үлэ ыытыллар.
Евгений Григорьев иһитиннэрбитинэн, билиҥҥи туругунан киин куоракка 70% кэриҥэ уулусса-суол ситимэ нуормаҕа хоруйдуур буолла. 2019 сылга, «Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар» национальнай бырайыак саҥа саҕаланарыгар, ити сыыппара 33%-ҥа тэҥнэһэр этэ.
Быйыл киин куорат управаларын күүһүнэн 5 тыһ.кв. миэтэрэ кэриҥэ иэннээх тротуар билиитэтэ хос ууруллар. Ону сэргэ, бэдэрээтчиттэр мэктиэлээх эбэһээтилистибэнэн итэҕэстэрин туораталлар.
Маны таһынан, «Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар» национальнай бырайыагынан саҥа тротуардар оҥоһуллаллар.
Нэһилиэнньэ үҥсэр
Быһа эпиир кэмигэр Птицевод уул. олохтооҕо эрийэн, баһылыкка улахан уйуктаах тимир көлөлөр суолбутун алдьаталлар, үҥсэ сатыыбыт да, кинилэри туох да тохтоппот диэн кэпсээтэ. Онуоха Евгений Николаевич ыам ыйын 2 күнүттэн улахан уйуктаах тимир көлөлөр куорат суолларынан айанныыллара бобуллубутун санатта.
«Хомойуох иһин, сорох суоппардар хааччахтааһыны өйдөөбөттөр. Нэһилиэнньэттэн, чуолаан Птицевод уул. олохтоохторуттан, үҥсүү үгүстүк киирэр. ГИБДД бу хайысхаҕа үлэни ситэ ыыппат диэн аһаҕастык этэргэ күһэллэбит», – диэтэ кини. Итиэннэ улахан уйуктаах тиэхиньикэ өттүттэн быраабыланы кэһии элбэхтик тахсарын, онно ГИБДД улахан болҕомтотун ууруохтааҕын тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.
Евгений Григорьев быһа эпиир кэмигэр «Азия оҕолоро» оонньууларга, Туймаада ыһыаҕар бэлэмнэнии үлэтин туһунан кылгастык кэпсээтэ. Онтон саамай сүрүннэрин сүһэн ылан, ааҕааччыларбытыгар икки этиинэн тиэрдэбит:
«Азия оҕолоро» оонньуулары көрсө киин куоракка икки саҥа эбийиэк – Хатаска уонна Сайсары түөлбэтигэр Ильменскэй уулуссаҕа спорт комплекстара тутулуннулар (иккис эбийиэккэ үлэ бу күннэргэ түмүктэнэр). Маны сэргэ, элбэх эбийиэккэ хас да хайысханан өрөмүөн үлэтэ ыытыллар.
Быйыл «Дыгын оонньуулара» Киин трибунаҕа ыытыллыахтара. Кус быһый, ат бөҕө оҕолорго аан бастакытын «Бэргэн оонньуулара» тэриллиэҕэ.
Оһуохайдьыттарга, ытык-мааны этээччилэргэ туспа балаҕан көрүллүөҕэ. Аҕам саастаах дьон сынньанарыгар табыгастаах усулуобуйа баар буолуохтаах.
Быйылгы Туймаада ыһыаҕа Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Саха сиригэр Оҕо саас сылларыгар ананыаҕа, «Азия оҕолоро» тиэмэтэ хайаан да таарыллыаҕа. Бырагыраамаҕа барыта 100-тэн тахса тэрээһин киирбит.
2024 сылга куораты көҕөрдүү үбүлээһинэ улааппыт, 40 мөл. солк. кэриҥэ харчы көрүллүбүт. Ильменскэй, Пирогов уулуссаларыгар идэтийбит исписэлиистэр көҕөрдүү үлэтин ыытыахтара.
Хаартыскалар: yakutskcity.ru уонна ГИБДД саайтарыттан