15.06.2022 | 13:06

Куорат сибэккинэн симэнэрэ ыраах...

Ыксаабаппыт дуу, «ыһыктынныбыт» дуу?
Куорат сибэккинэн симэнэрэ ыраах...
Ааптар: Айыына КСЕНОФОНТОВА
Бөлөххө киир

Көҕөрдүү, тупсарыы үлэтин сырдатаары, икки сарсыарда анаан-минээн куорат устун сатыы дьаарбайдым. Быһа түһэн эттэххэ, үгүс сиргэ кураанах кулуумбалар кэри-куру көрөн тураллар. Ол эрээри харах кэрэхсиир, сэргиир сирдэрэ бааллар, суох буолбатахтар.

Бэс ыйын 13 күнэ, Сэргэлээх. Техническэй факультет куорпуһун, КФЕН иннилэригэр сибэкки арааһа олордуллубут. Сарсыарда аайы уу кута сылдьар буолаллар. Көрүүтэ-истиитэ үчүгэй.
Үөрэх сүрүн куорпуһун (ГУК) кэннигэр турбалары сыбааркалыы сылдьаллар. Тутуу бөҕө хомуллубакка кыстанан сытар. Саатар туох ааттаах ала буурҕата ыскайдаабытай?
Күн уотуттан өҥө өлбөөрбүт билборд, “сөптөөҕүн сулууспалаатым” диэбиттии, Кыайыы сылын уруйдуур.
Ленин болуоссата куорат олохтоохторун сиэдэрэй сибэккитинэн үөрдэр. Суол өрөмүөнэ көҕөрдүү үлэтигэр мэһэйдээбэтэх. 
“Юность” стадион иннигэр кытай дьахтара ньээм оту түөрэн ыла олорор. Салапааныгар уктан иһэр. Сирэйин кистиир. “Маннык көҥүллэнэр дуо?” диэн ыйытыыга, “муосуна-муосуна” диэн хоруйдаата. Эбэн эттэххэ, кэлии омук дьоно ньээм оту хото хомуйалларын туһунан кэллиэгэбит Телеграмҥа суруйбута. Силистиин-буордуун түөрдэхтэринэ, сотору кэминэн ньээм от Кыһыл кинигэ испииһэгин кэҥэтэр кутталлаах.
Орджоникидзе болуоссата. Саха тыйаатырын эрэ таһыгар сибэкки олордуллубут. Фонтаннаах өттө хара буорунан уонна сыыс отунан көрөн турар. Сибэкки иһиттэрин кэчигирэппиттэриттэн сэрэйдэххэ, үлэ бу күннэргэ ыытыллыахтаах.
“Өрөгөй” спорт киинин иннигэр турар ыскамыайкалар бүтэһигин хаһан кырааскаламмыттара биллибэт. Сайыҥҥы куйаас күннэри баттаһа, үлэ ыытыллар ини?
Бэс ыйын 14 күнэ. Дьокуускай куорат бочуоттаах гражданина, губернатор Иван Крафт  бюһа уонна... от-мас   “силигилии” үүммүт кулуумбалара. 
Доҕордоһуу болуоссата сайын аайы киэркэйэр. Быйылгы композиция өрөспүүбүлүкэ 100 сылыгар аналлаах. 
Ленин проспегар хапытаалынай өрөмүөн үлэтэ күөстүү оргуйар, тиэхиньикэ тыаһа биир кэм ньиргийэр. Ол эрээри тэрилтэлэр дьиэлэрин иннилэригэр көҕөрдүү үлэтэ лаппа мөлтөөбүт, “ыһыктыныы” сибикитэ биллэр.
Холобур, “АЛРОСА” иннинээҕи кирээдэлэр сыыс отунан туолан тураахтыыллар. 
Национальнай библиотека иннигэр аҕыйах петуния кылайар.
Аптека уонна ломбард икки ардыгар биир дьахтар сибэкки олордон түбүгүрэр.
Нуучча тыйаатырын уҥа өттүгэр дьэрэкээн өҥнөөх петуния, от-мас быыһыттан улуу Пушкин строкалара кутуллаллар.
Дөлүһүөн сибэккитэ кэрэтинэн хайа да петунияны баһыйар!

Уопсайынан, куораппыт сибэккинэн симэнэрэ, күөҕүнэн чэлгийэрэ арыый эрдэ соҕус эбит. Баҕар, быйыл сайыммыт хойутаабыт буолан, көҕөрдүү үлэтэ бытаарбыта дуу дии санаатым. Эбэтэр суол өрөмүөнэ мэһэйдээбитэ оччо дуу, онон сылтанан, сорохтор ыһыктынан кэбиспиттэр дуу?   

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Дьон | 16.11.2024 | 10:00
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Прасковья Николаева, Кюннэй Андреева, Надежда Саввинова уонна Анастасия Фёдорова – түөрт иистэнньэҥ дьүөгэлиилэр «Кэрэтик» диэн кэрэ ааттаах мастарыскыайы тэрийбиттэр. Сөбүлүүр дьарыккынан бэйэ дьыалатын саҕалыыр икки бүк кынаттыыр!    Ийэ бэйэтэ тигэрэ ордук! Туох барыта кыраттан саҕаланар, ханнык баҕарар бэйэ дьыалата кыырпах саҕа санаа кыымыттан саҕыллар. 2017 сыллаахха Прасковья иккис оҕотугар олорон...