02.08.2022 | 12:00

Куорат санитарнай туругун дьүүллэстилэр

Куорат санитарнай туругун дьүүллэстилэр
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Үбүлүөй тэрээһиннэрин чэрчитинэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников бэрэссэдээтэллээх олохтоох дьаһалта уонна өрөспүүбүлүкэ ситэриилээх былааһын уорганнарын кыттыгас мунньахтара ыытылынна. 
Мунньахха киин куорат санитарнай туругун, суол уонна оскуолалар өрөмүөннэрин уонна да атын тыын суолталаах боппуруостары дьүүллэстилэр.  «Өрөспүүбүлүкэтээҕи структуралар Дьокуускай куорат дьаһалтатын кытта бииргэ үлэлииллэригэр регион салалтатын кэккэ сорудахтара бааллар. Быһаарыллыахтаах боппуруос элбэх, ол иһигэр куорат уокуругун санитарнай туруга», — диир Дмитрий Садовников. Кини бэлиэтээбитинэн, мунньах үбүлүөйдээх тэрээһиннэр чэрчилэринэн ыытылынна. «Бу олохтоох дьаһалта көҕүлээһининэн ыытыллыбыт оробуочай көрсүһүү Куорат күнүн уонна Саха АССР 100 сылын бэлиэтиир үбүлүөйдээх тэрээһиннэри үрдүк таһымнаахтык ыытар сыалтан тэрилиннэ. Холобур, «Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар» национальнай бырайыак, оскуолалар өрөмүөннэрин, тутуу балаһааккаларын тула элбэх ыйытык мунньулунна», — диэтэ бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...