Куорат салалтата нэһилиэнньэни кытта тиэргэни тупсарыы бырайыактарын дьүүллэһэр
Октябрьскай уокурук Киров уул., 7/3 уонна 7/4 элбэх кыбартыыралаах дьиэлэрин тиэргэнигэр спорт балаһаакката, оҕо оонньуур сирэ, хачыал, олорон сынньанар ыскамыайкалар баар буолуохтара. Массыына туруорар сир, бөх тоҕор миэстэ эмиэ умнуллубаттар.
Бэлиэтээн эттэххэ, бу дьиэлэр тиэргэннэрэ быйыл сайын өрөмүөннэнэр 15 тиэргэҥҥэ киирсэр. Бу курдук 2030 сылга диэри «Уһук Илиҥҥэ 1000 тиэргэн» бырагырааманан куорат 200-тэн тахса тиэргэни тупсарар, өрөмүөннүүр былааннаах.
Октябрьскай уокурук бырайыага бигэргэтиллибит буоллаҕына, Промышленнай уокурук Кальвица, 7/1 уонна 9/1 дьиэлэрин олохтоохторо бырайыактарын уларыппыттара. Өрөмүөннэммит тиэргэҥҥэ футболлуур хонууну, массыына туруорар сири, оонньуур балаһаакканы кытта ардах уутун сүүрдэр халдьалары туруорары наадалааҕынан ааҕаллар. «Нэһилиэнньэни кытта көрсүһүүгэ инники ылыллыбыт бырайыак уларыйда. Халдьа туруоран, ууну Кальвица уулуссатын диэки ыытыахпыт», - диэтэ Евгений Григорьев.
Маннык көрсүһүүлэр тиэргэннэрэ тупсарыллар элбэх кыбартыыралаах дьиэлэргэ барыларыгар ыытыллыахтара, диэн иһитиннэрэр Олохтооох дьаһалта пресс-сулууспата.