Куорат салалтата мас дьиэлэргэ баһаарынай сигнализация туһунан мунньахтаата
Иллэрээ күн куорат баһылыгын бастакы солбуйааччы Роман Сорокин Арассыыйа Ыксаллаах быһыыга-майгыга министиэристибэтин Саха сиринээҕи салаатын баһаарынай, быыһыыр этэрээттэрин уонна киин куорат гражданскай оборонаҕа, ыксаллаах быһыыга-майгыга уонна баһаартан сэрэхтээх буолууга управлениетын кытта мунньахтаата.
Сүрүн боппуруоһунан элбэх кыбартыыралаах мас дьиэлэргэ баһаары эрдэттэн биллэрэр систиэмэлэр тустарынан кэпсэтии буолла.
Маннык анал сигнализациялары мас дьиэлэргэ туруоруу көдьүүстээҕин көрдөрдө. Ол курдук, 2020 сылга датчик тыаһаан, 14 баһаар тохтотуллубута.
«Дьон олоҕор куттал суоһаабатын туһугар анал тэриллэри салгыы туруортуур соруктаахпыт», – диэтэ Роман Сорокин.
Эрдэ туруоруллубут баһаарынай сигнализациялары көрүү-истии, үлэлэтии – туспа кыһалҕа. Бэлиэтээн эттэххэ, элбэх кыбартыыралаах дьиэлэргэ баһаартан сэрэхтээх буолуунан хааччыйыы дьиэ-уот өҥөлөрүгэр киирэр. Онон салайар хампаанньалар дуогабар түһэрсиэхтээхтэр.
Баһылык солбуйааччыта куорат бүддьүөтүттэн субсидия боппуруоһун көрөргө Экономика департаменыгар сигнализациялары үлэлэтии уонна техническэй көрүү-истии суотун-учуотун ааҕарыгар сорудахтаата.