Куорат сөтүөлүүр сирэ сарсыҥҥыттан аһыллар буолла
Куорат 202 микрооройуонугар баар пляж от ыйын 2 күнүттэн аһыллар буолла.
Федеральнай Сокуон 2003 сыл алтынньы ый 6 күнүнээҕи «РФ олохтоох бэйэни салайыныы уопсай принциптэрин туһунан» 16 ыстатыйатын 1 чааһын 20 пуунугар, 2007 сыл от ыйын 29 күнүнээҕи СӨ Бырабыыталыстыбатын «Саха сирин территориятыгар баар уу эбийиэктэригэр дьон олоҕун харыстыыр быраабылалары бигэргэтии туһунан» уурааҕар уонна Дьокуускай куорат Уокуруктааҕы дьаһалтатын 2019 сыл кулун тутар 12 күнүнээҕи 62п №-дээх «Уу эбийиэктэригэр дьоҥҥо куттал суох буоларын хааччыйар Балаһыанньаны уонна уу эбийиэктэрин уопсай сирдэрин быраабылаларын бигэргэтии туһунан» уурааҕар олоҕуран от ыйын 2 күнүттэн Дьокуускай куорат уокуругун 202 микрооройуонугар баар пляһы аһарга диэн куорат баһылыгын дьаһала таҕыста.
Пляж үлэлиир кэмэ сарсыарда 9.00 чаастан киэһэ 21.00 диэри болдьохтонно.
Куорат пляһын үлэтигэр эппиэтинэстээх сирэйдэринэн «Губинскай уокурук Управлениета» МХТ (Бурцев А.С.) уонна «Куорат баанньыктара» МУТ (Поскачин В.Г.) ананнылар.