17.06.2024 | 15:36

Куорат сөтүөлүүр сирэ үлэтин саҕалаата

Куорат сөтүөлүүр сирэ үлэтин саҕалаата
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Бэс ыйын 17 күнүнээҕи туругунан Саха сиригэр үс, ол иһигэр Дьокуускай куорат 202-с түөлбэтигэр оҥоһуллубут сөтүөлүүр сир аһылынна.

«Бүгүҥҥү күҥҥэ өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн үс пляж официальнайдык арылынна: Дьокуускай куорат 202-с түөлбэтигэр, Бүлүү куоратын Оруктаах күөлүгэр баар пляжтар уонна Мэҥэ Хаҥалас «Хотун Мааччыйа» сынньалаҥ баазата»,- диэн иһитиннэрэр ЫБММ ГИМС киинин начаалынньыгын солбуйааччы Иван Попов. 
Салгыы бэс ыйын 20 күнүттэн Дьокуускайга Бүлүүлүүр суол 16 км баар Сугун күөлгэ, бэс ыйын 28 күнүттэн Чурапчы улууһун Бэс Болугур нэһилиэгэр Амма өрүскэ, оттон от ыйын 1 күнүттэн Аллараа Бэстээххэ Абаҕа Күөлгэ уонна Чурапчы улууһугар Адаамка Аппата сиргэ Амма өрүскэ сөтүөлүүр көҥүллэниэҕэ. 
Ити курдук 2024 сылга өрөспүүбүлүкэҕэ уопсайа нэһилиэнньэ маассабайдык сөтүөлүүрүгэр 7 миэстэ оҥоһуллар. 
Статистика көрдөрөрүнэн, ууга алдьархай тахсыыта сөтүө кэмигэр сэрэҕэ суох буолууттан, сөтүөлүүргэ анамматах сирдэргэ сынньанартан, арыгылааһынтан, оҕо аймах төрөппүт хонтуруола суох сылдьыытыттан тахсар. 
Санатар буоллахха, көҥүлэ суох сирдэргэ сөтүөлээһин куттал суох буолуутун мэктиэлээбэт. Алдьархай тахсар түгэнигэр «101» эбэтэр «112» төлөпүөннэринэн эрийэргитин умнумаҥ, диэн СӨ ЫБММ пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....