10.12.2022 | 13:00

Куорат оскуолатыгар сахалыы эйгэ тэриллэр кыахтаах

Куорат оскуолатыгар сахалыы эйгэ тэриллэр кыахтаах
Ааптар: Айыына КСЕНОФОНТОВА
Бөлөххө киир

Ааспыт ыйга Саха тылын, литературатын уонна култууратын учууталларын II-с өрөспүүбүлүкэтээҕи сийиэһэ киэҥ далааһыннаахтык буолан ааста. Үгүс тэрээһин ыытылынна, элбэх тыл, сүбэ-соргу этилиннэ. Дьокуускай куорат 12-с №-дээх оскуолатын салалтата, учууталлара куорат усулуобуйатыгар сахалыы эйгэни хайдах тэрийэллэрин, ийэ тылга уһуйар кистэлэҥнэрин элбэх дэлэгээт сэҥээрэ иһиттэ.

Оскуола дириэктэрэ Михаил Васильевич Уйгуров иһитиннэрбитинэн, билигин үөрэх тэрилтэтигэр 667 оҕо үөрэнэр. 2014 сыллаахха физмат хайысхалаах сахалыы кылаастар тэриллибиттэр. 2016 сыллаахха сахалыы тыллаах маҥнайгы кылаас арыллыбыт. Ити курдук оскуола сыл аайы сахалыы эйгэтэ кэҥээн иһэр. Манна даҕатан эттэххэ, аҕыйах хонугунан 80 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтиир үөрэх кыһатыгар саҥа эбии тутуу үлэҕэ киирэр үөрүүлээх түгэнэ буолуохтаах.  

Оҕоҕо дьиҥнээх олоҕу көрдөрүөххэ

Оскуолаҕа физмат хайысхалаах сахалыы кылаастары тэрийиини көҕүлээбит киһи – математика учуутала Александр Константинович Чиряев. Кини оҕону айылҕаҕа, сиргэ-уокка сырытыннара үөрэттэххэ, Ийэ дойдутугар бэриниилээх киһи гына иитэн таһаарар кыахтаахпыт диэн санаалаах.  

– Урут куорат эйгэтигэр хайдах үлэлээтэхпитинэ оҕолорбутун сахалыы тыыҥҥа иитэбит, үтүө дьон оҥорон таһаарабыт диэн үгүс толкуйга түһэр этим.

Пригороднай бөһүөлэк оскуолатыгар бастаан тиийэн баран салгына ырааһын, чуумпутун, ураты сиргэ турарын сөбүлүү көрбүтүм: Өлүөнэ эбэ бу сытара, биир даҕаны улахан дьиэ суоҕа, соҕотох таас оскуола турара, барыта мас дьиэ, даачалар этэ. Ити кэлин оҕо уһуйаана тутуллубута. Онон манна сахалыы эйгэни тэрийэргэ сөптөөх эбит дии санаабытым.

Билигин сахалыы үөрэниэн баҕарар оҕо “аҕыйах” диэн кылааһы арыйымаары гыналлар. Оннук буолуо суохтаах. Биһиги оскуолабытын биир сыл сахалыы кылааһы икки эрэ выпускник бүтэрбитэ. Хас да оҕолоох буоллун – сахалыы кылаас баар буолуохтаах. Билигин оскуолабыт кэҥээтэ, 5-тэн 11-кэ диэри физмат хайысхалаах сахалыы кылаастар, ону таһынан эбии сахалыы кылаастар бааллар.

Оскуолаҕа үс кэлэктиип үлэлиир: оҕо, учуутал уонна төрөппүт. Төрөппүтү барытын мунньар, түмэр кыахпыт суох. Хайдах гынан биир дьыалаҕа туһаайыахха сөбүй? Итиннэ кылааһынан араартыыр ордук эбит. Ол санааттан үөрэнээччилэри, төрөппүттэри, учууталлары түмэр экспедициялары тэрийэр буолбутум.

Александр Константинович “Айан педагогиката” бырайыагын истибит эрэ бары сэргиир. Ол курдук кини көҕүлээһининэн 5-с кылаастар Мэҥэ Хаҥалас устун үс хонуктаах айаҥҥа туруналлар. Ону “Алаас эйгэтэ” диэн ааттаабыт. Салгыы алтыстары “Хочо олоҕо” күүтэр: “Орто Дойду” зоопааркаҕа, Эркээни уонна Самартай хочолоругар сылдьаллар. Нөмүгүгэ кыраайы үөрэтэр чинчийээччи Прокопий Романович Ноговицыны уонна Хачыкаакка Гаврил Михайлович Герасимовы кытта көрсөллөр. Булуус, Туруук Хайа, Кыһыл Сыыр, Күрүлүүр экосистиэмэтин кытта билсэллэр, тимир суол экологияҕа хайдах дьайарын үөрэтэллэр.  

Сэттис кылаас оҕолоро, арыый улааппыт дьон быһыытынан, уон күннээх “Алдан аартыгар” аттаналлар. Экспедиция бырагыраамата өссө кэҥиир: тимир суол вокзалыгар сылдьыы, Алдан куоракка, Аллараа Кураанахха көмүс хостуур эбийиэктэргэ экскурсия, төрүт олохтоох норуоттар олохторун-дьаһахтарын билсии уо.д.а.  

Ахсыс кылаастар “Талба талаан дойдута – Таатта” диэн үс түһүмэхтээх, 12 хонуктаах айаҥҥа бараллар. Өксөкүлээх Өлөксөй, Алампа, Ойуунускай, Суорун Омоллоон төлкөлөрө түстэммит алаастарыгар сылдьаллар. Саамай кэрэхсэбиллээҕэ диэн Мандар Уус кыһатыгар хоно-өрүү сытан элбэҕи билэн-көрөн кэлэр эбиттэр. Ону таһынан Хадаайы, Чөркөөх музейдарыгар таарыйан ааһаллар.

Тохсус кылаастары “Сайдыы суола” экспедиция күүтэр. Бүлүү бөлөх улуустары кэрийэн кэлэллэр, Сунтаар аатырбыт ыһыаҕар ыалдьыттыыллар, гаас, туус, цеолит, алмаас хостонор сирдэригэр, кыраайы үөрэтэр музейдарга сылдьаллар.

Онус кылаастар “Муома хайалара – ыра санаа чыпчааллара” экспедицияҕа, 15-20 хонуктаах ыраах айаҥҥа туруналлар. Табаһыттары, төрүт омуктары кытта билсэллэр-көрсөллөр, кинилэргэ көмөлөһөллөр. Биллэн турар, оҕолор маннык сылдьан өй-санаа өттүнэн улааталлар, сайдаллар. Ону хаартыскалардаах, суруйуулардаах альбомнар кэрэһилииллэр. 

Энтузиаст учуутал: “Ити алта экспедициянан эрэ муҥурдаммаппыт, ону таһынан биир-икки, үс хонуктаах походтарга сылдьабыт. Билигин “патриотизм” диэн тылы элбэхтик туттабыт. Дойдуга таптал хантан кэлэрий? Маннык сырыылартан”, – диэн санаалаах.       

Экспедициялар туохха наадаларый? Итиннэ кини Сэмэн Петрович Данилов “Айан диэн олох. Олох диэн айан” диэн этиитин холобурдуур. Бэһис кылааска тугу да сатаабат, кутааны кыайан оттубат, аһы астаабат дьон кэлэллэр. Бастакы экспедицияларга төрөппүттэр тэҥҥэ сылдьыһаллар, онтон оҕолор улаатан истэхтэрин аайы сатыыллара элбээн, бэйэлэрэ дьаһанар буолаллар.

“Оҕоҕо уруокка кэпсиирбитин олоххо көрдөрүөхпүтүн наада. Холобур, куорат оҕото барыта сылгыны илэ көрбүтэ, аты мииммитэ буолуо дии санаабаппын. Оттон биһиги сотору-сотору Кымыс Байбалга тахсабыт, биэ ыыбыт, кымыс иһэбит, ат миинэ үөрэнэбит”, – диэн кэпсээтэ Александр Константинович.  

Сийиэс кыттыылаахтара “Хантан, хайдах үбүлэнэҕит?” диэн ыйытыыларыгар: “Эһиги бастаан “Ханна барабыт, тугу көрөбүт?” диэхтээххит. Тэлиэгэни ат иннигэр киллэримэҥ. Харчы, тырааныспар боппуруоһун кыайдаххытына кыайыаххыт, суох буоллаҕына – суох. Кыаллары уонна табыллары толкуйдааҥ”, – диэн сүбэлээтэ.

Кырдьык, төрөппүт араас буолар. Ким эрэ баҕарбытын да иһин, сатаан уйуммат. Эбэтэр сорохтор экскурсияҕа барартан аккаастанан, Турцияҕа баралларын ордороллор. Итиннэ Александр Константинович туспа көрүүлээх:

– Атын дойдуну кэрийии омсолоох. Бастакытынан, наһаа дьэрэкээн олоҕу көрөн кэлэллэр, дьиҥнээҕи буолбатах. Иккиһинэн, оҕолор бастаан бэйэлэрин төрөөбүт дойдуларын билиэхтээхтэр.

 

Ийэ тыл күүһэ – хомоҕой хоһооҥҥо

Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Александр Николаевич Жирков сийиэскэ тыл этэригэр ийэ тылга уһуйааччылар төһө кыалларынан туох баар ньыманы, албаһы барытын туттуохтаахтар диэбитэ.

Дьокуускай куорат 12-с  №-дээх оскуолатын саха тылыгар уонна литературатыгар учуутала Клара Борисовна Ксенофонтова “Уус-уран ааҕыынан уол оҕону уһуйуу” бырайыактаах. “Элик бэртэрэ”, “Эркин” уонна “Эр хоһууннар” диэн уолаттар бөлөхтөрүн дьарыктыыр. Оҕолор куораттааҕы, өрөспүүбүлүкэтээҕи ааҕыыларга, араас күрэхтэргэ ситиһиилээхтик кытталлар, өрүү миэстэлэһэллэр. Ону сэргэ, бэһис кылаастары кыыс, уол диэн араарбакка уран тылга уһуйар. Дэлэгээттэр Клара Борисовна үөрэнээччилэрэ Сэмэн Данилов “Олоҥхо оҕотобун” айымньытын дорҕоонноохтук ааҕан доргуппуттарын хайҕаатылар.

– Кэтээн көрдөххө, оҕолор ордук орто сүһүөххэ кэлэн нууччалыы саҥараллар. Ол эрээри кылаас таһынааҕы ааҕыыны тэрийэн, хоһоону дорҕоонноохтук ааҕарга үөрэтиинэн куорат оҕотун сахалыы тыыҥҥа үөрэтиэххэ сөп диэн өр сыллаах үлэм түмүгэ көрдөрөр.

Хоһоон ааҕыыга үс сүрүн ирдэбиллээхпин. Бастакы таһым – куолаһы туһаныы. Ону оҕо үксэ сатыыр. Иккис таһым – туттуу-хаптыы. Үһүс, саамай үрдүк таһым – ити икки иннинээҕини сэргэ, хараҕынан тиэрдии. Ити үс таһымы баһылаабыт оҕо истээччини ытатыан да сөп, – диир кини.

Биллэн турар, ити үс таһымы ийэ тылынан толкуйдуур эрэ оҕо баһылыыр кыахтаах. Учуутал ону ситиһэргэ дьулуһар.

Клара Борисовна этэринэн, сорох оҕолор бастаан дьарыктанан саҕалыылларыгар нууччалыы тартаран эбэтэр сорох төрүт дорҕооннору чуолкайа суохтук саҥараллар. Ол эрээри хоһоон хомоҕой тылыгар уһуйуллан бардахтарына сахалыы ыраастык саҥара үөрэнэллэр, оннооҕор бэйэлэрин икки ардыларыгар ийэ тылларынан кэпсэтэр буолаллар. Ол аата уус-уран ааҕыы сүдү күүһэ итиннэ кистэнэ сытар.

 

Куорат курдук киэҥ сиргэ, туох да диэбит иһин, оскуола салалтата өйүүр, төрөппүт өйдүүр, үлэ ситимнээхтик ыытыллар буоллаҕына эрэ, сахалыы эйгэ тэриллэр, үлэ үтүө түмүктэнэр кыахтаах. Онуоха Дьокуускай куорат 12 №-дээх орто оскуолатын уопута үтүө холобур буолар.

 

Хаартыскаларга: сийиэс дэлэгээттэрин кытта көрсүһүү түгэннэрэ

Евдокия Михайловна Поликарпова, педагогическай наука доктора, профессор:
– Үгүс өттө нууччалыы эйгэлээх куорат оскуолаларыгар үлэлиир саха тылын, литературатын, төрүт култуура учууталларын норуот сарсыҥҥытын туруулаһа сылдьар байыастар диэн ааттыахха сөп. 
Мин икки тыллаах куорат эйгэтигэр саха оҕотун ийэ тылга, төрөөбүт литератураҕа, төрүт култуураҕа уһуйар, таһаарыылаахтык үлэлиир оскуолалары холобурдуохпун баҕарабын. Ол курдук, 31-с №-дээх оскуолаҕа Л.Ф. Молукова оҕо тыйаатырын үлэлэтэр, саха суруйааччыларын айымньыларынан испэктээктэри тиһигин быспакка туруорар. 12-с оскуолаҕа К.Б. Ксенофонтова сахалыы ааҕыыны көҕүлүүр, оҕолору хоһоону дорҕоонноохтук ааҕыыга дьарыктыыр ситимнээх үлэни ыытар. Маны сэргэ, 2-с оскуола, Дьокуускай куораттааҕы национальнай гимназия үлэлэрин биһириибин.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....