24.06.2024 | 17:21 | Просмотров: 659

Куорат олохтоохторун болҕомтотугар: Ойууру уоттан харыстааҥ

Ойуур баһаарын 80% киһи буруйдаах: өртөөһүн, бөҕү уматыы, умуруоруллубатах табах.
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Ойуур баһаарын төрүөтэ буолбат туһуттан хас биирдии киһи баһаартан сэрэхтээх буолуу ирдэбиллэрин булгуччу тутуһуохтаах. Чуолаан, бас билэр, туһанар тутууларыгар олохтоох бэйэни салайыныы уорганынан бигэргэтиллибит баһаары умуруорар тэрил баар буоларын хааччыйахтаах. Ойуурга уот турбутун бэлиэтии көрөр түгэнигэр, суһаллык баһаарынай сулууспаҕа биллэрэргэ кыһаллыахтаах. Баһаарынайдар кэлиэхтэригэр диэри дьону, малы-салы быыһыыр дьаһаллары ылыныахтаах, уоту умуорууга күүһүн ууруохтаах. Уоту кытта охсуһа кэлбит баһаарынай сулууспаҕа көмөлөһөр булгуччулаах.
Маны сэргэ бу түгэҥҥэ хас биирдии киһи судаарыстыбаннай баһаарынай надзор дуоһунастаах сирэйдэрин дьаһалын толоруохтаах. Арассыыйа федерациятын сокуонунан олохтоммут бэрээдэгинэн судаарыстыбаннай баһаарынай хонтуруол дуоһунастаах сирэйдэригэр бас билэр эбэтэр туһанар тутуутугар чинчийиини уонна бэрэбиэркэни ыытар кыаҕы биэриэхтээх.

Санатар буоллахха, ойуурга баһаартан сэрэхтээх буолуу быраабылатын кэһии РФ Административнай буруйу оҥоруу кодексатын 8.2 ыстатыйатынан биирдиилээн киһиэхэ 15 тыһ. солкуобайтан 30 тыһ. солкуобайга диэри ыстараап көрүллэр; дуоһунастаах сирэйдэргэ - 30 тыһ. солкуобайтан 50 тыһ. солкуобайга диэри; юридическэй сирэйдэргэ - 100 тыһ. солкуобайтан 400 тыһ. Солкуобайга диэри, диэн иһитиннэрэр Дьокуускай куорат прокуратурата.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Егор Слепцов: "Хейтердэртэн иммунитеттаах киһибин"
Дьон | 02.09.2026 | 18:30
Егор Слепцов: "Хейтердэртэн иммунитеттаах киһибин"
Егор Слепцов 100-чэкэ киһилээх Орто Дойду диэн Муома улууһугар баар кыра бөһүөлэктэн төрүттээх.
Сибэккилээн бүппүт бархатцыны туһаҕа таһаарар 8 ньыма
Сонуннар | 02.09.2026 | 16:00
Сибэккилээн бүппүт бархатцыны туһаҕа таһаарар 8 ньыма
Бу сибэккини Саха сирин олохтоохторо сайын аайы сөбүлээн үүннэрэбит. Ол эрээри күһүн үгүстэр үргээн ылан, бөххө утаараллар. Оттон уопуттаах оҕуруотчуттар тугун да бырахпаттар – туһатын бэркэ билэн эрдэхтэрэ.
Сулустар тугу кэпсииллэр: атырдьах ыйын 31 – балаҕан ыйын 6 күннэрэ
Сонуннар | 31.08.2026 | 13:50
Сулустар тугу кэпсииллэр: атырдьах ыйын 31 – балаҕан ыйын 6 күннэрэ
Бараан Нэдиэлэ саҕаланыыта олус тыҥааһыннаах, онон тулуурдаах буол, быһаччы дьайыылары оҥорума. Ханнык да түгэҥҥэ санааҕын түһэримэ. Чэппиэргэ үлэҕэр үтүө уларыйыылар буолуохтарын сөп. Саҥарыаҥ иннинэ толкуйдаа, аны иирсээн тахсыа диэн сулустар сэрэтэллэр. Өрөбүллэргэ өйдүүн-санаалыын сынньан, күүстэ-сэниэтэ мунньун.   Оҕусчаан Санаа түһүүтүттэн босхолон. Бу нэдиэлэҕэ идиэйэлэргин тута ылымматаллар даҕаны, хас биирдии көҕүлээбит этииҥ...
“ФЕРМА КЫРГЫТТАРА” ырыа быйыл 45 сааһын туолла
Дьон | 31.08.2026 | 19:00
“ФЕРМА КЫРГЫТТАРА” ырыа быйыл 45 сааһын туолла
Сэмэн Данилов тылларыгар, Иван Иванов матыыбыгар “Ферма кыргыттара” хит буолбут ырыа быйыл 45 сааһын туолла.