17.08.2022 | 16:00 | Просмотров: 715

Куорат олохтоохторун «Барбекю FEST» бэстибээлгэ ыҥыраллар

«Ассоциация гостеприимства РС (Я)» ресторатордар, отельердар уонна туризм национальнай ассоциациялара атырдьах ыйын 28 күнүгэр 12.00 чаастан «Атласовтар уһаайбалара» этническэй комплекс территориятыгар ыытыллар «Барбекю FEST» бэстибээлгэ ыҥырар.
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Тэрээһин «Вкус Якутии» гастрономическай бэстибээл чэрчитинэн ыытыллар. Бэстибээлгэ бастыҥ  барбекю бүлүүдэлэргэ күрэх, дегустация, атыы-дьаарбаҥка, итиэннэ муусука уонна саататар бырагыраама күүтэллэр.

Тэрийээччилэр бэлиэтээбиттэринэн, бэстибээл киин куорат территориятыгар уулуссаҕа аһааһын култууратын сайыннарар уонна чопчу биир көрүҥ бородууктаттан астаммыт бүлүүдэлэри киэҥник тарҕатар сыаллаах. Итини таһынан, асчыттар уонна уопсастыбаннай аһылык тэрилтэлэрин идэтийбит таһымнарын үрдэтэр сорук турар.

Бэстибээл аан бастаан 2018 сыллаахха ыытыллыбыта.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр:  нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Сонуннар | 03.11.2026 | 15:00
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр: нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Владимир Путин нэһилиэнньигэ суох өлбүт дьон үптэрин-харчыларын уонна баайарын-дуолларын судаарыстыба бас билиитигэр биэрии бэрээдэгин олохтуур сокуоҥҥа илии баттаабыт.