12.09.2023 | 13:00

Куорат олохтоохторун Бүтүн Арассыыйатааҕы сүүрүүгэ ыҥыраллар

Дьокуускай олохтоохторун балаҕан ыйын 16 күнүгэр «Кросс нации-2023» Бүтүн Арассыыйатааҕы сүүрүүгэ ыҥыраллар.
Куорат олохтоохторун Бүтүн Арассыыйатааҕы сүүрүүгэ ыҥыраллар
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Сүүрүү балаҕан ыйын 16 күнүгэр «Юность» стадионтан саҕаланыаҕа.

Олохтоох дьаһалта Физическэй култуураҕа уонна спортка управлениетын информациятынан, Бүтүн Арассыыйатааҕы сүүрүү кыттыылаахтарын регистрацията  09:00 чаастан 11:30 чааска диэри ыытыллар. Тэрээһин үөрүүлээх аһыллыыта 11:30 чааска буолар, кросс 12:10 саҕаланар.

Күрэхтэһиигэ ким баҕалаах, Арассыыйа гражданина кыттар кыахтаах. Хас биирдиилэригэр нүөмэр бэриллэр.

Кыттааччылары сааһынан көрөн бөлөхтөргө араараллар:

- кыргыттар уонна уолаттар (2011 сыллааҕы төрүөхтэр уонна онтон кыралар) – 1 км эбэтэр 2 км (тэрийээччилэр быһаарыыларынан);

- кыргыттар уонна уолаттар (2009-2010 сыллааҕы төрүөхтэр), кыргыттар уонна уолаттар (2006-2008 сыллааҕы төрүөхтэр), дьахталлар уонна эр дьон (2005 сыллааҕы төрүөхтэр уонна онтон аҕа саастаахтар) – 2 км.

Салайааччылар ортолоругар туспа сүүрүү ыытыллар, дистанцията – 2 км.

1-кы, 2-с уонна 3-с миэстэҕэ тиксибит кыттааччылар мэтээллэринэн уонна грамоталарынан наҕараадаланыахтара.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....