Куорат олохтоохторо – арыгы туочукаларын утары
Көрсүһүүгэ предпринимательство, эргиэн уонна туризм миниистирин бастакы солбуйааччыта Максим Карбушев, Дьокуускай куорат Дууматын бэрэссэдээтэлин эбээһинэһин толорооччу Евдокия Евсикова, Уопсастыбаннай палаата бэрэстэбиитэллэрэ кытыннылар.
Куорат баһылыга Евгений Григорьев арыгы атыытын аҕыйатарга уонна ити эйгэҕэ сокуону кытаатыннарарга туох үлэ ыытыллыбытын иһитиннэрдэ уонна көрдөрдө. Кини арыгы атыытын усулуобуйатын бэрээдэктиир 171 №-дээх федеральнай сокуон туһунан сиһилии кэпсээтэ.
«Дьокуускай куорат Дууматын кытта бииргэ үлэлээһин түмүгүнэн социальнай эбийиэктэртэн уонна элбэх кыбартыыралаах дьиэлэртэн арыгыны атыылыыр сирдэри тэйитэри ситистибит. Ити муниципалитет эппиэтинэһигэр сыһыаннаах», - диэн бэлиэтээтэ Евгений Григорьев.
Сокуон уларыйыытыгар олоҕуран, Губинскай уокурукка баар 5 бородуукта маҕаһыыныттан лицензията суох пиибэни атыылыыр 4 маҕаһыын ити утаҕынан эргинэрин тохтотор.
Баһылык бэлиэтээбитинэн, арыгыны атыылыыр эбийиэк ыраатан биэрдэҕинэ кээмэйэ (иэнэ) улаатыахтаах. Иэнин уларытыытын быһаарар боломуочуйалаах уорганынан Ил Түмэн буолар.
«Сымыйа-кафелар үлэлэрин тохтоторго эбийиэк иэнин 100 кв. миэтэрэҕэ диэри улаатыннарар туһунан сокуоҥҥа уларыйыы киириэн наада», - диэн быһаарда баһылык.
Уокурук олохтоохторо итирдэр утахтары атыылыыр сирдэртэн сылтаан буруйу оҥоруу элбээбитин бэлиэтээтилэр. Билиҥҥи туругунан манна 18 уопсастыбаннай аһылык пууна – эрэстэрээннэр, кафелар, сымыйа-кафелар, ону таһынан 16 алкомаркеттар бааллар.
Олохтоохтору кытта көрсүһүү түмүгүнэн Ил Түмэн нөҥүө сокуоҥҥа уларытыылары киллэриини көҕүлүүр быһаарыы ылылынна.