Куорат маршруттарыгар оптуобус ахсаана 250-ҥа тиийэ элбиэҕэ
Киин куорат уопсастыбаннай тырааныспара күһүҥҥү графикка көһөргө бэлэмнэнэр. Куорат маршруттарыгар оптуобус ахсаана 250-ҥа тиийэ элбиэҕэ. Бу туһунан бэнидиэнньиккэ ыытыллыбыт куорат уопсай планеркатыгар суол-тырааныспар сулууспатын салайааччыта Эдуард Садовников иһитиннэрдэ.
ЯПАК тэрилтэ графиктарын толоруулара 94% тэҥнэспит, «Союз Авто» чааһынай тиэйээччилэр – 78%. 18-с, 25-с, 16-с уонна 19-с №-дээх маршруттар ордук куһаҕаннык сылдьаллара бэлиэтэнэр.
Маны сэргэ, балаҕан ыйыттан 19 саҥа оптуобус куорат маршруттарыгар тахсарга бэлэмнэнэр.
Евгений Григорьев аныгыскы нэдиэлэттэн саҥа үөрэх дьыла саҕаланар, онон уопсастыбаннай тырааныспар ноҕурууската улаатарын бэлиэтээтэ. Баһылык бу нэдиэлэҕэ оптуобустар санитарнай уонна тэхиньиичэскэй туруктарыгар, валидатордар үлэлэригэр сыһыаннаах кэккэ боппуруостары быһаарарга сорудахтаата. Маны таһынан Олохтоох дьаһалта оскуолаларга киирэр суолларга ураты болҕомтону уурар.
Хаартыска: yakutskcity.ru