18.11.2021 | 13:00

Куорат маастар-былаанын оҥорууга бэлэмнэнии саҕаланна

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Дьокуускайга куорат маастар-былаанын оҥорорго Бүтүн Арассыыйатааҕы куонкуруска бэлэмнэнии саҕаланна. Куорат баһылыга Евгений Григорьев маастар-былаан үлэтин тэрийээччилэри, Москватааҕы «Центр» стратегическай сайдыы Агентствотын бэрэстэбиитэллэрин кытта мунньахтаата.  Бу туһунан Уокуруктааҕы дьаһалта пресс-сулууспата иһитиннэрдэ. 
Көрсүһүүгэ куораты тутууга уонна тырааныспар инфраструктуратыгар Департамент салайааччыта Северина Архипова, Дьокуускай куорат кылаабынай архитектора Семен Сергеев, СӨ Баһылыгын иһинэн үлэлиир архитектура уонна куораты тутуу Управлениетын,  СӨ «Целевой фонд будущих поколений» НКО бэрэстэбиитэллэрэ кытыннылар. 
Москваттан кэлбит оробуочай бөлөх үс күн устата чинчийиилэри ыытыахтаах, аналитическай матырыйааллары хомуйан сайдыы сүрүн кыаҕын, ону сэргэ куорат кыһалҕалаах учаастактарын быһаарыахтаах. Чинчийиллибит матырыйааллар Бүтүн Арассыыйатааҕы аһаҕас куонкурус кыттыылаахтарыгар маастар-былааны оҥорорго бэриллэллэр. Куонкурус түмүгэр үс киһи тахсыахтаах, онтон кыайыылаах талыллыахтаах. 
Евгений Григорьев өрөспүүбүлүкэ киин куоратын туһунан информацияны иһитиннэрдэ, Саха сирин Ил Дарханын Дьокуускай 2032 сылга диэри сайдыытын туһунан Ыйааҕын тоһоҕолоон бэлиэтээтэ. Куорат баһылыга матырыйаал хомуйарга Дьокуускай территориятын улахан аҥаара сэттис тыастаах зонаҕа (седьмая шумовая подзона) киирэрин болҕомтоҕо ылалларын курдук көрдөстө. «Куорат иһигэр уонна кытыытыгар элбэх учаастак ууга барар зоналарга түбэһэр. Биэрэги көмүскүүр тутуу оҥоһуллар боппуруоһа быһаарыллар», – диэн бэлиэтээбит  Евгений Григорьев.
Итини таһынан, Дьокуускайга элбэх кыбартыыралаах хаарбах туруктаах мас дьиэлэргэ олорор 40-ча тыһыынча киһини көһөрөр боппуруос сытыытык турар. Ити ураты суолталааҕын бэлиэтээн туран, Евгений Григорьев Уокуруктааҕы дьаһалта киинтэн 17-с кыбартаалга көһөр былаанын этии быһыытынан киллэрибитин санатта. 
«Муниципальнай бырагыраама чэрчитинэн 2022 сылга ити кыбаарталга үс мас дьиэ көтүрүллүөҕэ. 7-с тыастаах подзонанан сибээстээн итиннэ олорор дьиэлэри тутуу бобуллар, онон биһиги куорат дьаһалтатын саҥа дьиэтин тутары былаанныыбыт», — диэбит куорат баһылыга.
Куорат киинигэр турар билиҥҥи дьиэтигэр нэһилиэнньэни приемнуур уопсастыбаннай киин оҥоһуллара былааннанар. 
Сэтинньи 17 күнүгэр куорат баһылыга Евгений Григорьев Дьокуускай маастар-былаанын оҥоруу саҕаламмытыгар анаммыт пресс-конференцияҕа спикер быһыытынан кыттыбыт. Тэрээһин онлайн көрүҥүнэн ТАСС Пресс-киинигэр уонна «Сахамедиа» Медиа-кииҥҥэ ыытылынна. Пресс-конференция спикердарынан өрөспүүбүлүкэ Ил Дархана  Айсен Николаев, СӨ Баһылыгын иһинэн үлэлиир архитектура уонна куораты тутуу Управлениетын салайааччыта,  өрөспүүбүлүкэ кылаабынай архитектора Ирина Алексеева буоллулар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
«Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэ сүрэхтэннэ
Сонуннар | 23.10.2024 | 10:05
«Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэ сүрэхтэннэ
Ааспыт нэдиэлэҕэ Дьокуускай куорат Хатас нэһилиэгин «Кэрэчээнэ» уһуйаанын төрүт култуураҕа уһуйааччыта В.Н. Старкова «Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэтин сүрэхтэниитэ киин куорат 24 уһуйааныттан уонна Горнай улууһуттан барыта 50 истээччи кыттыылаах буолан ааста. Тэрээһин алгыстаах алаадьынан, мустубут ыалдьыттарга уһуйаан ис тутулун, «Айыы ыллыга» барыл хайысхаларын, ол хайысхаларынан иитээччилэр үлэлэрин билиһиннэрииттэн...