06.06.2022 | 18:00 | Просмотров: 694

Куорат кытыытыгар өрөмүөннэнэр суоллар

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

2022 сылга, «Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар» национальнай бырайыак чэрчитинэн, куорат кытыытыгар 13,6 км уһуннаах 8 уулусса өрөмүөннэниэҕэ диэн иһитиннэрдэ Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата.  
Өрөмүөннэнэр суоллар испииһэктэригэр Пригороднай сэлиэнньэтин Центральнай, Хатас сэлиэнньэтин Ленин уонна Октябрьскай, Киллэм сэлиэнньэтин Уваровскай, Табаҕа сэлиэнньэтин Каландаришвили (2 учаастак), Кангалаас дьоҕус оройуонун Нагорнай, Марха дьоҕус оройуонун Мархинскай уулуссалара, итиэннэ Хатас сэлиэнньэтигэр элбэх оҕолоох ыаллар кыбаарталларыгар тиийэр суол тутуута киирдилэр. 
Түһэрсиллибит хантыраактарга олоҕуран, Киллэм сэлиэнньэтин Уваровскай, Хатас сэлиэнньэтин Ленин уонна Октябрьскай уулуссаларыгар бэдэрээччитинэн «РИК Автодор» АУо буолла. Хас биирдии эбийиэктэрин уһуна – 1 км. 
Кангалаас дьоҕус оройуонун Нагорнай уулуссатын саҥардан оҥорууну «Дорстрой» ХЭТ ыытыаҕа, үлэ кээмэйэ – 0,502 км.
«Альянс-2005» ХЭТ 5 км Хатас сэлиэнньэтигэр элбэх оҕолоох ыаллар кыбаарталларыгар тиийэр суолу тутуоҕа. 
Табаҕа сэлиэнньэтин Каландаришвили (2 учаастак) (1,1 км.), Пригороднай сэлиэнньэтин Центральнай (1,7 км.) уонна Марха дьоҕус оройуонун Мархинскай уулуссаларыгар (2,2 км.) өрөмүөн үлэтин «РИК Автодор» АУо ыытыаҕа.
Үөһэ этиллибит эбийиэктэртэн, бүгүҥҥү күннээҕи туругунан, суол үлэтэ Пригороднай сэлиэнньэтин Центральнай уонна Табаҕа сэлиэнньэтин Каландаришвили уулуссаларыгар бара турар. 
Ол курдук, Пригороднай сэлиэнньэтин Центральнай уулуссатыгар массыына сылдьар суолун аспааллааһына түмүктэннэ. Уулуссаны сырдатыы, суол бэлиэлэрин туруоруу хаалла. Бэдэрээтчит «РИК Автодор» АУо тротуардары оҥорууну саҕалаата. 
Табаҕа сэлиэнньэтин Каландаришвили уулуссатыгар сир балаһатын кэҥэтии, суол таҥаһын уонна уу турбаларын оҥоруу ыытыллар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Кулун тутар 8 күнүгэр «Король» такси кэрэ аҥаардарга босхо айаны бэлэхтиир!
Сонуннар | 08.03.2026 | 08:00
Кулун тутар 8 күнүгэр «Король» такси кэрэ аҥаардарга босхо айаны бэлэхтиир!
- Эчикийэ, үчүгэйин! - ⁠Тоҕо бэрдэй! Бу ханна? «Киин куорат» ааҕааччыларын бу сааскы, чаҕылхай күнүнэн эҕэрдэлээн туран, киһиэхэ үтүө сыһыан, сылаас  болҕомто тула сэһэргэһиини сэргээҥ диэн ыҥырар. ... Бүгүн кулун тутар 8 күнэ. Ол аата Роберт Григорьевич төрөөбүт күнэ. "Буруйдаах" киһи быһыытынан кини бүгүн хаһааҥҥытааҕар да эрдэ туран, гарааһын оһоҕун...
Эрэллээх хампаанньаҕа түбэһии – дьиэ акылаатын тэҥэ
Сонуннар | 04.03.2026 | 10:52
Эрэллээх хампаанньаҕа түбэһии – дьиэ акылаатын тэҥэ
Халлаан сылыйан, күн уһаан, тутуу кэмэ саҕаланара бу кэллэ. «Киин куорат» ааҕааччыларын ыйытыыларыгар бу нэдиэлэҕэ Дьиэ кэргэн уонна Уһук Илин ипотекаларынан 2020 сылтан үлэлиир «Сэргэ» тутуу хампаанньата хоруйдуур.
Эл Иэнэ:  «Өссө ыарахан кэмнэр кэлиэхтэрэ. Саха сирэ онно бэлэмэ суох...»
Сынньалаңңа | 04.03.2026 | 17:00
Эл Иэнэ: «Өссө ыарахан кэмнэр кэлиэхтэрэ. Саха сирэ онно бэлэмэ суох...»
Алена Дьяконова кэрэ айылҕалаах Нам Түбэтиттэн төрүттээх. Төрөөбүтүн туһунан сибидиэтэлистибэтигэр да, пааспарыгар да аата ё буукубата суох суруллубут. Онон чараас эйгэҕэ киирэригэр атын ааты ылына сатаабатаҕа, Эл Иэнэ диэн бэйэтэ тахсан кэлбитэ.
Ырыа, сэһэн аргыстаах ыраах айан суоппара
Дьон | 07.03.2026 | 18:30
Ырыа, сэһэн аргыстаах ыраах айан суоппара
1980 сыллаахха Амма Эмис нэһилиэгиттэн төрүттээх, баара эрэ 20 саастаах эдэркээн Сергей Игнатьев Баайаҕа кыыһа Светлана Варламовнаны кэргэн ылан, Ытык Күөлгэ көһөн тиийэр. Ол кэмтэн элбэх уу суккуллан ааста.