Куорат киинигэр турар арт-эбийиэги кырааскалаатылар
Куорат уокуруктарын уонна нэһилиэктэрин салайааччылара «Московскай» эргиэн киинин иннинээҕи сквери ыраастаатылар уонна «Я люблю Якутск» диэн суруктаах арт-эбийиэги кырааскалаатылар. Субуотунньукка баһылык Евгений Григорьев эмиэ кытынна.
Киин уокурук управатын салайааччыта Айсен Куличенко бэлиэтээбитинэн, уокуруктар уонна нэһилиэктэр салайааччылара кэмиттэн кэмигэр куораты тупсарыыга субуотунньуктары көҕүлээн ыыталлар.
«Бүгүн бэйэбит баҕабытынан Московскай сквер иннигэр турар ыскамыайкалаах арт-эбийиэги кырааскалаатыбыт. Бу күннэргэ аны атын учаастактарга тахсан, өрөмүөн үлэтин ыытыахпыт», - диир Айсен Куличенко.
Санатар буоллахха, 2017 сылга Олохтоох дьаһалта «Я люблю Якутск!» диэн суруктаах инсталляцияҕа күрэх биллэрбитэ. 2018 сыллаахха бу күрэх кыайыылааҕа «Восток+» эдэр архитектордар бөлөхтөрүн үлэтэ Московскай сквергэ Дьокуускай куорат төрүттэммитэ 386 сылынан туруоруллубута, диэн иһитиннэрэр Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата.