Куорат күнүн көрсө сылаас тохтобуллар, тиэргэн территориялара уонна воркаут-балаһааккалар аһыллыахтара
Үөрүүлээх тэрээһиннэргэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев, куорат баһылыга Евгений Григорьев, баһылык солбуйааччылара Антон Алексеенко, Владимир Аржаков кыттыахтара.
Балаҕан ыйын 8 күнүгэр саҥа сылаас тохтобуллар Окружной шоссеҕа – «Авторынок «Лера» (Дзержинскэй уулуссатын диэки барыыга), Пригороднай сэлиэнньэҕэ – Центральнай уулуссаҕа «Пригороднай» арыллыахтара.
Эмиэ бу күн куорат олохтоохторун Автодорожнай уокурук Чкалов уул., 1, Крупская уул., 21, 23, Автодорожнай уул., 40/5, 40/6, Көтөр фабрикатын уул., 6, 7 аадырыстарыгар тиэргэн территорияларын аһыллыытыгар ыҥыраллар.
Итиэннэ балаҕан ыйын 8 күнүгэр Пригороднай сэлиэнньэҕэ, Покровскайдыыр тракт 5 км уонна Хатас сэлиэнньэтигэр, Владимировка бөһүөлэккэ воркаут-балаһааккалар аһыллыахтара.
Балаҕан ыйын 9 күнүгэр Сайсары уокуругугар (Бүлүүлүүр суол 5 км Окружной шоссе диэки хайысхатыгар) «3-я Борисовка» сылаас тохтобулу, Автодорожнай уокурук Сэргэлээхтиир суол уул., 1 воркаут-балаһаакканы үөрүүлээх быһыыга-майгыга арыйыахтара.
Балаҕан ыйын 10 күнүгэр Гагарин уокуругун Можайскай уулуссатыгар («Стерх» СК территориятыгар) воркаут-балаһаакка аһыллыаҕа.