Куорат күнүгэр саҥа бырайыактар олоххо киирдилэр
Куорат Күнүгэр Дьокуускайга уонна куорат уокуругар киирэр нэһилиэнньэлээх пууннарга саҥа бырайыактары олоххо киллэриигэ үөрүүлээх тэрээһиннэр буоллулар.
Ол курдук, Ил Дархан Айсен Николаев уонна куорат баһылыга Евгений Григорьев «Тиэргэн территорияларын тупсаран оҥоруу» эбийиэк үөрүүлээх аһыллыытыгар (Лермонтов уул., 25/2) кытыннылар.
«Саҥа балаһааккаҕа маннык бэлэхтэн үөрбүт-көппүт оҕолору көрөр үөрүүлээх. Киһи олоҕо дьиэтиттэн, тиэргэниттэн саҕаланар. Тиэргэн иһинээҕи территория төһө тупсаҕай оҥоһуулааҕыттан киһи ис туруга кытта тутулуктаах», – диэн бэлиэтээтэ Айсен Николаев.
Санатан эттэххэ, быйыл Ил Дархан өйөбүлүнэн 15 тиэргэн территорията тупсарылынна, оттон эһиил 45 буолуохтаах.
«Бу күннэргэ Дьокуускай куорат 2032 сылга диэри сайдыытын туһунан ыйаахха илии баттаатым. Ыйаах быһыытынан 300 итинник тиэргэн тутуллуоҕа, өссө 150 кыбартаал иһинээҕи территория. Ити барыта ситтэҕинэ ирбэт тоҥҥо турар Дьокуускай аан дойду бастыҥ куората буолуоҕа», – диэтэ Ил Дархан.
Итини сэргэ бу күн тиэргэн территориятын тупсарыытын эбийиэгэ Автодорожнай уул., 40/7 аһылынна. Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ сылдьан олохтоохтору Дьокуускайдааҕы куорат Думатын бэрэссэдээтэлэ Альберт Семенов уонна куорат баһылыгын солбуйааччы Егор Кардашевскай эҕэрдэлээтилэр.
Бу күн Автодорожнай уокурукка өссө биир эбийиэк – Воинскай уул., 1 дьиэ тиэргэнэ тупсарыллан бүтэн үлэҕэ киирдэ.