31.08.2022 | 16:00

Куорат күнүгэр бэлэмнэнии салҕанар

Куорат баһылыга Евгений Григорьев атырдьах ыйын 30 күнүгэр Дьокуускай куорат төрүттэммитэ 390 сылыгар бэлэмнэнии тэрийэр хамыыһыйатын уочараттаах мунньаҕын ыытта. Бу туһунан Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Куорат күнүгэр бэлэмнэнии салҕанар
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Мунньахха Олохтоох дьаһалта структурнай салааларын салайааччылара балаҕан ыйын 1-11 күннэригэр ыытыллар бырааһынньыктааҕы тэрээһиннэргэ бэлэмнэнии хаамыытын билиһиннэрдилэр.

Куорат күнүн көрсө Гагарин уокуругар «Северная сказка» саҥа оҕо уһуйаана, Птицефабрика уул., 6, 7, Крупская уул., 21, 23, Чкалов уул., 1, Автодорожнай уул., 40/5, 40/6 тупсарыллыбыт тиэргэн территориялара, итиэннэ воркаут-балаһааккалар, сылаас тохтобуллар аһыллыахтара. Куорат күнүгэр үгэс быһыытынан Дьокуускай куораты төрүттээбит Петр Бекетов, Семен Дежнев уонна губернатор Иван Крафт пааматынньыктарыгар сибэкки дьөрбөтүн ууруохтара.

Олохтоох дьаһалта Култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга управлениетын начаалынньыга Индира Ли бырааһынньыктааҕы сүрүн тэрээһиннэри билиһиннэрдэ. Тэрээһиннэр 5 балаһаакканан ыытыллыахтара – Кырдьаҕас куоракка, Карл Маркс аатынан сквергэ, Теплай күөлгэ, Култуура уонна сынньалаҥ пааркатыгар.

Киин куорат олохтоохторун уонна ыалдьыттарын киэҥ култуурунай бырагыраама – 70-тан тахса араас тэрээһин күүтэр. Ол курдук,  нон-стоп эрэсииминэн кэнсиэртэр, бэстибээллэр, куонкурустар, тематическай быыстапкалар, дьаарбаҥкалар, кинигэлэр сүрэхтэниилэрэ, маастар-кылаастар буолуохтара.

Итиэннэ балаҕан ыйын 8-11 күннэригэр федеральнай экспертэр кыттыылаах «Якутск 4.0.0 Старт» форум ыытыллыаҕа.

Куорат күнүн бэлиэтиир бырааһынньык салютунан түмүктэниэҕэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....