03.08.2022 | 12:00

Куорат инфраструктурата сайдар

Куорат баһылыга Евгений Григорьев, «Водоканал» АУо генеральнай дириэктэрэ Анатолий Кырджагасов атырдьах ыйын 2 күнүгэр 5 №-дээх уу ситимин уонна 3 №-дээх канализация коллекторын тутууларыгар сылдьан сүбэ-мунньахтаатылар. Бу туһунан Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Куорат инфраструктурата сайдар
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

«Водоканал» АУо генеральнай дириэктэрэ Анатолий Кырджагасов куорат баһылыгар тутуу кэмигэр көрсүбүт кыһалҕаларын иһитиннэрдэ. Итиэннэ суол балаһатын чөлүгэр түһэрии, аспааллааһын, тупсаран оҥоруу үлэтэ бу дьыл балаҕан ыйын    25 күнүгэр диэри түмүктэнэрин бэлиэтээтэ.

«Куорат хаһаайыстыбатын үлэлэтэр сулууспа» МХТ салайааччыта Владимир Аммосов информациятынан, Чернышевскай уулуссатыгар тротуардары, хааччахтары, бордюрдары оҥоруу былааннаммыт. Итини сэргэ уу сүүрдэр лотоктары ыраастыахтара.

Евгений Григорьев бэдэрээтчит тэрилтэ салалтатын кытта ууруллубут турбалары хаҥатыы, суол балаһатын чөлүгэр түһэрии боппуруостарын уонна тутуу учаастагар сир түһүүтүн туһунан кэпсэттэ.

Көһө сылдьар мунньах кэмигэр итини кытта үлэ түмүктэнэр болдьоҕун, санкцията суох ситимнэри таһаарыыны, территория таһыттан ууну ыытыыны уонна Чернышевскай уулуссатыгар тырааныспар сырыытын арыйыы туһунан дьүүллэстилэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...