Куорат Дууматын дьокутааттара бүддьүөккэ чуолкайдааһыны киллэрдилэр
Алтынньы 27 күнүгэр Куорат Дууматын 33-с уочараты таһынан сессиятыгар 2021 сыллааҕы уонна 2022-2023 сылларга былааннаммыт куорат уокуругун бүддьүөтүгэр уларыйыылары киллэрдилэр. Бу туһунан Уоруктааҕы дьаһалта пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Уокуруктааҕы дьаһалта үпкэ Департаменын начаалынньыга Ольга Максимова информациятынан, Куорат Дууматын быһаарыытын бырайыага 2021 сыллааҕы уонна 2022-2023 сыллардааҕы бүддьүөккэ уларыыйыны киллэрэр.
2021 сылга чуолкайдааһыны учуоттаан бүддьүөт дохуота 20 675 мөл. солк., ороскуот – 21 175 мөл. солк., олохтоох бүддьүөт дефицита – 500 мөл. солк. 2022 сылга бүддьүөт дохуота 18 812 мөл. солк., 2023 сылга 17 811 мөл. солк., 2022 сылга ороскуот – 18 812 мөл. солк., 2023 сылга ороскуот – 17 811 мөл. солк.
«2021 сылга бүддьүөт дохуота 1 252 мөл. солк. улааппыт, ол иһигэр 727 мөл. солк. бэйэ дохуота уонна 525 мөл. солк. төлөбүрэ суох киирии 8830 мөл. солк. тэҥнэһэллэр», – диэн бэлиэтээтэ Ольга Максимова.
Нолуоктан киирэр уонна нолуоктан ураты дохуоттар дааннайдарга олоҕуран, 2021 сылга дохуот туолуутун 9 ыйдаах түмүгү учуоттаан чуолкайданаллар.
2021 сылга төлөбүрэ суох киирии бигэргэтиллибит былаантан 525 мөл. солк. улааппыт уонна 11 845 мөл. солк. тэҥнэһэр, ол иһигэр маннык киириилэртэн:
- олохтоох бүддьүөт балансатын хааччыйааһыны өйүүр миэрэлэр дотациялара – 220 мөл. солк.
- субсидиялар – 16 мөл. солк.;
- субвенциялар – 216 мөл. солк.;
- атын бүддьүөт икки ардыларынааҕы трансфертар – 66 мөл. солк.;
- уоннааҕы төлөбүрэ суох киирии – 7 мөл. солк.
2021 сылга олохтоох бүддьүөт дефицитын эбии дохуот киириитин суотугар (олохтоох бүддьүөт туолуутугар 280 мөл. солк. киирбит, ол эбэтэр Бүддьүөт кодексатын 92.1 ыстатыйатын чэрчитинэн 500 мөл. солк. эбэтэр бэйэ дохуотун сыллааҕы уопсай кээмэйиттэн 5,7 %) намтатар этии киирбит.
«2021 сылга бүддьүөт ороскуота 972 мөл. солк. улаатар, ол иһигэр бүддьүөт икки ардыларынааҕы трансфертар 518 мөл. солк. уларыйыыларын суотугар уонна олохтоох бүддьүөт 454 мөл. солк. ороскуотунан, ороскуот уопсай кээмэйэ 21 175 мөл. солк. тэҥнэһэр», – диэн бэлиэтээтэ Ольга Николаевна.
«О бюджете городского округа «город Якутск» на 2021 год и на плановый период 2022 и 2023 годов» куорат Дууматын быһаарыытын бырайыага үгүс куолаһынан ылылынна уонна бастакы ааҕыыга көрүллэр буолла.