Куорат Дууматыгар сис хамыыһыйа мунньаҕа ыытылынна
«Эдэр ыаллары дьиэнэн хааччыйыы» бырагыраама сыл бастакы аҥаарыгар туолуутун туһунан «Дьиэ-уот сыһыаннаһыыларын департамена» МХТ дириэктэрэ Евгения Пак иһитиннэрдэ.
Кини эппитинэн, бырагыраама олоххо киириитин чэрчитинэн, дьиэ оросчуоттаммыт сыанатыттан 30-35%-наах социальнай төлөбүр бэриллэр. Үбүлээһин федеральнай, өрөспүүбүлүкэтээҕи уонна олохтоох бүддьүөттэртэн кэлэр. Бырагыраама олоххо киирэригэр 2022 сылга 61,7 мөл солкуобай, ол иһигэр 33,4 мөл солкуобай олохтоох бүддьүөттэн көрүллүбүт.
«Көрүллүбүт үбүлээһиҥҥэ олоҕуран 2022 сылга социальнай төлөбүрү ылар испииһэккэ 25 дьиэ кэргэн бигэргэтилиннэ. От ыйын 1 күнүгэр Биэдэмистибэлэр икки ардыларынааҕы хамыыһыйа 4 ыалы эбии киллэрдэ, онон уопсайа 29 дьиэ кэргэн бигэргэтилиннэ, 27 сертификат туттарылынна. Икки ыал докумуона оҥоһулла сылдьар. Холбоһуктаах испииһэккэ барыта 375 ыал баар», — диэн иһитиннэрдэ Евгения Пак.
Кини 2020 сылтан докумуонннары туттарарга e-yakutia.ru судаарыстыбаннай өҥө регионнааҕы порталыгар суруттарыллар диэн иһитиннэрдэ.
«Ыччат. Дьиэ кэргэн. Спорт. 2020-2024 сылларга чэгиэн куорат» муниципальнай бырагыраама олоххо киириитин туһунан Олохтоох дьаһалта Уопсастыбаннай сибээстэргэ уонна ыччат бэлиитикэтигэр управлениетын начаалынньыгын эбээһинэһин толорооччу Андрей Михайлов иһитиннэрдэ.
Кини сыл бастакы аҥаарыгар 34 мөл солкуобай бүддьүөт үбүлээһинэ бигэргэтиллибитин уонна барыта туттуллубутун бэлиэтээтэ.
«Быраап култууратын үрдэтэр видеоролик оҥоһулунна, “МЭР” дьыалабыай оонньуу, “Мин — Арасыыйа патриотабын”, “Өйдөбүнньүк чүмэчитэ”, “Туймаада ыһыаҕын” чэрчитинэн ыччат тэрээһиннэрэ уо.д.а. ыытылыннылар», — диэн кэпсээтэ Андрей Михайлов.
Физическэй култуураҕа уонна спортка управление салаатын начаалынньыга Иннокентий Макаров «Ыччат. Дьиэ кэргэн. Спорт. 2020-2024 сылларга чэгиэн куорат» муниципальнай бырагыраама чопчуламмыт былаана 27,5 мөл солкуобай суумалаах диэн иһитиннэрдэ.
Сириэстибэ куораттааҕы физкультура уонна спорт официальнай тэрээһиннэрин, үөрэтэр-эрчийэр хомуурдары ыытыыга, Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурук күрэхтэһиилэригэр кыттарга анаммыт.
Отчуокка этиллибитинэн, 2022 сыл алта ыйын иһигэр 40 спорт маассабай тэрээһинэ ыытыллыбыт, онно 10 тыһыынчаттан тахса киһи кыттыбыт.
«2022 сыл алта ыйын түмүгүнэн Дьокуускай куорат хомуур хамаандалара өрөспүүбүлүкэтээҕи, Бүтүн Арассыыйатааҕы турнирдарга уонна чемпионаттарга 239 бириистээх миэстэҕэ тигистилэр: улахан дьоҥҥо — 156, үөрэнээччилэргэ — 83 мэтээл», — диэн бэлиэтээтэ Иннокентий Макаров.