27.01.2023 | 18:00

Куорат дьонугар дьоһун эбийиэк

Куорат дьонугар дьоһун эбийиэк
Ааптар: Айталина Софронова
Бөлөххө киир

Ахсынньы ый бүтүүтэ киин куорат Гагарин уокуругар бассейннаах, аһаҕас катоктаах физкультурнай-чэбдигирдэр комплекс аһыллыбыта. Сэттэ тыһыынча квадратнай миэтэрэ иэннээх эбийиэк «Газпром — оҕолорго» бырагырааманан тутуллубута. 
Соторутааҕыта социальнай ситимнэргэ «катокпут сайын биирдэ арыллар үһү», «ититиитин биэрэ иликтэр үһү», «быйыл үлэҕэ киирбэт үһү» диэн сурах барбытын истэн, эбийиэги илэ харахпытынан көрөргө сананныбыт.

Күн бэҕэһээ комплекс дириэктэрэ Петр Черкашинныын көрсөн, эбийиэги тиийэммит көрдүбүт, хаартыскаҕа түһэрдибит. Туох-ханнык үлэ бара турарын сурастыбыт.

Бэлиэтээн эттэххэ, саҥа эбийиэк «Чолбон» бассейн хааһынатыгар киирэр, СӨ спордун министиэристибэтигэр бас бэринэр.

Уопсайа сэттэ тыһыынча квадратнай миэтэрэ иэннээх икки этээстээх комплекска искусственнай муустаах катоктаах, алта балаһалаах киэҥ да киэҥ бассейннаах.

«Тутуу үлэтэ барыта түмүктэнэн турар”,– диир Петр Черкашин. Чахчы, үлэ барыта бүппүт. Этэргэ дылы, күн сарсын да арыйар кыахтаахтар эбит.

Алта тардыылаах бассейн уута-хаара, итиитэ барыта оҥоһуллубут. Уута дьэп-дьэҥкир, уу ыраастыыр тэриллэрэ барыта таҥыллан тураллар, ат сүүрдэр киэҥ уораҕай иһэ ып-ыраас. Доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолорго да, улахан дьоҥҥо да аналлаах көһө сылдьар «подъемник” баара хайҕаллаах. «Куорат атын бассейннарыгар маннык суох”,– диэн Петр тоһоҕолоон бэлиэтиир.

Каадырынан хааччыллыы хайдаҕый, идэлээх исписэлиистэр бааллар эбит дуо?

Билигин спорт комплексыгар каадыр боппуруоһа быһаарылла турар. Сыл саҥатыттан уопсайа сүүстэн тахса резюме киирэн турар, вакансия «Чолбон” бассейн саайтыгар барыта ыйаммыта. 

Хоккейга икки тренер буолуоҕа – биир тренер түөрт бөлөҕү дьарыктыыр, бөлөххө 14-түү оҕо сылдьар. Шорт-трекка эмиэ маннык гынан баран, бөлөххө 12 оҕо буолуоҕа. Ону таһынан чэбдигирэр бөлөх баар, манна 7 инструктор баар буолуоҕа, бу иһигэр өссө доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолору дьарыктыыр икки анал исписэлиис ирдэнэр. Бу икки тренер холбоон 240 оҕону дьарыктыахтаахтар. Адаптивнай дьарыкка түөрт бөлөх буолар, манна биир инструктор 32 оҕону дьарыктыыра быһаарыллан турар.

 

Улахан да киһи дьарыктанарыгар, оҕолор даҕаны доруобуйаларын чэбдигирдинэллэригэр усулуобуйа барыта тэриллибит. Куорат кииниттэн наһаа тэйиччитэ суох буолан, оптуобуһунан даҕаны холкутук айаннаан тиийиэххэ сөп эбит.

 

Саҥа чэбдигирдэр комплекска «4», «14», «20», «41» «102» маршрут оптуобустарынан тиийиэххэ сөп.

 

Ол эрээри оптуобус тохтобула арыый тэйиччи эбит. Бу боппуруоһу Дьокуускай куорат тырааныспарга департамена болҕомтоҕо ылыан наада курдук. Оптуобус тохтобула чугаһа буоллар, нэһилиэнньэ кыһыннары-сайыннары харгыһа суох айаннаан тиийиэн сөп.

Петр, ким баҕалаах кэлэн дьарыктанар дуо? Бөлөхтөр барыта туолбуттара диэн сурах баар.

Манна ким баҕалаах кэлэн дьарыктанар кыахтаах. Бэлиэтээн этиэхпин баҕарабын, оҕолору сүүмэрдээһин үлэтэ өссө саҕалана илик. 

Сыаната төһө буоларый?

Сыана ханна баҕарар эбийиэк иэниттэн көрөн быһыллар. Ититиигэ төһө үп барарыттан, сырдатыыга төһө уот туттулларыттан көрөн анал бырагыраама ааҕар.

Физкультурнай-чэбдигирдэр комплекс аатын толкуйдуурга күрэх биллэрбиккит.

— Саайтарынан, социальнай ситимнэринэн биллэрии ыытаммыт, 200-тэн тахса этии киирбитэ. Үксэ «Чолбон”, “Дохсун”, “Модун” диэн тылларга майгыннатан толкуйдаабыттар. Ол иһигэр отуттан тахса киһи “Белое озеро” диэн ааттааҥ диэбит. Санаан көрдөххө, чахчы, олус барсар быһыылаах.

— Күн сарсын да киирэн дьарыктанан барыахха сөп курдук үлэ барыта үмүрүтүллүбүт дии, эчи, сылааһа, киэҥэ-куоҥа...

Кэлэр ыйтан үлэлиир сыаллаах-соруктаах олоробут. Ис-тас үлэтэ барыта бэлэм, докумуон үлэтэ хаалан турар.

Петр, маннык бөдөҥ эбийиэги салайары итэҕэйбиттэринэн эҕэрдэлиибит уонна катоккут мууһун курдук кытаанах санаалаах, бассейҥҥыт уутун курдук ыраас ыралаах буолууну баҕарабыт!

Махтал! Түгэнинэн туһанан өрөспүүбүлүкэбит үрдүкү салалтатыгар махталбытын биллэрэбит. Сөптөөх кэмҥэ Ил Дархан Айсен Николаев  федеральнай былаастары кытта норуотун туһугар кэпсэтии ыытан, сүүрэн-көтөн, наадалаах эбийиэги олоххо киллэрдэ. Бу биһиги нэһилиэнньэбит чөл олоҕу тутан, спордунан дьарыктанан уһун үйэлэнэрин уонна чөл туруктаах сылдьарын туһугар ананар.

Этэн аһардахха, Уһук Илин атын регионнарыгар маннык баараҕай спорт эбийиэгэ суох, баар да буоллахтарына, тарбахха баттанара буолуо.

 

Саха сирин спордун дуорааннаахтык ааттатар киэҥ кэскиллээх объект тутуллубут. Аҕыйах сылынан мантан өрөспүүбүлүкэҕэ аатыран, аан дойдуга биллэр спорт сулустара иитиллэн тахсыахтара турдаҕа.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...