18.08.2022 | 18:00

Куорат дьокутааттара тиэргэннэр өрөмүөннэрин бэрэбиэркэлээтилэр

Атырдьах ыйын 16 күнүгэр Дьокуускай куораттааҕы Дуума Бэрэссэдээтэлэ Альберт Семенов кыттыылаах көһө сылдьар мунньах ыытылынна диэн Дуума пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Куорат дьокутааттара тиэргэннэр өрөмүөннэрин бэрэбиэркэлээтилэр
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Дьокутааттар тиэргэн территорияларын тупсаран оҥорууну, итиэннэ уопсастыбаннай туоналар, пааматынньыктар туруктарын бэрэбиэркэлээтилэр.

Ол курдук, көһө сылдьар мунньах кыттыылаахтара Можайскай уул., 17/5 уонна 17/6, Кузьмин уул., 26/3 уонна 28/3, Лермонтов уул., 138/1 уонна 138/3, Лермонтов, уул., 156 нүөмэрдэригэр сылдьан тиэргэннэри тупсаран оҥоруу хаамыытын кытта билистилэр.

Бэдэрээтчик иһитиннэрбитинэн, урукку бүрүөһүнү көтүрүү, чөҥөчөктөрү түөрэн ылыы, сорох сиринэн буорун уларытыы, бордюр таастарын ууруу уонна ууну сүүрдэр лотоктары оҥоруу үлэтэ түмүктэммит. Билиҥҥи туругунан аспааллааһын, тротуардары уонна бордюрдары ууруу ыытыллар. Аччыгый архитектурнай пуормалар – ыскамыайкалар, хачыаллар уонна ууруналар атыылаһыллыбыттар. Итилэри балаҕан ыйыгар туруораллар.

«Тиэргэн территорияларын тупсаран оҥорууга элбэх үп көрүллүбүтэ.  Үлэ график быһыытынан баран иһэр, алтынньы бүтэһигэр түмүгүн көрүөхпүт», — диэтэ Дьокуускай куораттааҕы Дуума Бэрэссэдээтэлэ Альберт Семенов.

Кэрийэн көрүү кэмигэр дьокутааттар Кыайыы пааркатын, Учууталлар Бульвардарын, Семен Дежнев уонна Абакаяда пааматынньыктарын туруктарын бэрэбиэркэлээтилэр. Түмүккэ Дуума дьокутааттара Олохтоох дьаһалтаҕа пааматынньыктар, мемориальнай дуоскалар уонна да атын өйдөбүнньүк бэлиэлэрин биир кэлим реестрдарын оҥорорго сүбэлээтилэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...