05.06.2024 | 23:53

Куорат былааһа суут буолбатах, ол эрээри үгүһү быһаарар кыахтаах

Куорат былааһа суут буолбатах, ол эрээри үгүһү быһаарар кыахтаах
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Куорат баһылыга Евгений Григорьев гражданнары кытта уочараттаах көрсүһүүтэ сүрүннээн тус сыаллаах боппуруостары быһаарыыга ананна.
Куорат олохтооҕо Валентина О. баһылыкка олорор дьиэ кыһалҕатынан кэлбит. Чуолаан дьиэлээх хаһаайын дьиэ кэргэнин сорох чилиэннэрин бииргэ олорон мунньуммут баайдарыгар-дуолларыгар киирсэр кыбартыыраларыттан таһаарбыт. Кинини суукка үҥсэргэ сүбэлээтилэр, тоҕо диэтэххэ куорат былааһа маннык ис хоһоонноох боппуруоһу быһаарар боломуочуйата суох.
Анал байыаннай дьайыы кыттыылааҕын дьиэ кэргэнин чилиэнэ Елена Ч. сир учаастагар наадыйар. Кинини от ыйыгар сир учаастактарын уочараттаах тыырыыга кэлэ сылдьарыгар ыҥырдылар.
Губинскай уокурук урбаанньыттарын сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Нина Барашкова Оҕо айымньытын дьиэтигэр Ф.И. Авдеева саҕана курдук оҕолору кытта үлэлиир методическай киини тэрийэр туһунан этиилээх кэлбит. Нина Афанасьевна итини сэргэ бэтэрээн баһаатайдары «Дьокуускай куорат иннигэр үтүөлэрин иһин» мэтээлинэн наҕараадалыыр уонна Губинскай уокурукка мас олордуутугар методическай көмө наадатын туһунан көрдөһүүлэрдээх.
Евгений Григорьев наҕараадаҕа түһэриллээччилэр докумуоннарын хомуйа охсон туттарарга сүбэлээтэ. Оттон мас олордуутун боппуруоһугар дендролог Екатерина Павлованы кытта тиксиһиннэриэхтэрэ, диэн иһитиннэрэр Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...