Куорат баһылыгын Граныгар сайаапкалары ылыы саҕаланна
Дьокуускай куорат баһылыгын Граныгар сайаапкалары ыам ыйын 29 күнүгэр диэри ылаллар. Граҥҥа социальнай хайысхалаах кэммиэрсийэтэ суох (СО НКО) тэрилтэлэр кыттан, Дьокуускай куорат бүддьүөтүттэн үбүлэнэр тэрээһиннэри ыытар кыахтаахтар.
Номинациялар:
- Оҕолорго, олох очуругар түбэспит араҥаҕа аналлаах социальнай, аһымал бырайыактар;
- Арыгыны, наркотигы утары үлэ, чөл олоҕу, спорду, патриотическай иитиини пропагандалааһын;
- Култуураны уонна искусствоны сайыннарар бырайыактар.
Грант кыттыылаахтарыттан ирдэнэр докумуоннар:
- Сайаапка (положения конкурса.pdf);
- Тэрилтэ Устаабын куоппуйата;
- Баан реквизиттэрэ.
Сайаапкалары уонна докумуоннары Дьокуускай куораттааҕы Ыччат политикатыгар уонна уопсастыбаннай сибээскэ управление тутар: Дьокуускай к., Ленин пр., 15, 423-с кэб., үлэ күннэригэр 09.00 - 18.00 чч., эбиэккэ тохтобул: 13.00 - 14.00 чч.
Сиһилии информацияны 40-80-36 төлөпүөнүнэн эбэтэр grant_yakutsk@mail.ru электроннай аадырыһынан билсиэххэ сөп (/upload/Положение грантов Главы Якутска.pdf).