27.12.2023 | 10:00

Куорат баһылыга сыл барыллаан түмүктэрин таһаарда

Куорат баһылыга Евгений Григорьев, уопсастыбаннаһы кытта көрсүһүүгэ быйылгы сыл барыллаан түмүктэрин таһаарда. Бу туһунан кини telegram-ханаалыгар иһитиннэрдэ.
Куорат баһылыга сыл барыллаан түмүктэрин таһаарда
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Куорат баһылыга бэлиэтээбитинэн, үлэ түмүгэ куһаҕана суох, сороҕо оннооҕор рекорднай. Ол курдук, куоракка икки оскуола уонна үс спорт объега тутулунна, 38 аадырыска тиэргэн өрөмүөннэннэ (үс сыл иһигэр 128) уонна 13 оскуолаҕа хапытаалынай өрөмүөн оҥоһулунна.

Итини таһынан, Евгений Григорьев иһитиннэрбитинэн, олорор дьиэ тутуутугар сыллааҕы былаан толорулунна – 350 тыһыынча квадратнай миэтэрэ тутулунна, 29 км суол өрөмүөннэннэ, уон сылаас тохтобул туруорулунна уонна 40 оптуобус саҥардылынна.

Итини сэргэ, мэр 2024-2026 сыллары куорат инфраструктуратын сайдыытын үс сылынан биллэрбитин иһитиннэрдэ.

Бу сылларга уопсастыбаннай тырааныспар инфраструктуратын, гаастааһыны сайыннарыыга, ардах уутун сүүрдэр канализацияны, куорат кытыытыгар ыраастыыр тутуулары уонна уунан хааччыйыы систиэмэтин, уулусса сырдатыытын тэрийиигэ күүстээх үлэ ыытыллыаҕа.

«Бу, Дьокуускай маастар-былаана олоххо киириитин чэрчитинэн 2030 сылга диэри, куорат нэһилиэнньэтин олоҕун хаачыстыбатын үрдэтии акылаата буолар», – диэтэ куорат баһылыга.

Итини таһынан, Евгений Григорьев өрөспүүбүлүкэ киин куоратын туруу үлэһиттэрин наҕараадалаата, ол иһигэр, «Дьокуускай үлэҕэ килбиэнэ» мэтээли Маҕан сэлиэнньэтин муниципальнай тиэргэн хомуйааччытыгар Николай Вензельга уонна Олохтоох дьаһалта бочуоттаах грамотатын киин куорат Гражданскай оборонаҕа уонна ыксаллаах быһыыга-майгыга управлениетын быыһааччыта Илья Андреевка туттарда.

 

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...