16.01.2023 | 16:04

Куорат баһылыга суруналыыстары эҕэрдэлээтэ

Куорат баһылыга суруналыыстары эҕэрдэлээтэ
Ааптар: Айыына ДОНСКАЯ
Бөлөххө киир

Олохтоох дьаһалтаҕа Арассыыйа Бэчээтин күнүгэр анаммыт үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ куорат баһылыга Евгений Григорьев информацияны киэҥник тарҕатар тиһиктэр салайааччыларын уонна үлэһиттэрин эҕэрдэлээтэ.

Куорат баһылыга эҕэрдэ тылыгар суруналыыстарга буола турар түбэлтэлэри кэмигэр сырдаталларын, былаас уорганнарыгар түргэнник хамсанарга, быһаарыылары ылынарга кыах биэрэллэрин иһин махталын биллэрдэ.

«Уопсастыбаннай диалог улахан суолталаах, ити суруналыыстыка баар буолан оҥоһуллар. Бүгүн ханнык баҕарар былаас аһаҕас буолуохтаах, нэһилиэнньэ уларыйа сылдьар ирдэбиллэригэр түргэнник хоруйдуохтаах, кириитикэҕэ сөптөөхтүк сыһыаннаһыахтаах. Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтата информацияны киэҥник тарҕатар тиһиктэри кытта бииргэ үлэлээһин  улахан суолталааҕын өйдүүр уонна суруналыыстары кытта үлэлиир, комментарийдары, быһаарыылары суһаллык биэрэр чопчу сыаллаах», - диэн бэлиэтээтэ Евгений Григорьев.

Идэлээх бырааһынньыктарынан кэллиэгэлэрин «Информационнай технология киинэ» МХТ дириэктэрин солбуйааччыта Любовь Сыроватская эҕэрдэлээтэ.

«Биһиги биир уопсай дьыаланы – хас биирдии куорат олохтооҕор кырдьыктаах информацияны кэмигэр тиэрдиини оҥоро сылдьарбыт үөрүүлээх. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ Суруналыыстарын сойууһугар, куонкурус хамыыһыйатын чилиэннэригэр, үлэбитин үрдүктүк сыаналаан, «2022 сыл Бастыҥ пресс-сулууспата» анал бирииһин туттарбыккыт иһин улахан махталбын тиэрдэбит. Эһиги үрдүк сыаныбылгыт пресс-сулууспабыт хамаандатын саҥа бырайыактары оҥорорго, кырдьыктаах информацияны куораппыт олохтоохторугар өссө суһаллык тиэрдэргэ көҕүлүүр», - диэн бэлиэтээтэ Любовь Сыроватская.

Евгений Григорьев куорат социальнай-экономическэй сайдыытыгар кылааттарын, өр сыллаах таһаарыылаах үлэлэрин иһин суруналыыстарга,  өрөспүүбүлүкэтээҕи информацияны киэҥник тарҕатар ситимнэр сүрүн эрэдээктэрдэригэр наҕарадаалары туттартаата.

Харда тылы Саха информационнай агентство эрэдээктэрин солбуйааччы Екатерина Иванова эттэ. Кини Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспатын ситиһиилэринэн эҕэрдэлээтэ уонна хаачыстабылаах үлэлэрин, аһаҕастарын, суруналыыстары кытта өрүү сибээскэ сылдьалларын иһин махтанна.

Үгэс быһыытынан, Бэчээт күнүгэр сылын аайы ыытыллар суруналыыстар куораттааҕы күрэстэрин түмүгэ таҕыста.  2022 сыллааҕы куонкурус улахан үбүлүөйгэ – Дьокуускай куорат төрүттэммитэ 390 сылыгар ананна.

Суруналыыстар бастыҥ үлэлэрэ түөрт номинациянан быһаарыллар – хаһыат, телевидение, араадьыйа, интэриниэт-сонуннар. Суруналыыстар куораттааҕы куонкурустарын кыайыылаахтарынан буоллулар:

«Хаһыат нөҥүө бастыҥ ыстатыйалар (ыстатыйалар сериялара» номинацияҕа – «Киин куорат» хаһыат кэрэспэдьиэнэ Розалия Алексеева (Томская)
«Бастыҥ телесюжет (телесюжеттэр сериялара)» номинацияҕа – «Саха» Национальнай көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньа «Бу Дьокуускай» телевизионнай бырагырааматын эрэдээктэрэ Светлана Элякова
«Бастыҥ радиосюжет (радиосюжеттэр сериялара)» – «Саха» Судаарыстыбаннай телерадиохампаанньа араадьыйанан биэриигэ сулууспатын начаалынньыга, «Дойду тэтимэ» биэрии ыытааччыта Иннокентий Киренскэй
«Бастыҥ интэриниэт-сонуннар» –«Комсомольская правда – Якутия» сетевой таһаарыы кэрэспэдьиэнэ Михаил Горохов.

Кэллиэгэлэрбитин үрдүк ситиһиигитинэн «Киин куорат» хаһыат эрэдээксийэтин уонна ааҕааччыларын аатыттан истиҥник эҕэрдэлиибит!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....