29.08.2022 | 15:00

Куорат баһылыга "Россия24" ханаалга быһа эпииргэ таҕыста

Куорат баһылыга Евгений Григорьев бүгүн, атырдьах ыйын 29 күнүгэр, "Россия 24» ханаал «Куораты кытта быһа эфир» биэриитигэр кытынна.
Куорат баһылыга "Россия24" ханаалга быһа эпииргэ таҕыста
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Баһылык «Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар» национальнай бырайыак олоххо киириитин, тиэргэн территорияларын тупсарыыны, оттук сезонугар уонна саҥа үөрэх дьылыгар бэлэмнэниини, итиэннэ Дьокуускай куорат төрүттэммитэ 390 сылыгар ыытыллар тэрээһиннэр тустарынан кэпсээтэ уонна куорат олохтоохторун ыйытыктарыгар хоруйдаата.  

 

Быһа эпииргэ киирбит ыйытыылартан:

 

23-с оскуола таһыгар 3 маҕаһыын арыгы атыытынан дьарыктанар. Мин көрдөхпүнэ 300 м чугастар. Бу маҕаһыыннар ыраах буолалларын ким ааҕан таһаарарый?

Икки хонугунан саҥа дьаһалбыт үлэлиэҕэ, онно этиллэринэн, арыгы атыылыыр маҕаһыын оҕо тэрилтэтиттэн 300 м ыраах туруохтаах. Аны туран “лжекафелар” диэннэр бааллар, Ил Түмэни кытта үлэлэһэн, сотору 75 оннук кафены сабыахпыт дии саныыбын. ИДьМ бэрэбиэркэлиир, Предпринимательство министиэристибэтэ үлэлиир. Биһиги куорат өттүттэн тутулуктааҕы барытын оҥордубут.

Куорат олохтоохторо миэхэ социальнай ситимнэргэ суруйуоххутун сөп, ЕДДС-ка, ИДьМ-ҥа, Предпринимательство министиэристибэтигэр үҥсүөххүтүн сөп.

 

Крупская уулуссата хаһан оңоһуллуоҕай?

Быйыл кутуу эрэ ыытылынна. Национальнай бырайыак былааныгар киирбитэ. Чуолкай күнүн-дьылын биллэриэхпит.

 

Стадухин уул., 80/2 тиэргэммит өрөмүөн испииһэгэр "резерв" диэҥҥэ киирбит этэ. Ол аата эһиил оҥоһуллар дуо?

Резервэҕэ киирбит буоллаххытына өрөмүөн оҥоһуллуон сөп. Билигин чуолкай аадырыстарынан эппэппин, үлэһиттэрбит тахсан быһаарыахтара.

Быйыл Уһук Илиҥҥэ үлэлиир бырагырааманан, 75 тиэргэни оҥордубут. Кэнники уон сыл устата маннык элбэх тиэргэн өрөмүөннэнэ илигэ. Кэлэр сылга 30-тан тахса тиэргэн оҥоһуллуохтаах.

 

Мархаҕа Лобановка уулуссаҕа хаһан гаас киириэҕэй? Нам суолун уҥа өттө, 10 км.

Быйыл Нам суолун 13 км уҥа өттүгэр гаас киирдэ. Гаас ситимин аһардар кыаҕа намыһах, ону үрдэтэргэ тустаах тэрилтэлэргэ элбэх үлэ ыытыллар. Онтон салгыы гаас ситимэ хайаан да тардыллыахтаах. Эһиги уулуссаҕыт хас сыллаах былааҥҥа турарын биллэриэхпит.

 

Быһа эфиргэ кыайан киирбэтэх ыйытыктары баһылыкка тиэрдэллэр.  

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...