16.08.2021 | 10:00

Куорат баһылыга президеҥҥэ Дьокуускай таһынааҕы балаһыанньа туһунан биллэрдэ

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Евгений Григорьев ууга барааһын уонна ойуур баһаардарын содулларын туоратыыга анаммыт Арассыыйа президенэ Владимир Путин ыыппыт мунньаҕар кытынна. Дойду салайааччыта аэропорт саҥа балаһата Бе-200 сөмөлүөттэри түһэрэргэ туттулларын туһунан эттэ. 
Куорат баһылыга Дьокуускайга буруонан сибээстээн балаһыанньа уустугун туһунан иһитиннэрдэ. Хойуу буруонан сибээстээн, 41 киһи доруобуйатын туруга мөлтөөн, мэдиссиинискэй өҥөнөн туһаммыт. Кини эппитинэн, Дьокуускай кыраныыссатыгар ойуур баһаарын бохсутууга үлэ ыытыллар, 90 киһи уонна 9 тиэхиньикэ үлэлииллэр. 
Президент туох эбии көмө нааданый диэн ыйытыгар Евгений Григорьев маннык хоруйдаабыт: «Авиацияны кэтэһэбит. Уу кутар бөртөлүөт үлэбитин чэпчэтиэ этэ. Үлэ ыраах, тиийэргэ уустук сирдэргэ ыытыллар».
«Евгений Николаевич, Эн көрдөһүүгүнэн бэҕэһээ Ростехнадзор, Росавиация салайааччыларын уонна тырааныспар миниистирин кытта кэпсэппитим. Кинилэр Бе-200 сөмөлүөт түһэригэр уһун балаһаны туттар боппуруоһу быһаарыахтара, биллэн турар, куттал суох буоларын курдук бары ирдэбиллэри тутуһан туран», — диэтэ Владимир Путин.
Маҥан сэлиэнньэтин таһынааҕы ойуур баһаарыгар, күн-дьыл сөп түбэстэҕинэ, уу кутар бөртөлүөттэр үлэлиэхтэрэ. РФ ЫБММ баһылыга Евгений Зиничев президеҥҥэ буруоннан сибээстээн билиҥҥи туругунан авиацияны туттар кыах суоҕун бэлиэтээтэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Дьон | 07.11.2024 | 12:00
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Оҕото анараа сырыттаҕына, бааһырыы ыллаҕына, хайа ийэ сүрэҕэ долгуйбат, санааҕа ылларбат буолуоҕай. Оттон кини сибээскэ тахсыбатаҕына, олох да утуйар ууларын умналлар, үрдүк айыылартан эрэ көрдөһөн, кинилэргэ эрэ эрэнэн сылдьаахтыыллар.   Анал байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан элбэх киһи олоҕо тосту уларыйда. Этэргэ дылы “ол иннинэ” уонна “ол кэнниттэн” диэн икки аҥы арахсыбыта. Лена...
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьон | 07.11.2024 | 10:00
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьүөгэм, урукку кэллиэгэм: “Биһиэхэ группаҕа  Александра Дмитриевна диэн 85 саастаах үҥкүүлүүр, ыллыыр, фитнескэ сылдьар, куорат бэтэрээннэрин хамсааһыныгар биир да тэрээһини көтүппэт уопсастыбанньык, олоххо олус көхтөөх көрүүлээх ытык кырдьаҕас баар. Билигин эдэр дьону кытта Бухара-Самарканд-Ташкент күүлэйдээн кэллэ”, – диэбитин соһуйа иһиттим.  Итинник эриэккэс киһини кытта хайаатар да көрүстэхпинэ сатанар диэн, бириэмэтин...