Куорат баһылыга Хатаска ыалдьыттаата
Бэҕэһээ куорат баһылыга Сардана Авксентьева Хатаска тиийэ сырытта. Көһө сылдьан үлэлиир мунньах кыттыылаахтара “Куттала суох уонна хаачыстыбалаах айан суоллара” национальнай бырайыак чэрчитинэн ыытыллыбыт үлэ түмүгүн көрдүлэр, уулуссалары сырдатыы туһунан кэпсэттилэр. Ону таһынан спорт комплексын тутуу, П.Н. уонна Н.Е. Самсоновтар ааттарынан оскуолаҕа сир учаастагын биэрии, о.д.а. тыын боппуруостары таарыйдылар.
Быйыл Хатаска Аржаков уонна Совхозная уулуссалар ресайклинг диэн аныгы ньыманан өрөмүөннэннилэр. Куорат баһылыгын бастакы солбуйааччы Евгений Григорьев эппитинэн, быйыл кэлэр сылга үлэҕэ киириэхтээх элбэх оҕолоох ыаллар кыбаарталларыгар киирэр-тахсар суолу кутан саҕалыахтара.
“Бу микрооройуоҥҥа бэһис категориялаах, ол эбэтэр кутуу суол оҥоһуллуохтаах. Эһиил бөһүөлэк иһинээҕи атын уулуссалары грейдердиэхпит”, – диэн Сардана Авксентьева эбэн эттэ.
Хатаска уулуссалары тупсарыы күргүөмнээхтик ыытыллар. “Горсвет” МУТ дириэктэрэ Максим Машков иһитиннэрбитинэн, оптуобус тохтобула, ону таһынан ГИБДД поһуттан туоруур суолга сырдатыы үлэтэ барыаҕа.
“Сэтинньигэ диэри үлэлиэхпит. Ойуунускай уулуссатын, Малгина кыбаарталын тупсарыахпыт”, – диэтэ тэрилтэ дириэктэрэ.
П.Н. уонна Н.Е. Самсоновтар ааттарын сүгэр агротехнологическай хайысхалаах оскуола куорат салалтатыттан автодромҥа аналлаах икки сир учаастагын биэрэригэр көрдөһөр. Оччоҕо үөрэнээччилэр оскуоланы бүтэрэллэригэр тырахтарыыс уонна суоппар идэтин баһылаан тахсыахтара этэ. Сардана Авксентьева тустаах тэрилтэлэр бу боппуруоһу төһө кыалларынан түргэнник быһааралларыгар соруйда.
Олохтоохтор Каландарашвили уулуссатын өрөмүөнүн туһунан ыйыталастылар. Евгений Григорьев бу эбийиэк 2023 сылга “Куттала суох уонна хаачыстыбалаах айан суоллара” национальнай бырайыак чэрчитинэн оҥоһуллуоҕа диэн хоруйдаата.
Хатас олохтооҕо Валентин Соров куорат баһылыгар биэрэги бөҕөргөтөр тутуу барыбытын долгутар диэн эттэ. Куораты тутуу департаменын начаалынньыга Северина Архипова манна сыл аайы сэрэтэр миэрэ ылыллыахтаах диэтэ.
“Халаан уутуттан эмсэҕэлээбиттэри өйүүр бырагыраамаҕа киирэн, федеральнай үбүлээһиҥҥэ хапсар бырайыагы былаанныыбыт. Онно уу ылар сирдэри – Хатаһы, Табаҕаны, Пригороднайы, Тулагыны киллэриэхпит. Бырайыак олоххо киириэр диэри сэрэтэр үлэни эрэ ыытар кыахтаахпыт”, – диэн Северина Архипова тоһоҕолоон эттэ.
Куорат баһылыгын бастакы солбуйааччы Евгений Григорьев араас таһымнаах мунньахтар ыытыллыбыттарын, ол түмүгэр бүтүн даамбаны тутарга быһаарыныы ылбыттарын туһунан кэпсээтэ. “Маныаха икки сылга 14 мөлүйүөн солкуобай кэриҥэ үп-харчы тыырыллыаҕа”, – диэтэ кини.
Куорат баһылыга халаан уутуттан олохтоохторго куттал суоһаабатын туһугар биэрэги бөҕөргөтөр үлэ хонтуруолланарын бэлиэтээн эттэ.
Сардана Владимировна Хатаска спорт комплекса тутуллуохтаах сирин көрдө, нэһилиэк историятын музейыгар сырытта, Нохсоровтар дьиэ кэргэҥҥэ ыалдьыттаата.