Куорат баһылыга физическэй култуура уонна спорт сайдыытын тула мунньахтаата
Бэс ыйын 30 күнүгэр Дьокуускай куорат Уокуруктааҕы дьаһалтатыгар куоракка физическэй култуура уонна спорт сайдыытын тула мунньах ыытылынна. Мунньаҕы куорат баһылыга Евгений Григорьев салайан ыытта.
Тэрээһиҥҥэ СӨ физическэй култуураҕа уонна спортка миниистирин бастакы солбуйааччы Леонид Спиридонов, Дьокуускай куорат көҥүл тустууга Федерациятын Бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлэ Прокопий Иванов, куорат боксаҕа Федерациятын бэрэссэдээтэлэ Гаврил Парахин, куораттааҕы самбо Федерациятын Бэрэсидьиэнэ Фархат Садыков, СӨ сборнай хамаандаларын бэлэмниир өрөспүүбүлүкэтээҕи Киин дириэктэрэ Михаил Пахомов, Дьокуускай куораттааҕы оҕо спортивнай оскуолаларын бэрэстэбиитэллэрэ, баһылык солбуйааччылара уонна куорат дьаһалтатын структурнай салааларын салайааччылара кытыннылар.
Сүбэ-мунньах чэрчитинэн куорат территориятыгар спортивнай эбийиэктэр ситимнэрин сайыннарыы, эрдэҕэс оҕо ортотугар буруйу оҥоруу, оҕо спордун сайдар концепциятын уонна оҕо спортивнай лааҕырдарын тэрийии боппуруостара көрүлүннэ.
Мустубут дьон санаатын истэн баран куорат баһылыга Дьокуускай территориятыгар спортивнай эбийиэктэр ураты суолталаахтарын бэлиэтээтэ.
«Элбэх оҕону, эрдэҕэстэри уонна ыччаты спортка, чөл олоххо сыһыарар курдук хас биирдии уокурукка спортивнай эбийиэк баара ирдэнэр. Оччоҕо эрэ буруйу оҥоруу аччыан сөп», - диэтэ Евгений Григорьев.
Физическэй култуура уонна спорт Управлениетыгар 10 хонук иһигэр салгыы үлэлииргэ оробуочай суол каартатын оҥороллоругар уонна саҥа спортивнай саалалары үлэлэтэргэ этиилэри киллэрэллэригэр, күрэхтэһиилэри элбэтэллэригэр сорудах бэрилиннэ.
Итини сэргэ Евгений Григорьев быйыл куоракка 15 спортивнай балаһаакка уонна Күөх хонуу кытыытынан Чернышевскай уулуссатыгар спортивнай тэриллэр туруохтара диэн эттэ.
Былырыын куорат дьаһалтатын иһинэн тэриллибит физическэй култуура уонна спорт сайдыытын Уопсастыбаннай Сэбиэтэ ый аайы мунньахтыаҕа. Аныгыскы мунньах от ыйын бүтэһик күннэригэр ыытыллара былааннанар.