13.05.2021 | 13:50 | Просмотров: 663

Куорат баһылыга Евгений Григорьев инновация миниистирин кытта көрүстэ

Ааптар: Айталина Софронова
Бөлөххө киир

Бэҕэһээ  Евгений Григорьев СӨ инновацияҕа, цифровой сайдыыга уонна инфокоммуникационнай технологияларга миниистирэ Анатолий Семеновы кытта көрүстэ. Кэпсэтиигэ Дьокуускай куорат цифровой өҥөтүн коммуникациялааһын боппуруостарын дьүүллэстилэр. Ол курдук, муниципальнай өҥөлөрү барытын биир электроннай  систиэмэҕэ көһөрүү туһунан ырыттылар. 


Инновация миниистирэ Анатолий Семенов өрөспүүбүлүкэ «Оne Click Yakutia» порталын уонна  Дьокуускай куорат «Оne Click Yakutsk» порталын холбоон, биир кэлим портал оҥорорго этии киллэрдэ.
Маны таһынан баһылык уонна миниистир киин куоракка суотабай сибээс Билайн, МТС, Мегафон оператордарыгар сир учаастактарын туһунан боппуруоһу кэпсэттилэр, ИЖС пилотнай бырайыактарга оптоволоконнай линиялар тардыллыыларын дьүүллэстилэр.

Сонуннар

06.11.2026 | 19:00
Бэлэх

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Дьон | 01.11.2026 | 21:07
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Өбүгэ үгэһэ салҕанар.
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.