Куорат баһылыга Автодорожнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Атырдьах ыйын 25 күнүгэр куорат баһылыга Евгений Григорьев СӨ Баһылыгын Укааһын бырайыагар киирбит киин куорат 2022-2032 сыллардааҕы социальнай-экономическэй сайдыытын стратегиятын дьүүллэһии чэрчитинэн «Россия – Моя история» музейга олохтоохтору кытта көрүстэ.
Автодорожнай уокурукка 2021 сылга «Сквер выпускников» уонна «Сквер молодежи» тутуллуохтара, Сэргэлээхтиир шоссе 8 км воркаут-спортивнай балаһаакка туруоруллар. Бүгүҥҥү күҥҥэ Иван Кульбертинов уулуссатын 2/2 №-тэн Студенческай уулусса 13Г (Племхоз) диэри, Кольцевой 14-тэн 101 №-гэр диэри, Покровскайдыыр трактан Речевой оскуолаҕа диэри сырдатыыга 145 тирээбил туруорулла сылдьар. Итини таһынан, Птицефабрика уул., 10, Воинскай уул., 1, Автодорожнай уул., 40/7 №-гэр тиэргэн территориятын тупсарыы ыытыллар.
Евгений Григорьев киин куорат 2022-2032 сыллардааҕы социальнай-экономическэй сайдыытын стратегиятын чэрчитинэн Автодорожнай уокурукка 2022 сылга «Сквер любви» тутулларын, 5 тиэргэн – Автодорожнай уул., 40/1 уонна 40/6, Чкалов уул., 1, Птицефабрика, уул., 7, Крупскай уул., 21 уонна 23 №-дээх дьиэлэрин ыккардыгар, Сэргэлээхтиир шоссе, 1 км тупсаран оҥоһуллуохтаахтарын туһунан эттэ. Итини таһынан, Птицефабрика дьоҕус оройуонугар 19 №-дээх орто оскуолаҕа самалык, «Воинская часть» кыбартаалга 320 уонна 370 миэстэлээх оҕо уһуйааннара, 153-с кыбартаалга 990 миэстэлээх оскуола тутуллалларын иһитиннэрдэ. 2022 сылга Птицефабрика уул., 11 воркаут тэриллэрэ ситэриллиэхтээх.
«СӨ Баһылыгын киин куорат 2022-2032 сыллардааҕы социальнай-экономическэй сайдыытыгар бырайыагынан Автодорожнай уокурукка 2025 сылга диэри 18 элбэх кыбартыыралаах хаарбах дьиэлэртэн дьону көһөрүү, оҥоһуу муустаах сабыылаах каток уонна «Воинская часть» кыбартаалга 990 миэстэлээх оскуола тутуллара былааннанар. 2025 сылга диэри эбии 3 спортивнай воркаут-балаһааккалары уонна 9 тиэргэн территорияларын тупсарыыны оҥоруохпут», – диэтэ Евгений Григорьев.
Уокурук территориятыгар ураты болҕомто тутууга, уулусса-суол ситимин өрөмүөнүгэр уонна саҥардан оҥорууга ууруллар. Икки сыл тухары «Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар» национальнай бырайыак саҕаланыаҕыттан Дьокуускайга, Автодорожнай уокурукка уопсайа 4 км кэриҥэ уһуннаах Автодорожнай, Красильников, Иван Арбита, Хоринскай, Воинскай уулуссалар оҥоһуллан нуормаҕа эппиэттиир турукка киирбиттэр.
«Быйыл суол оҥоһуута Иван Кульбертинов, Иосиф Николаев, Студенческай, Нагорнай, Луговой уулуссаларга, Эргэ Покровскайдыыр тракка ыытыллар. Өрөмүөн уопсай уһуна 10 км тахса. Кэлэр сылга «Воинская часть» кыбартаалга, Речевой оскуолаҕа, «Птицевод» СОТ тиийэр суоллары уонна Тимирязев уулуссатын өрөмүөннүөхпүт», – диэн иһитиннэрдэ Евгений Григорьев.
Автодорожнай уокурук олохтоохторо куорат баһылыгыттан дьоҕус оройуоннар биир кэлим сайдыыларын, эбии оптуобус тохтобулларын оҥорооһуну, санитарнай туочукалары туруорууну уонна бөҕү тиэйиини, социальнай эбийиэктэр, элбэх кыбартыыралаах дьиэлэр өрөмүөннэрин туһунан ыйыталастылар. Евгений Григорьев бары ыйытыктарга сиһилии хоруйдаата. Уокурук олохтоохторо кинилэр кыһалҕаларыгар улахан болҕомто уурулларын иһин махталларын тиэртилэр.
Нэһилиэнньэни кытта көрсүһүүгэ баһылык солбуйааччылара, структурнай салааларын уонна муниципальнай тэрилтэлэр салайааччылара кытыннылар.