28.06.2021 | 16:59

Куорат баһылыга алкомаркеттары социальнай тэрилтэлэртэн тэйитэргэ эттэ

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Куорат баһылыга Евгений Григорьев алкомаркеттар уонна социальнай тэрилтэлэр икки ардыларын тэйитэргэ этии киллэрдэ. Ол туһунан Уокуруктааҕы дьаһалта пресс-сулууспата иһитиннэрдэ. 
Куораттааҕы уопсай планеркаҕа баһылык нормативнай-быраап  аакталарыгар уларытыыны киллэрэргэ сорудахтаабыт. 
Итини сэргэ кини билиҥҥи усулуобуйаны анаалыстыырга, итирдэр утахтары атыылыыр маҕаһыыннар уонна социальнай суолталаах тэрилтэлэр икки ардыларын улаатыннарар туһунан этиилэри киллэрэргэ сорудах биэрбит. 
Иһитиннэриигэ этиллэринэн, нормативнай-быраап  аакталарыгар уларытыы киллэрдэххэ итирдэр утаҕы атыылыыр сирдэр ахсааннарын аҕыйатыахха сөп эбит. 
«Бүгүҥҥү күҥҥэ куоракка 800-чэ маҕаһыын уонна алкомаркет хас хардыы аайы баарын олохтоохтор сөбүлээбэттэрин биллэрэллэр. Маннык атыы-эргиэн эбийиэктэрэ тэйиччи турар боппуруостарын быһаарарга көрдөһөбүн. Эрдэттэн суоттаан, сыаналаан, социальнай тэрилтэлэртэн тэйитэргэ хас эбийиэк сабыллыан сөбүн», - диэбит Евгений Григорьев. 
Ити боппуруоһу баһылыгы экэниэмикэҕэ уонна үпкэ солбуйааччы Георгий Гаврильев хонтуруоллуур.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...